«Биир ньыгыл Арассыыйа» Ил Түмэҥҥэ хандьыдааттарын үс гыммыт биирин уларытта
Барыллаан куоластааһын түмүгүнэн, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа Ил Түмэҥҥэ уонна Дьокуускай куорат Дууматыгар хандьыдааттарын састаабын үс гыммыт биириттэн тахсаны уларытта диэн Айсен Николаев пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр иһитиннэрдэ.
Ил Түмэҥҥэ барыллаан куоластааһыҥҥа кыайбыт хандьыдааттартан (биир мандааттаахтар уонна эрэгийиэннээҕи бөлөхтөргө бастакы нүөмэрдэринэн сылдьааччылар) – 70 киһиттэн 23-рэ билигин дьокутааттыы сылдьар дьон. Ол эбэтэр, Ил Түмэҥҥэ хандьыдаат састааба 70%-на саҥардыллыбыт.
Дьокуускай куораттааҕы Дуумаҕа барыллаан куоластааһыҥҥа кыайбыт хандьыдааттартан (биир мандааттаахтар уонна эрэгийиэннээҕи бөлөхтөргө бастакы нүөмэрдэринэн сылдьааччылар) – 30 киһиттэн 7-тэ билигин дьокутааттыы сылдьар дьон. Ол эбэтэр, куорат дууматыгар хандьыдаат састааба 80%-на саҥардыллыбыт.
— Биир мандааттаах хандьыдааттар номнуо быһаарылыннылар. Барыллаан куоластааһыҥҥа кыайбыт дьон быыбарга баартыйа аатыттан кыттыахтара. Ону тэҥэ, баартыйаттан испииһэктэр оҥоһулла сылдьаллар. Бэс ыйын 11 күнүгэр кэмпириэнсийэҕэ баартыйа испииһэгинэн барааччылар бигэргэниэхтэрэ, — диэн Ил Дархан эттэ.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: