Биир ойуур баһаара бохсулунна

Ааспыт сууккаҕа космостан уонна авиационнай кэтээн көрүү түмүгүнэн, Бүлүү улууһугар 4 гаа иэннээх сиргэ биир ойуур баһаара баара биллибит. Ойуур баһаарынай сулууспаларын уонна олохтоох нэһилиэнньэ волонтердарын түргэн уонна ситимнээх дьаһалларын көмөтүнэн, баһаар бохсулунна. Бу туһунан СӨ Суһал ыстааба иһитиннэрдэ.
От ыйын 12 күнүгэр 13 сөмөлүөт Горнай, Үөһээ Бүлүү, Ленскэй, Бүлүү, Мииринэй, Ньурба, Олүөхүмэ, Сунтаар, Уус-Маайа, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Уус-Алдан улуустарынан уонна Дьокуускай эргин көтөн, сири-уоту көрүөхтэрэ.
Сайын саҕаланыаҕыттан 62 964,55 гаа иэннээх сиргэ 342 айылҕа баһаарын умуруордулар, ол иһигэр уопсайа 56 488,55 гаа иэннээх ойуур пуондатын сирдэригэр 157 ойуур баһаара турбут.
Айылҕа баһаарын күөдьүппүт барыта 65 буруйдаах быһаарылынна, ойуурга баһаартан куттал суох буолуутун быраабылаларын кэһии иһин 136 боротокуол оҥоһулунна.
Баһаар сезона саҕаланыаҕыттан 56488,55 гаа иэннээх ойуур пуондатын сирдэригэр 157 ойуур баһаара, 6477 гаа иэннээх атын категориялаах сирдэргэ 185 ландшафтнай (айылҕа) баһаара бэлиэтэннэ. Тэҥнээн көрдөххө, былырыыҥҥы ити кэмҥэ уопсайа 1 497 019,3 гаа иэннээх сиргэ 636 ойуур баһаара, уопсайа 22 565,84 гаа иэннээх сиргэ 37 ландшафтнай (айылҕа) баһаара турбут.
Айылҕа баһаара тахсыбыт түгэнигэр Суһал ыстаап тута Эрэгийиэннээҕи ойуур хаһаайыстыбатын диспетчерскэй сулууспатыгар 7-4112-44-74-76 нүөмэргэ уонна ойуур харыстабылын нүөмэригэр 8-800-100-94-00 эрийэллэригэр ыҥырар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: