Биир ойуур баһаара бохсулунна

Share

Ааспыт сууккаҕа космостан  уонна авиационнай кэтээн көрүү түмүгүнэн, Бүлүү улууһугар 4 гаа иэннээх сиргэ биир ойуур баһаара баара биллибит. Ойуур баһаарынай сулууспаларын уонна олохтоох нэһилиэнньэ волонтердарын түргэн уонна ситимнээх дьаһалларын көмөтүнэн, баһаар бохсулунна. Бу туһунан СӨ Суһал ыстааба иһитиннэрдэ.

От ыйын 12 күнүгэр 13 сөмөлүөт Горнай, Үөһээ Бүлүү, Ленскэй, Бүлүү, Мииринэй, Ньурба, Олүөхүмэ, Сунтаар, Уус-Маайа, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Уус-Алдан улуустарынан уонна Дьокуускай эргин көтөн, сири-уоту көрүөхтэрэ.

Сайын саҕаланыаҕыттан 62 964,55 гаа иэннээх сиргэ 342 айылҕа баһаарын умуруордулар, ол иһигэр уопсайа 56 488,55 гаа иэннээх ойуур пуондатын сирдэригэр 157 ойуур баһаара турбут.

Айылҕа баһаарын күөдьүппүт барыта 65 буруйдаах быһаарылынна, ойуурга баһаартан куттал суох буолуутун быраабылаларын кэһии иһин 136 боротокуол оҥоһулунна.

Баһаар сезона саҕаланыаҕыттан 56488,55 гаа иэннээх ойуур пуондатын сирдэригэр 157 ойуур баһаара, 6477 гаа иэннээх атын категориялаах сирдэргэ 185 ландшафтнай (айылҕа) баһаара бэлиэтэннэ. Тэҥнээн көрдөххө, былырыыҥҥы ити кэмҥэ уопсайа 1 497 019,3 гаа иэннээх сиргэ 636 ойуур баһаара, уопсайа 22 565,84 гаа иэннээх сиргэ 37 ландшафтнай (айылҕа) баһаара турбут.

Айылҕа баһаара тахсыбыт түгэнигэр Суһал ыстаап тута Эрэгийиэннээҕи ойуур хаһаайыстыбатын диспетчерскэй сулууспатыгар 7-4112-44-74-76 нүөмэргэ уонна ойуур харыстабылын  нүөмэригэр 8-800-100-94-00 эрийэллэригэр ыҥырар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -49 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 10 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -49 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

43 минуты ago
  • Сонуннар

11 ый иһигэр 9,5 тыһ. кырачаан күн сирин көрдө

Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…

11 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирэ дьоруойдарынан киэн туттар

Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин  устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх
  • Чэгиэн

Оҕо этигэр-сиинигэр D битэмиин төһө элбэҕин босхо бэрэбиэркэлииргэ этии көтөхтүлэр

Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…

11 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Буровой баазатыттан уоран сууттанна

Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нэһилиэгин бүтүн Арассыыйаҕа ааттатта

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…

12 часов ago