Биир тыһыынча кэриҥэ киһи ойуур баһаарын умуруорар

Share

Ойуур баһаарын утары 980 киһи охсуһар. Олохтоох нэһилиэнньэттэн 150-тан тахса киһи. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна

Бурятияттан, Забайкалье кыраайыттан уонна дойду атын субъектарыттан 218 парашютист уонна десантник  бааллар. Бу иннинэ Магадан уобалаһыгар ойуур баһаарын утары охсуспут 50 баһаарынай бэҕэһээ Уус Маайа оройуонугар кэлбитэ.

Ойуур баһаарын утары араас ньыманы туттан охсуһуу өрөспүүбүлүкэ иһигэр эмиэ ыытыллар. Бүгүн Уус Маайаҕа, Аммаҕа СӨ баһаары утары судаарыстыбаннай сулууспа — 40 уонна СӨ быыһыыр сулууспа 10 үлэһитэ барыахтара. Уус Маайа оройуонугар СӨ быыһыыр сулууспатын уонна РФ ЫБМ управлениетын аэромобильнай биригээдэтин киллэрэн туран,  37 быыһааччы үлэлии сылдьар. Уоту умулларыыга 45 тиэхиньикэ уонна авиация үлэлиир. Ил Дархан Айсен Николаев туруорсуутунан, Саха сиригэр РФ ЫБМ Ми-8МТВ икки бөртөлүөтэ кэлбитэ.

Өрөбүллэргэ Саха сиригэр 41 ойуур баһаара (иэнэ 16,5 тыһ.га) умуруорулунна. Оттон авиациянан уонна космостан кэтээн көрүүнэн 291 га иэннээх сиринэн 34 ойуур баһаара көстүбүтэ.

От ыйын 10 күнүн сарсыардатыгар барыта 165 ойуур баһаара (уот хаппыт уопсай иэнэ 318 511,5 га) баара бэлиэтэнэр. Итинтэн 5 бохсулунна (826,5 га): 3 – Уус Маайа оройуонугар, биирдии – Алдан уонна Үөһээ Халыма оройуоннарыгар. Нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суоһаабат. Маны сэргэ, 1 ландшафтнай баһаар (иэнэ 256 га) Өймөкөөн оройуонугар баар.

Сезон саҕланыаҕыттан уопсайа 361 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 367 872,8 га) бэлиэтэммит. Бу 2021 сылы кытта тэҥнээтэххэ, үс төгүл, уот хаппыт иэнинэн түөрт төгүл кыра. Икки сыллааҕыта бу кэмҥэ 999 ойуур баһаара (иэнэ 1 401 855,07 га) баара бэлиэтэнэн турар. Оттон былырыын 153 841,1 га иэннээх сиринэн 329 ойуур баһаара бэлиэтэммит.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Горнайга тобук сүһүөҕэр эпэрээссийэни аан бастаан оҥордулар

Бүгүн Саха сирин доруобуйатын харыстабылын устуоруйатыгар аан бастакытын Горнай улууһун оройуоннааҕы киин балыыһатыгар  тобук сүһүөҕэр…

7 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тараҕайы кыайар сириэстибэ көстүөх курдук

Тайвань Национальнай университетын учуонайдара 20 эрэ күн иһигэр баттаххын бүтүннүү чөлүгэр түһэрэр куттала суох уонна…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Икки бөдөҥ социальнай эбийиэк киирээри турар

СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников мунньахха икки бөдөҥ социальнай эбийиэк тутуута хайдах бара…

51 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Орой

Орой -- киһи саамай үрдүк сирэ. Айыы үөрэҕинэн, орой итэҕэл киэлитэ буолар. Манна ытык эт…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Цифровой быһаарыылар» сүрүн IT-пуорум дьыалабыай бырагыраамата таҕыста

"Цифровой быһаарыылар" сыл сүрүн IT-пуорумугар 4000-тан тахса киһи суруйтарда. Пуорум сэтинньи 12-15 күннэригэр «Арассыыйа» национальнай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэ көҕүлээһинин бырагыраамата өймөкөөннөрү түмэр

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун нэһилиэктэригэр бэйэ көҕүлээһинин бырагырааматын чэрчитинэн уопсай мунньаҕынан олоҕу-дьаһаҕы тупсарыыга туһуламмыт бырайыактары…

2 часа ago