Биир тыйаатыртан харыс да халбарыйбакка…

Share

Ирина Петровна Петухова (Дмитриева) Бүлүү куорат оскуолатыгар үөрэнэр сылларыттан Саха сиринээҕи Үҥкүү судаарыстыбаннай ансаамбылыгар үҥкүүлүүр ыра санаалаах улааппыта. Улаатан баран ол баҕатын толорон, үлэтин Үҥкүү тыйаатырыттан саҕалаабытыттан бэйэтин дьоллоох киһинэн ааҕынар.

Биллэрин курдук, үҥкүүһүт дьон сыанаҕа үлэлиир кэмнэрэ, атын идэлээх дьоҥҥо тэҥнээтэххэ, кылгас. 40 саастарын туоллулар да, сыанаттан арахсан, үгүстэр идэлэрин уларытан преподаватель буолуохтарын сөп, эбэтэр туспа үөрэҕи баһылыыллар, олох атын эйгэҕэ сысталлар. Онтон Ирина Петухова хайа күн Үҥкүү ансаамбылыгар үлэлии кэлиэҕиттэн билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү тыйаатырын кэлэктиибигэр үлэлии-хамсыы сылдьарыттан, кэлэктиибин кытары биир тыынынан тыынарыттан олус үөрэр. Ол эбэтэр, улахан сыанаттан арахсар кэмэ тиийэн кэлбитигэр толкуйдуу барбатаҕа, дьүөгэтэ Тася Бандерова харыс да халбарыйбатах тыйаатырыгар таҥаһы бэлэмнээччи (костюмер) үлэлии хааларыгар сүбэлээбитин үөрэ-көтө ылыммыта…

Ыра санаа ыпсыыта

Ирина төрөппүт аҕата, баартыйа кэмитиэтин үлэһитэ Петр Васильевич Дмитриев күн солото суох да буоллар, сыанаҕа үҥкүүлүүрүн олус сөбүлүүрэ, уус-уран самодеятельность көхтөөх кыттыылааҕа этэ. Ордук Булчут үҥкүүтүн толорон, биир дойдулаахтарын биһирэбиллэрин ылара. Онтон ийэтэ Альбина Алексеевна үҥкүүлээбэт этэ, ол оннугар дьиэ кэргэнинэн бары хомустууллара. Ийэтинэн эбээтэ Марфа Сергеевна Бадаева — виртуоз-хомусчут, оһуокайдьыт, ырыа айааччы этэ, бэйэтэ таһаартарбыт диискэлээх.
1979 сыллаахха 6 саастаах Ира Тааһаҕартан Бүлүү куоракка олорор эбээтигэр Марфа Сергеевнаҕа уонна эһээтигэр Алексей Дмитриевич Протопоповка доҕор буола диэн ааттаан, тыраахтарынан тиэллэн көһөн кэлбитин күн бүгүҥҥэ диэри үчүгэйдик өйдүүр. «Тута нулевой кылааска киирэн, оччолортон даҕаны оскуолаҕа 11 сыл үөрэммит мин баарбын», -– диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин туйгуна Ирина Петухова билигин орто омурҕаныгар тиийэн олорон күлэ-күлэ сэһэргиир.
4 кылааска английскай биридиэмэтэ киллэриллэн, Лидия Павловна Алганаева диэн учуутал наһаа кыһаллан үөрэтэн, кырачаан кыыс английскай тылын учуутала буолуон санаталаан ылбыт кэмнэрдээҕэ. Ол эрээри, тапталлаах учууталлара иккис сылыгар кинилэртэн баран хаалан, үөрэнээччитэ Ира Дмитриева учуутал буолар баҕата сонно уостубута. Ити кэмҥэ 4-с кылааска үөрэнэ сылдьар кырачаан кыыс бэйэтин баҕатынан муусукаалынай оскуолаҕа киирэн, үҥкүүгэ 5 сыл үөрэнэн бүтэрбитэ. «Бүлүү долгуннара» норуодунай ансаамбылга дьарыктанан элбэхтик гостуруолларга сылдьыспыта, араас куонкурустарга кыттыбыта.
1986 с. аҕаларын Бүлүүгэ үлэҕэ анааннар, дьэ көһөн кэлэннэр кыыс алта сылынан төрөппүттэригэр төннөр кэмэ кэлбитэ.
1990 сыллаахха Бүлүү 3 нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрээт, Улан-Удэ куоракка култуура уонна ускуустуба институгар дьүөгэтэ Нина Томскаялыын үөрэххэ туттарса барбыттара. Кыргыттары иккиэннэрин ийэлэрэ арыаллаабыттара. Дьокуускайга култуура училищетын бүтэрбит, эбиитин хайыы үйэ үөрэххэ ылылларга сүүмэрдэнэн кэлбит ыччаттары кытары куонкурустаһалларын Улан-Удэҕэ тиийэн эрэ баран билбиттэрэ. Ол да буоллар, Хотун Бүлүү кэрэ кыргыттара иккиэн тута үөрэххэ ылыллан, үөрүүлэрэ үрдээбитэ.
Кыргыттар үөрэхтэрин бүтэрэллэрин саҕана аны Култуура уонна ускуустуба Илин Сибиирдээҕи судаарыстыбаннай академията диэн статуһа уларыйан, 5 сыл үөрэнэр буолбуттара (урут 4 сыл этэ). Онон Ира биэс сыл устата хореография отделениетыгар ситиһиилээхтик үөрэнэн, «педагог хореографических дисциплин» диэн үрдүк үөрэх дипломнаах дойдутугар эргиллибитэ. Ханнык баҕарар муусука, култуура үөрэҕин кыһаларыгар эбэтэр онно сыһыаннаах тэрилтэлэргэ төһө баҕарар үлэлиир кыахтааҕа. Ол эрэн, дьылҕа хаан ыйааҕа тарда турдаҕа, эдэркээн кыыс бэйэтин сыанаҕа үҥкүүлүү сылдьарын эрэ көрөрө.
Дьокуускайга бэс ыйыгар өҥүрүк куйаас сатыылаан турдаҕына дьүөгэтэ Моника Григорьевалыын Үҥкүү тыйаатырыгар киирэн кэлбиттэрэ. Кыргыттары кэлэктиипкэ тургутар болдьоххо ылбыттара. Билигин Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ диэн ааттанар улахан уораҕайга биир эмэ үҥкүүтэ туруоруҥ диэннэр, Ирина «ДАО» экшен-рок испэктээккэ ассистеннаабыта уонна тута бастайааннай үлэҕэ ылыллыбыта.
Кини  Үҥкүү национальнай тыйаатырын кэлэктиибэ туруорар улахан испэктээктэригэр аан бастакы улахан оруолунан «Бохсуруйууга» сүрүн дьоруой уобараһа буолар. Онтон «Атыыр Муҥха», «Ярхадана», «Айыы аймаҕа», «На краю Ойкумены» уо.д.а испэктээктэргэ ис-иһиттэн сып-сырдык мичээрдээх, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах, чэпчэки чэпчэкитик көтө-дайа сылдьар үҥкүүһүт кыыс бэриллибит уобарастарын чаҕылхайдык арыйбытын үгүс көрөөччү өйдүүр буолуохтаах.
Талааннаах артыыска кэлбитин кыраҕы харахтаах педагогтар, салайааччылар таба көрдөхтөрө буолуо. Кэлэктиипкэ иккис эрэ сылын үлэлээн эрэр Иринаны 7 эрэ паара иһигэр киллэрэн, Эмиэриэкэҕэ, Канадаҕа гостуруолга илдьэ барбыттара. Буолаары буолан, атын артыыс оннугар буолбакка, хара бастакыттан испииһэккэ киллэриллэн, бэлэмнэнэн барбыта. Ирина ол долгутуулаах, дьоллоох түгэни хаһан да умнубат. Онтон ыла тыйаатыр кэлэктиибин кытары Арассыыйа куораттарынан араас гостуруолларга, омук сирдэригэр бэстибээллэргэ сындалҕаннаах айана салҕаммыта…

«Фигаро здесь, Фигаро там»

Иринаны билбэт да киһи уулуссаҕа көрсөн, «кини үҥкүүһүт эбит» диэтэҕинэ сыыспат. Ирина Петровна үҥкүүһүт быһыытын-таһаатын сүтэрбэккэ түргэн-тарҕан туттунуулаах, биир миэстэҕэ олорон турбат, хас да үлэни тэҥинэн толорбута эрэ баар буолар киһи. Дэлэҕэ даҕаны биир идэлээхтэрэ «Фигаро здесь, Фигаро там» диэн оонньуу-күлүү кэриэтэ этиэхтэрэ дуо? Ирина Петровна оҕолонон баран, кырачааннарын көрөр уоппусканы хаһан да ылбатаҕын, куруук үлэ үөһүгэр сылдьарын сөҕө-махтайа кэпсииллэр.
Кырдьыга да, таҥас бэлэмнээччи үлэтэ чэпчэкитэ суох. Ирина Петровна 2016 сылтан тыйаатырга таҥас бэлэмнээччинэн үлэлиирин «бэйэбэр сөптөөх миэстэҕэ сылдьабын» диэн бигэ санаалаах. Тоҕо диэтэххэ, кини өссө тыйаатырга үҥкүүлүүр да кэмнэригэр гостуруолларга таҥас бэлэмнээччи үлэһиккэ хайаан да көмөлөһөр сорудахтаах барара. Онон ким ханнык испэктээккэ кыттарын, бу түгэҥҥэ кини ханнык таҥаһы кэтиэхтээҕин барытын эндэппэккэ билэр.


«Артыыстар бүтүн испэктээк тухары тиритэллэр-хоруталлар. Тирии уонна да атын таҥастарын барытын куурдаҕын, бэрийэҕин, өтүүктүүгүн, наадалаах сиргэ ууран бэлэмниигин. Көстүүм, атах таҥаһа ханна баарын, ханан ыйанан турарын чопчу билэҕин, барыта суруктаахтар бэлиэлээхтэр, оннук булан биэрэҕин.
Тыйаатырга таҥас бэлэмнээччилэр иккиэбит, сэбиэдиссэйдээхпин. 1995 сылтан үлэлиир тыйаатырбыттан атын сиргэ барар санаам суох. Иллээх-эйэлээх, өйдөһөр-өйөһөр кэлэктииптээх – дьол», -– диэн сэһэргэһээччим  үлэтин эридьиэстэрин билиһиннэрэр.
Кини сүрүн үлэтин быыһыгар улахан испэктээктэргэ маассабай сыаналарга кыттар. Ону таһынан пандемия иннинэ ийэтин көрдөһүүтүнэн кырдьаҕастары үҥкүүгэ дьарыктаан, «Сандаара» диэн үҥкүү ансаамбыллана сылдьыбыттара. Ирина кинилэри кытары үлэлиир оҕолору кытары үлэлиирдээҕэр, чэпчэкитин бэлиэтиир. Ону сэргэ Мэдиссиинэ национальнай киинигэр эмчиттэр ансаамбылларыгар нэдиэлэҕэ иккитэ дьарыктаан кэлэр.
«Ханнык баҕарар киһи хайа да сааһыгар үҥкүүлүөн сөп. Мас курдук киһини да хамсатыахха сөп. Арай, муусуканы сатаан истиэххэ уонна баҕа санаа эрэ наада», -– диэн Ирина бигэ эрэллээх.

Үҥкүүһүт дьиэ кэргэн

СӨ култууратын туйгуна Ирина Петухова бииргэ төрөөбүттэрэ бары да култуура эйгэтигэр сыстыбыт дьон. Ирина кэнниттэн кэлэр кыыс Марфа Константинова физкультура институтун бүтэрбитэ, Бүлүүгэ «Саха» НКиК салаатыгар үлэлии сылдьыбыта, билигин уһуйааҥҥа үлэлиир.
Иккис балта Лилия Дмитриева Лесгафт аатынан Санкт-Петербурдааҕы физическай култуура университетын бүтэрбитэ. Билигин аан дойдутааҕы Арктическай оскуолаҕа физическай култуура учуутала, аэробикаҕа аан бастакы фитнес-исписэлиис. 2000 сыллаахха Дьокуускайга кэлэн фитнеһы сайыннарбыта, билигин СӨ фитнес федерациятын ситэриилээх дириэктэрэ.
Саамай кыра балта Юлия Фёдорова култуура кэллиэһин бүтэрэн баран, Култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы судаарыстыбаннай институтугар кэтэхтэн үөрэммитэ уонна Дьокуускайга Хотугу циркэҕэ кордебалекка үҥкүүлээбитэ. Билигин Бүлүүгэ Марк Жирков аатынан Култуура дыбарыаһыгар хореографтыыр.
Бииргэ төрөөбүттэр бары элбэх оҕолоох ыал ийэлэрэ.


Петуховтар эмиэ үс оҕолоох саха сайдам ыала. Ирина Уус Алдан Лөгөйүттэн төрүттээх Николай Петрович Петуховы көрсөн, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, 2000 с. ыал буолбуттара. Николай Петрович сүрүн үлэтиттэн  сынньаланна тахсан, билигин суоппардыыр.
Кинилэр улахан уоллара Павел М.К.Аммосов аатынан ХИФУ математика уонна информатика институтун кыһыл дипломунан бүтэрэн, Казань куоракка магистратураҕа үөрэнэ сылдьар.
Кыра уоллара Слава Саха гимназиятын бүтэрбитэ, билигин Дьокуускайга авиационнай кэллиэс иккис кууруһун устудьуона.
Мурун бүөтэ кыыстара Кира Саха-политехническай лиссиэй инженернай оскуолатын 9-с кылаас үөрэнээччитэ. Ийэтин курдук, үҥкүүлүүрүн сөбүлүүр, муусукаалынай оскуолаҕа үҥкүү салаатын 8 сыл үөрэнэн бүтэрбитэ.

Ирина олоҕор туттар тосхоло -– «Киһи сатаабата суох, «Суох» диэн тылы хаһан да туттума!»

Ирина Петухова бүгүн, сэтинньи 12 күнүгэр, 16.00 чаастан  көрөөччүлэрин «Үҥкүүгэ сүгүрүйэбин» диэн айар киэһэтигэр «Сэргэлээх уоттара» Култуура киинигэр ыҥырар. 

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолла

Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев гаас-мотуор уматыга тиийбэт балаһыанньата хатыламматыгар сорудахтаата

"ЯТЭК" ПАУо 2024 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин уонна 2025 сыллааҕы былааннарын көрөр мунньахха Айсен Николаев Дьокуускайга…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кэлэр сыллааҕы бүддьүөт уонна Арассыыйа ядернай бэлиитикэтэ

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бу күннэргэ сылы түмүктүүр мунньахтарын ыыталыыр. Ахсынньы 10 күнүгэр Гражданскай…

3 часа ago