Салгыы
Биир түүннээх кыбартыыраларга айбардааһын

Биир түүннээх кыбартыыраларга айбардааһын

04.11.2024, 10:00
Хаартыска: PERFECTSTOCK.RU.
Бөлөххө киир:

Бу ааспыт күһүҥҥүттэн киин куорат биир элбэх кыбартыыралаах дьиэ бастакы этээһигэр испит-аһаабыт ыччат хото мустар, охсуһар, бөх ыһар, көрүдүөрү киртитэр буолбут. Бу дьиэ 2022 сыллаахха саҥа тутуллан үлэҕэ киирбитэ эбээт! Биир кыбартыыра хаһаайката дьиэтин биир түүҥҥэ куортамныыр эбит…

Биир түүнэ 3000 солк.  саҕаланар

Билигин Дьокуускайга биир түүннээх кыбартыыралар биллэриигэ дэлэйдэр. Сыаната да араастаһар. Эргэ дьиэ буоллаҕына, биир түүнэ 3000 солк., саҥа дьиэ буоллаҕына, икки тыһыынчанан үрдүк. Бу сууманы биир ыйга таһаардахха, биир хостоох дьиэ кырата 90 тыһ. солк. “оҥорор” эбит. Биир түүҥҥэ уларсыллыбыт кыбартыыраҕа уоннуу, ардыгар онтон элбэх да буолан мустан бырааһынньыктыыллар. Биир түүҥҥэ куортамнанар кыбартыыралар баар дьиэлэрин олохтоохторо чуумпу олохторо уйгуурар. Киирии-тахсыы дэлэйэр. Тиэргэҥҥэ турар массыыналарга да сэрэхтээх буолар. Испит-аһаабыт дьон халлаан хабарҕатынан, муора тобугунан буолаллар. Оттон хас биирдии кыбартыыра ахсын оҕолоох-уруулаах ыал олорор. Оҕолор оскуола, дьарык кэннэ киэһэ хойут кэлиэхтэрин сөп. Маннык куортамнанар кыбартыыралаах дьиэлэр лииптэрэ сотору-сотору алдьанар. Тоҕо диэтэххэ, биир түүҥҥэ уларсыбыт дьон лиип иһигэр элбэх буолан симиллэллэр.

Арай бу дьон буруйу оҥордун?

Ханна арыгы да, онно буруй-сэмэ тахсар. Итирбит дьон ампаалыктаһыыта, иирсээһинэ саамай кырата охсуһуунан түмүктэнэр. Дьиэ куортамнааччылар харчыга хараҥаран ити туһунан удумаҕалаппаттар. Аны итирбит дьон дьиэҕэ табахтаан баһаар оҥоруохтарын сөп. Арыгылаан баран киһини эчэтиэхтэрин, өлөрүөхтэрин да сөп. Айдааннаах кыбартыыраҕа тахсан буойар туһаны аҕалбат диэн полиция үлэһиттэрэ этэллэр. Хаһаайына хараххытыгар көстүбэккэ эрэ, күн ахсын хоноһото уларыйа сылдьар буоллаҕына, сокуон хараҕынан сонордоһуохха сөп.

Соҕотох ийэбин, харчым тиийбэт…

“Соҕотох ийэбин, харчым тиийбэт, ол иһин кыһалҕаттан дьиэбин биирдии сууккаҕа куортамныыбын” диэн элбэх кыбартыыралаах дьиэ социальнай ситимин бөлөҕөр буруйун саптан эдэр ийэ суруйар. Олохтоохтор, саха дьоно, истэригэр төһө да абардаллар, соҕотох ийэни аһыныылара баһыйбыт. Ол түмүгэр чуумпу олохторо уйгууран, чэппиэртэн саҕалаан айдаан-куйдаан, ардыгар ньиргиэрдээх бырааһынньыктар нэдиэлэ ахсын хатыланар буолбуттар. Олохтоохтор кыһалҕаларыгар дьахтар наадыйбатах, бэйэтин эрэ кыһалҕатын санаан кыбартыыратын маннык куортамнаан олорбут. Ол эрээри олохтоохтор тулуйа сатаан баран бары илии баттааһыннаах үҥсүү сурук суруйан полицияҕа түһэрбиттэр. Юрист сүбэтинэн, дьиэ куортамныыр дьахтар аатын-суолун билэн баран бааҥҥа үҥсүбүттэр. Онон маннык дьыалаҕа айдаарса барбакка, тутатына сокуон хараҕынан хамсанар туһалааҕын өйдөөҥ.

Миграаннарга куортамнаабыт

Саҥа киирбит элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ элбэх кэлии омук мустарын олохтоохтор дьиибэргээбиттэр. Өрөмүөн оҥорооччулар киирэллэр-тахсаллар дии санаан болҕомто уурбатахтар. Кэлин биллибитэ, биир хостоох кыбартыыраҕа сүүрбэччэ киһи олорбут. Бу дьон суукканан буолбакка, ыйынан төлөөбүттэрин иһин, кинилэр кыбартыыра иһигэр кири-хоҕу мунньан, аны таракаан курдук ыарыыны тарҕатар үөн олус дэлэйбит. Олохтоохтор тута айдаан тардан, хаһаайыны була охсон балаһыанньаны быһаарбыттар. Онон маннык ис хоһоонноох устуоруйалар өссө да элбэхтэр. Саамай сүрүнэ, биир түүҥҥэ куортамныыр харчыга хараҥарбыт хаһаайыттары утары бүтүн дьиэнэн киирсэр туһалаах.

Сокуон хараҕынан хайдах кэһэтэбит?

2019 сыллаахтан элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ гостиница, хостел арыйар бобуллар буолбута. Ол эрээри биир сууккаҕа кыбартыыраны куортамныыры сокуон хараҕа боппот эбит. Сокуон эрэ көҥүллүүр диэн бас-баттах барар эмиэ сатаммат. Өскөтүн, куортамҥа ылбыт дьон арыгылыыр, олохтоохторго мэһэйдиир, этиһэр-охсуһар, айдаарар буоллахтарына, дьыала быһаарыллыан сөп. Хайдах?

Бастатан туран, айдааны тулуйар наадата суох диэн юристар сүбэлииллэр. Кыра да айдаан, арыгылааһын тахсыбытын иһиттигит даҕаны, полицияны ыҥырар наада. Олохтоох участковайга үҥсүү сурук суруйар наада, ыаллыы олорор кыбартыыралар илии баттаан. Суругунан үҥсүү киирдэ даҕаны, участковай 30 хонук иһигэр сайабылыанньаны көрүөхтээх. Дьыала миэстэтиттэн хамсаабат буоллаҕына, борокуратуураҕа үҥсүү түһэриллэр. Манна эрдэ ханна үҥсүбүккүтүн барытын ыйаргыт наада. Дьиэни биир түүҥҥэ куортамнаан баран көрүдүөргэ, тиэргэҥҥэ бөҕү-саҕы ыһар буоллахтарына, Роспотребнадзорга хаартыскалаан баран ыытар наада. Бу суругу кинилэр эмиэ биир ый иһигэр көрүөхтээхтэр.

Дьиэтин биир түүҥҥэ куортамнааччы хаһаайын нолуок төлөөбөтө чахчы. Ол аата, кини сокуону кэһэн туран куортамныыр. Онон маннык дьиэ хаһаайынын нолуогабай сулууспаҕа үҥсүөххэ сөп. Билигин маннык суруктары суруйар судургу, нолуогабай сулууспа саайтыгар ыытыллар. Бэлиэтээн суруйдахха, ИДьМ уонна нолуогабай сулууспа анонимнай үҥсүүлэри ылбат. Өскөтүн, куортамнааччы кыбартыырата ипотекаҕа ылыллыбыт буоллаҕына, бааҥҥа эмиэ үҥсүү түһэриэххэ сөп. Кыбартыыраны куортамҥа биэрэр туһунан бобуу кирэдьиит дуогабарыгар ыйылла сылдьар буолар. Өскөтүн, баан бу туһунан биллэҕинэ, куортамнааччыттан иэһин тута төннөрөрүгэр ирдиэн сөп.

Татьяна Константинова, юрист, Дьокуускай куорат:

— Сокуон хараҕынан, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ гостиница, хостел арыйан үлэлэтэр бобуллар. Ол эрээри суукканан куортамныыр бобуллубат. Ол гынан баран, сокуонунан көҥүллэнэр эрэ диэн, дьиэ уопсай эрэсиимин кэһэн айдаарар, тыаһыыр-ууһуур көҥүллэммэт. Олохтоохтор уопсай сүбэнэн бу кыһалҕаны быһаарыахтарын сөп. Хас биирдии уокурукка сыһыарыылаах участковайдар бааллар. Полиция ыҥыран, кэлэктиибинэн сурук суруйан, нолуогабайга үҥсэн дьыаланы быһаарыахха сөп. Участковай дьыаланы быһаарбатаҕына, куортамныыр хаһаайыны борокуратуураҕа үҥсүөххэ сөп. Киирбит үҥсүү суруктар 30 хонук иһигэр көрүллүөхтээхтэр.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: