Салгыы
Түөкүттэр ыалы албыннаатылар

Түөкүттэр ыалы албыннаатылар

Ааптар:
26.09.2024, 18:15
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Түөкүттэр дьон харчытын суйдаан ылаары араас албастары толкуйдууллар. Сэрэхтээх буолуҥ! Билбэт нүөмэргититтэн эрийдэхтэринэ кэпсэтимэҥ, төлөпүөҥҥүтүн ылымаҥ!

2 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускайга олорор 54 саастаах дьахтар сайабылыанньа суруйан киллэрбит.

Кэргэнэ төлөпүөнүгэр түргэнник харчылаһар туһунан реклама баарын көрөн, ол сигэнэн киирбит. Түөкүттэр оннугу сыыһа-халты тупаттар. Кэтээн, көрөн олорор буоллахтара. Өр дуу, өтөр дуу күүттэрэ барбакка, биир киһи «инвестиционнай хампаанньа үлэһитэ» аатыран сибээскэ тахсыбыт. Уонна видеосибээһинэн эргиэҥҥэ үөрэппитэ буолбут. Эмсэҕэлээччи укпут харчытын уонна инвестицияттан дохуотун ылаары гыммытыгар, сымыйа брокер мэктиэһит буларыгар эппит. Онуоха бу киһи кэргэнин этээччи буолбут. Кэргэнэ сөбүлэспит уонна түөкүн сабыдыалынан тус харчытын, кирэдьиит харчытын мобильнай бааныттан этэн биэрбит счеттарыгар ыыппыт. Ол кэнниттэн түөкүн кини мэктиэһит кыайан буолбатын иһитиннэрбит. Онуоха кэргэнниилэр кыыстарын көмөлөһөргө эппиттэр. Сымыйа брокер тута бу кыыска сибээскэ тахсыбыт уонна 1 мөл. 200 тыһ.солк. кирэдьиит ылан баран харчытынан ыытарга соруйбут. Түөкүн кыыска аҕата дохуотун ылбытын кэнниттэн бу харчыны төннөрүөх буолбут. Бу кэмҥэ кыыс төлөпүөнүгэр баантан түөкүттэр төлөпүөннээбит буолуохтарын сөп диэн иһитиннэрии кэлбит. Онно албыҥҥа киирэн биэрбиттэрин өйдөөбүттэр эрээри, ити кэмҥэ номнуо түөкүттэргэ 1 мөл. 970 тыһ. солк. харчыны ыыппыттар эбит.

Ытыктабыллаах гражданнар!

СӨ ИДьМ чэпчэкитик, түргэнник харчылаһар туһунан угуйар араас рекламалартан сэрэнэргитигэр сүбэлиир. Чэпчэкитик уонна түргэнник харчылаһар туһунан түөкүттэр угаайылара, албастара буоларын санаталлар. Билбэт дьоҥҥутугар итэҕэйимэҥ, дааннайдаргытын ыйытар, харчы ыыттарар туһунан этэр буоллахтарына кэпсэтимэҥ диэн сэрэтэллэр.

СӨ ИДьМ пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: