Саха сирин Үрдүкү суута былырыын балаҕан ыйыгар бииргэ олорор дьахатрын саанан ытан өлөрбүт Өлүөхүмэ олохтооҕун накаастыыр болдьоҕор икки сылы эбэн биэрдэ. Эр киһи бириигэбэрин аҕыс сылтан уон сылга диэри уһаттылар, кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа хаайыллыаҕа диэн суут пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
2023 сыл балаҕан ыйын 12 күнүн түүнүгэр сууттанааччы итирик туруктаах сылдьан бииргэ олорор 35 саастаах дьахтарын кытта этиспит. Ол этиһэ сылдьан 12-с калибрдаах саатын ылан чугастан дьахтары ыппыт.
Суут дааннайдарынан, дьахтар ытыллан баран ороҥҥо сууллубут, ону эр киһи иккистээн ыппыт. Дьахтар тута тыына быстыбыт.
Киһини өлөрөн баран бу эр киһи салгыы арыгылаабыт уонна урут эмиэ бииргэ олоро сылдьыбыт дьахтарыгар эрийэн кэпсээбит, ол эрээри кими ыппытын эппэтэх. Ону билэн ол дьахтар сууттанааччы аймаҕар төлөпүөннээбит. Аны ол киһи дьахтар кэпсээнигэр итэҕэйбэтэх, саа контейнерга сытар, күлүүһэ киниэхэ баарын туһунан эппит. Дьахтар өл кэнниттэн хаста да эрийэ сатаабыт, ону төлөпүөнүн ылбатах.
Сууттанааччы сарсыарда туран өлүгү чараас суорҕанынан саппыт, аанын хатаабыт уонна салгыы арыгылыы барбыт. Кинини аныгыс күнүгэр полициялар туппуттар.
Өлүөхүмэтээҕи оройуоннааҕы суут эр киһини аҕыс сылга хаайар туһунан бириигэрбэрдээбит. Ол эрээри бириигэбэри эмсэҕэлээбит өрүт ылымматах.
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…