Бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн көмө оҥоһулунна

Share

Быйыл оскуолабыт хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн сабыс-саҥа тутуллан киирбиттэн итэҕэһэ суох астык көрүҥнэннэ, араас миэбэлинэн, үөрэххэ туттулар эҥин эгэлгэ тиэхиньикэнэн хааччылынна.

Кэбиниэттэр аайы саҥаны, сонуну оҥорорго үчүгэй усулуобуйа баар. Дьэ, маннык түгэҥҥэ саха тылын уонна литэрэтиирэтин үөрэтэр холбоһук толкуйдаабытынан, истиэнэҕэ саха балаҕана уруһуйданна, көмүлүөк оһох уруһуйа оҥоһулунна, өйдөнөр биричиинэнэн дьиҥнээхтик оттуллар буолара кыаллыбат. Балаҕаны уруһуйдааһыҥҥа Хатас орто оскуолатын кытта бииргэ үлэлэһии чэрчитинэн, Хатастааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаҕа уһуйааччылара Макарова Светлана Михайловна уонна Егорова Екатерина Павловна ылсыбыттара.

Сүрүн барыла оҥоһуллубутун кэннэ уһуйааччыларга “Тускул” Култуура киинин иһинэн үлэлиир “Бары уруһуйдуубут” бырайыак (ааптардар Иванова В.А, Руфова Н.И.) кыттыылаахтара уруһуйунан утумнаахтык дьарыктанар Хатаспыт олохтоохторо: Арассыыйа худуоһунньуктарын айар сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна Попова Татьяна Дмитриевна, олоххо куруутун көхтөөх эдэр ийэ Чикачева Марианна Андреевна ийэтинээн Надежда Николаевналыын, ону кытта Светлана Михайловна үөрэнээччилэрэ Шелковникова Акулина Романовна, Алина Винокурова буолан олус хаачыстыбалаахтык, сүргэ көтөҕүллэ үлэлээтилэр.

Бу бырайыагы төрүттээччилэртэн, көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ Ирина Витальевна Алексеева маннык сэһэргээтэ:

— Манна саха тылын уонна төрүт култууратын уһуйааччыларын кытары тэбис-тэҥҥэ долгуйан, ис сүрэхтэриттэн баҕаран туран көмөлөспүт, өй-санаа уган биэрбит дириэктэри хаһаайыстыбаннай үлэҕэ солбуйааччы Пестряков Илья Дмитриевич уонна оскуолабыт биир саамай тутаах киһитэ – үбү-харчыны тыырааччы Васильева Диана Дмитриевнаҕа дириҥник махтанабыт. Көмүлүөк оһохпутун Попов Павел Васильевич олус кыһанан, чочуйан оҥорбутугар эмиэ махталбыт улахан. Көмүлүөк оһох оҥоһуллуутун оскуола үбүлээтэ.

Ити курдук, бэйэ-бэйэҕэ көмө-тирэх буоллахха, суохтан да баары оҥоруохха, санааҕа санаа, билиигэ-көрүүгэ билии-көрүү эбиллэн эйгэҕин кэҥэтиэххин сөбүн чаҕылхай туоһута буолбут түгэн барыбыт сүргэтин көтөхтө.

Наталья РУФОВА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

10 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

12 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

41 минута ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо?

Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэрэнэр — сиэрдээх

Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…

2 часа ago