Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар иитэр-үөрэтэр, биллэрэр-сайыннарар ис хоһоонноох тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытылла тураллар.
Улуу нуучча суруйааччыта Михаил Лермонтов төрөөбүтэ 210 сылынан нуучча тылын учууталлара Бястинова И.Р., Лотова Л.Д., Халыева М.П., Блахирова В.В. тэрийиилэринэн кылаас чаастара, хоһоон ааҕыытын күрэҕэ буоллулар. Оскуола түмэлин салайааччыта Валентина Викторовна Блахирова урукку сыллардааҕы «Лермонтовскай бааллар» туһунан уруоктарга ол матырыйаалларын көрдөрөн кэпсээбитин бары наһаа сэҥээрдибит.
Уйулҕа ыйыгар аналлаах «Чөл олоҕу тутуһабын!» диэн нэдиэлэ иһинэн оскуолабыт «Орто Амма кэскилэ» хамсааһынын актыбыыстара сарсыардааҥҥы эрчиллиини тэрийэн ыыттылар. Психолог-учуутал Василиса Ивановна Дьяконова араас трениннэри, олохпутугар сүбэ буолар тургутуктары оҥортордо, ол сүнньүнэн сүбэлэри биэрдэ.
Саха бастакы үөрэхтээх дьахтара, фольклориһа М.Н.Андросова-Ионова төрөөбүтэ 160 сылынан ыытыллыбыт «Кыраайы үөрэтээччилэр» НПК-ларыгар 6 кылаас үөрэнээччитэ Петя Атасыков «Мин дьиэ кэргэним далбар хотуттара оҕону иитиигэ оруоллара», 10 кылаас үөрэнээччитэ Эмилия Федорова «Удьуор утума салҕанар» дакылааттарынан кыттан, иккиэн иккис миэстэни ылары ситистилэр. Кинилэри Кривошапкина В. С., Макарова В. В. салайан үлэлэппиттэр.
Бу күннэргэ араас биридимиэттэргэ оскуола иһинэн ыытыллар олимпиадаларга оҕолор көхтөөхтүк кытта сылдьаллар. Кинилэргэ ситиһиилэри баҕарабыт!
Лейла НИКОНОВА
Ахсынньы 5 күнүгэр сарсыарда 11 чаастан Национальнай бибилэтиэкэҕэ Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан буолуоҕа. Дьыктаан сыала-соруга…
Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сиригэр саамай улахан хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр. Хомунаалынай эбийиэк Дьокуускайга «Звезднай» уонна «Ильинка» түөлбэлэри хааччыйыаҕа.…
Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга Ленскэй бассейновай уокурук Сэбиэтин мунньаҕа буолан ааста. Хас да эрэгийиэн бэрэстэбиитэллэрэ,…
Ахсынньы 4 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ "Саха киинэтин сайдыыта" диэн "төгүрүк остуол" буолла. Манна саха киинэтин…
Ньурба оройуонун Маалыкай уонна Хатыы сэлиэнньэлэригэр “Саха сүөһүтэ” генофонднай хааһына тэрилтэтэ сылгы баазаларын…
Биллэрин курдук, Саха сирин сайдыытыгар улахан үлэни ыыппыт “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө…