“Биисинэс-Экспо” быыстапка чэрчитинэн саҥа саҕалыыр урбаанньыттарга үөрэх саҕаланна
Бүгүҥҥүттэн “Мин биисинэһим” киин бэйэлэрин дьыалаларын саҥа саҕалыыр урбаанньыттары, бэйэ дьарыктаах уонна норуот уус-уран оҥоһуктарынан дьарыктанар дьону өйүүргэ туһуланар “Якутия мастеровая” үөрэх бырайыагын саҕалаата.
СӨ урбааҥҥа, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа министиэристибэтин урбааны сайыннарыыга салаатын салайааччыта Петр Никифоров тэрээһиҥҥэ эҕэрдэ тылыгар: “Хас биирдии маннык үөрэхтэргэ кыттар дьоҥҥо дьыалалара ситиһиилээх, дохуот киллэрэр үлэнэн буолуон баҕарабын”, — диэтэ баҕа санаатын тиэртэ.
Түөрт күн устата үөрэх бырагырааматын кыттыылаахтара биисинэс сүрүн төрүттэрин кытта билсиэхтэрэ, ситиһиилээх урбаанньыттары уонна исписэлиистэри кытта көрсөн туһалаах сүбэлэри ылыахтара, бэйэлэрэ бэлэмнээбит биисинэс-бырайыактарын эспиэр хамыыһыйатын иннигэр көмүскүөхтэрэ.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Биисинэс-Экспо” быыстапка чэрчитинэн ыытыллар “Якутия мастеровая” тэрээһин кыайыылааҕа улахан быыстапка ыытыллар күнүгэр быһаарыллыаҕа – киниэхэ бэйэтин дьыалатын сайыннарыыга 100 000 солкуобай суумалаах граны бириэхтэрэ.
Санатан эттэххэ, «Мин биисинэһим» киин Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлүүр «Аччыгый уонна дьоҕус урбааны өйөөһүн” национальнай бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн урбаан эйгэтигэр ылсан үлэлээн эрэр дьоҥҥо үгүс хайысхалаах тэрээһиннэри ыытан, үгүс босхо өҥөнү оҥорор.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: