“Биисинэс-Экспо” быыстапка чэрчитинэн саҥа саҕалыыр урбаанньыттарга үөрэх саҕаланна

Share

Бүгүҥҥүттэн “Мин биисинэһим” киин бэйэлэрин дьыалаларын саҥа саҕалыыр урбаанньыттары, бэйэ дьарыктаах уонна норуот уус-уран оҥоһуктарынан дьарыктанар дьону өйүүргэ туһуланар “Якутия мастеровая” үөрэх бырайыагын саҕалаата.

СӨ урбааҥҥа, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа министиэристибэтин урбааны сайыннарыыга салаатын салайааччыта Петр Никифоров  тэрээһиҥҥэ эҕэрдэ тылыгар: “Хас биирдии маннык үөрэхтэргэ кыттар дьоҥҥо дьыалалара ситиһиилээх, дохуот киллэрэр  үлэнэн буолуон баҕарабын”, — диэтэ баҕа санаатын тиэртэ.

Түөрт күн устата үөрэх бырагырааматын кыттыылаахтара биисинэс сүрүн төрүттэрин кытта билсиэхтэрэ, ситиһиилээх урбаанньыттары уонна исписэлиистэри кытта көрсөн туһалаах сүбэлэри ылыахтара, бэйэлэрэ бэлэмнээбит биисинэс-бырайыактарын эспиэр хамыыһыйатын иннигэр көмүскүөхтэрэ.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Биисинэс-Экспо” быыстапка чэрчитинэн ыытыллар “Якутия мастеровая” тэрээһин кыайыылааҕа улахан быыстапка ыытыллар күнүгэр быһаарыллыаҕа – киниэхэ бэйэтин дьыалатын сайыннарыыга 100 000 солкуобай суумалаах граны бириэхтэрэ.

Санатан эттэххэ, «Мин биисинэһим» киин Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлүүр «Аччыгый уонна дьоҕус урбааны өйөөһүн” национальнай бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн урбаан эйгэтигэр ылсан үлэлээн эрэр дьоҥҥо үгүс хайысхалаах тэрээһиннэри ыытан, үгүс босхо өҥөнү оҥорор.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

4 часа ago