Салгыы
“Биисинэс-Экспо” быыстапка – урбаанньыт сулустаах чааһа

“Биисинэс-Экспо” быыстапка – урбаанньыт сулустаах чааһа

21.12.2024, 20:00
Ааптар түһэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр «Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ далааһыннанан, ис хоһооно байытыллан, кыттааччыта элбээн иһэрэ харахха быраҕыллар.

Дьон, урукку курдук сып-сап быыстапка былаһааккаларын көрө охсоот, дьиэтигэр тиэтэйбэт. Наллаан кэлэн, истээх таҥаһын устан, холкутук, ыксаабакка быыстапканы көрөр-истэр, маастар-кылаас­тарга кыттар буолбутун бэлиэ­тии көрдүм. Онон быйылгы быыстапкаҕа дьон сынньана, атыылаһа таарыйа, туох эрэ сонун идиэйэни көрөн, дьон холобурун батыһыан да сөп ураты усулуобуйа тэриллибит.

Икки күн устата ыытыллыбыт «Биисинэс-Экспо 2024»   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр соругун толору ситтэ. Олус элбэх киһи тэрээһиҥҥэ сырытта. Тэрийээччилэр бэлиэтиил­лэринэн, бэйэлэрэ оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларын, оҥоһуктарын быыстапкаҕа 62 урбаанньыт, 13 бэйэ дьарыктаах дьон өрөспүүбүлүкэ 15 улууһуттан кэлэн кыттыыны ыллылар. Аҕыс маастар-кы­­лаас, икки сэминээр, кэккэ араас хайысхалаах тэрээһиннэр буоллулар. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, ыччат урбаанньыттар анаан кэлэн, бииргэ үлэлиэхтэрин сөптөөх дьону анаан көрдөөн буллулар, бииргэ үлэлээһин хайысхаларын тобуллулар.

Билими кытта ыкса сибээстээхтик

Чурапчы улууһун Мырыла нэһилиэгиттэн төрүттээх Күннэй Тимофеева Чурапчы уонна Горнай улуустарыгар мүөттээх ыҥырыалар уйалара турар сирдэрдээх  эбит. Мүөтүнэн дьарыктаммыта түөрт сыл буолбут.

– Бэйэм физкултуура учуутала идэлээхпин. Онон дьон доруобуйатын чинчийиигэ чугас­пын. Ыҥырыаларбын бастакы сылга сатаан кыстаппатаҕым – өлөн хаалбыттара. Ол эрээри санаабын түһэрбэтэҕим, маны хайдах туһаҕа таһаарар туһунан ыстатыйалары аахпытым, үөрэппитим. Ыҥырыа өлөн да баран, туһалаах эттигин сүтэрбэтин билбитим. Онон үһүс сылбытын туһаттан тахсыбыт ыҥырыалар дьааттарыгар бэйэлэрэ оҥорбут буоскаларын булкуйан, үүнээйини хол­боон, сүһүөх мааһын оҥорон таһаарабыт.  Быйылгыттан ХИФУ Арктическай иннова­цион­най киин лабаратыары­йатын кытта бииргэ үлэлэһэбит. Онон бу мааспыт научнай чинчийиини, анал эспэртии­сэни  тутаах лабаратыарыйаҕа ааспытын туһунан докумуон­наах. Дьон олус сөбүлээн ылар, – диэн  санаатын үллэһиннэ Күннэй Тимофеева. Кинилиин кэпсэтэ турдахпытына, биэс-алта эдэр дьахтар  сүүрэн кэлэн, сэһэргэһээччибиттэн кириэм көрдөөтүлэр. Олохтоох отторунан сирэй, илии кириэ­мин эмиэ оҥорор эбиттэр. Кыргыттар Күннэй Тимофеева “статуһун” көрөн, кинини анаан көрдөөн кэлбиттэр.

Дьэ, ити курдук, эдэр урбаан­ньыттар аны билими кытта ыкса сибээстээхтик үлэлииллэр.

Уомуллара хамаҕатык барар дьиэ кэргэн

Булуҥ улууһун Тиксии­титтэн сылдьар Алексей уонна Мария Птицыннар “Хоту балык” тэрилтэни тэриммиттэрэ уонча сыл буолбут. Сүрүннээн уомул балыгы дойдуларыттан, Булуҥтан, аҕалаллар эбит. Птицыннар “Мин биисинэһим” тэрилтэ тэри­йэр бары тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кытталлар. Ыал аҕата балыгы билэрэ бэрт буолан, кинини эспиэр быһыытынан араас тэрээһиннэргэ дьүүллүүр сүбэҕэ ыҥыраллар. Ол курдук, быйылгы “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл чэрчитинэн ыытыллыбыт балык кыһыытын өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр Алексей Птицын дьүүллүүр сүбэ чилиэнинэн үлэлээбитэ.

Дойду таһымнаах урбаанньыт

«Биисинэс-Экспо» урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буол­лаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла төрдүс кыттыыта.

Урбаанньыттары өйүүр маннык тэрээһин баар буолан, мин хас да хайысханан саҕалаан баран, билигин сүрүнүн – дойдубутугар үүнэр сир аһын куурдан, хатаран, кондитерскай оҥоһук көрүҥүн (пастила)  – айылҕа кэмпиэтин оҥорууга ылыстым. Үлэм бу хайысхатын сайыннаран, быйыл Кытайга тиийэн үөрэнэн, отон барыанньатын куурдар аныгы технологиянан үлэлиир тэрили ылынныбыт. Биһиги оҥорор саахара суох минньигэспитин аллергиялыыр оҕолордоох төрөппүттэр сакаастаан ылаллар. Маны таһынан, Саҥа дьыллааҕы бэлэх оҥорон таһаардыбыт. Айылҕа бу кэмпиэтин дьон олус сөбүлээн ылар.

Быйыл ыам ыйыттан «Север» научнай үөрэтэр киин (НОЦ «Север») резиденинэн буоллум. Онно Москваҕа «Патриот» кииҥҥэ «Аһылыктан куттал суох буолуута” («продовольственная безопасность”) Норуоттар икки ардыларынаа­ҕы быыстапкаҕа кыттан кэлбитим. Атырдьах ыйыгар аны аармыйаҕа сулууспалыыр саллааттарга наадалаах астары оҥорон таһаарыыга туһуламмыт быыстапкаҕа кыттыбытым. Онно отону куурдан оҥорорум курдук, эти уонна галеты хатаран оҥорбуппун дьүүллүүр сүбэ бэркэ сөбүлээбитэ. “Бу ас быыһааччыларга, саллааттарга олус наадалаах эбит” диэн бэлиэтээбиттэрэ, – диэн кэпсиир урбаанньыт. Онон «Биисинэс-Экспо» быыстапкаттан куорсун анньынан тахсыбыт Вера Лиханова үлэтин сүрүн сүүрээнэ дойду таһымнанна.

Быйылгы тэрээһиҥҥэ ур­-баан­ньыт «Быыстапкалыыр сири тупсаран оҥоруу» номинацияҕа бастаан, 30 тыһ. солк. харчынан бириэмийэ­лэннэ. Быыстапкаҕа Вера Лиханованы кытта бииргэ үлэлиэн баҕа­лаах урбаанньыттар кэлэн сүбэ-­ама ыллылар, бородууксуйатын батарыыга кэпсэттилэр.

Ити курдук, «Биисинэс-Экспо» быыстапка аан бас­таан кыттар бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччыларга кэнэ­ҕэс дойду таһымыгар үлэ­лиир урбаанньыкка тиийэ кынат үүннэрэр тэрээһининэн буолар.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: