«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла
Икки күн устата ыытыллыбыт «Биисинэс-Экспо 2024» Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр соругун толору ситтэ. Олус элбэх киһи тэрээһиҥҥэ сырытта.
Бэйэлэрэ оңорон таһаарбыт бородууксуйаларын, оҥоһуктарын быыстапкаҕа 62 урбаанньыт, 13 бэйэ дьарыктаах дьон өрөспүүбүлүкэ 15 улууһуттан кэлэн кыттыыны ыллылар.
Тэрийээччилэр иһитиннэрбиттэринэн, аҕыс маастар-кылаас, икки сэминээр, кэккэ араас хайысхалаах тэрээһиннэр буоллулар.
Ньурба улууһуттан төрүттээх билигин Мииринэй куоракка олорон үлэлиир урбаанньыт Дмитрий Александров хас да маҕаһыыннааҕыттан бииригэр саха урбаанньыттара оҥорон таһаарар бородууксуйаларын атыылыыр. Сахалыы тыыннаах маҕаһыынын табаара куорат олохтоохторугар хамаҕатык барар эбит. Ол иһин эдэр урбаанньыт маннык улахан быыстапкаларга анаан сылдьан атыылаһар, дьыалабыай сыһыаны олохтуур соруктаах кэлэрин этэр. «Быһах, барыанньа, балык, сувенир уо.д.а. хото атыыластым, алта урбаанньыты уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону кытта көрсөн кэпсэттим. Салгыы кинилэр бородууксуйаларын батарыам. Бу маннык быыстапка дьыалабыай дьоҥҥо олус туһалаах«, — диэн бэлиэтиир Дмитрий Александров.
Маннык толкуйдаах эдэр урбаанньыттар бааллара киһини үөрдэр. Ол да иһин «Биисинэс-Экспо 2024» курдук быыстапкалар тэриллэр буоллахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: