Хаартыска: sakhagov.ru
Быйыл өрөспүүбүлүкэ 15 улууһугар үлэлиир биисинэс-инкубатордар резиденнэрэ 364 үлэ миэстэтин таһаардылар диэн Урбаан министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
«Өрөспүүбүлүкэҕэ бу үлэ бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбит «Эффективня и конкурентная экономика» уонна «Туризм и гостеприимство» национальнай бырайыактарынан ыытыллар. Биисинэс-инкубатордар билигин 287 саҥа саҕалыыр урбаанньыттарга көмөлөһөллөр, 2025 сыл 9 ыйыгар кинилэр барыстара 326 мөл.солк. тэҥнэстэ», — диэн министиэристибэ үлэһиттэрэ этэллэр.
2025 сылга «Мин биисинэһим» киин урбаанньыт буоларга дьулуһар дьоҥҥо 17 000-тан тахса консалтинговай өҥөнү оҥордо уонна 4 000-тан тахса киһини хабан, 376-тан тахса тэрээһини ыытта.
2025 сылга урбаанньыттар 750 мөл. солк. суумалаах кирэдьиитинэн көмөнү ыллылар. Үп-харчы урбааны сайыннарар пуондаттан дьоҕус уонна орто урбаан сайдыытыгар көрүллүбүтэ. Уопсайа 217 урбаанньыт өйөбүлү ылла. Итинтэн 190 урбаанньыт уопсайа 553,17 мөлүйүөн солкуобайга 5-13 бырыһыаннаах чэпчэтиилээх кирэдьиити ылла, оттон 22 киһи 131,8 мөлүйүөн солкуобайга мэктиэ ылла, ол эбии 307,8 мөлүйүөн солкуобай суумалаах кирэдьиити ылар кыаҕы биэрдэ.
Саҥа бырайыактар ахсааннарыгар Дьокуускайга 148 нүөмэрдээх COSMOS национальнай брендинэн түөрт сулустаах гостиница комплексын тутуу киирэр. Аһыллыыта 2027 сылга былааннанар. Сиинэҕэ «Ыллыыр хайалар» экологическай суолу сайыннарыыга федеральнай тендертэн эмиэ 73 мөлүйүөн солкуобай кэллэ.
Билигин аччыгый, орто биисинэскэ 132 000 тахса киһи үлэлиир. Кинилэргэ уопсай өйөбүл 13,6 млрд солк. тэҥнэһэр, оттон кинилэр үлэлэриттэн киирэр нолуок дохуота — 35 млрд. солк. 2025 сылга дьоҕус биисинэс эргиирэ 11,9% улаатыахтаах.
Сүрүн өйөбүл инструменнарыгар инники күөҥҥэ турар салааларга чэпчэтиилээх кирэдьиити биэрии, 30-тан тахса өҥөнү оҥорор «Мин биисинэһим» платформа, 500 тыһыынча солкуобайга диэри суумалаах граннар (Арктика улуустарыгар 1 мөлүйүөн солкуобайга диэри), 4% уонна 10% чэпчэтиилээх нолуок кээмэйэ киирэллэр.
Сунтаар улууһун Тойбохой с. фермердэрэ Алексей Сидоров уонна Александр Егоров Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өйөбүлүнэн 500…
Күн уота аҕыйыыр, күн кылгыыр, кириип, сыстыганнаах вирус ыарыытын ахсаана элбиир – кыһын киһиэхэ санаа…
Гектары бас билэллэринэн эрэ муҥурдаммакка, манна биисинэстэрин саҕалаан эрэр дьон элбээтэр элбээн иһэллэр. Нам улууһугар…
Быйыл атырдьах ыйыгар Дьокуускай куоракка СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, А.М.Горькай аатынан литература институтун устудьуона Любовь…
Саха сиригэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр уопсай чаттара МАХ национальнай мессенджергэ көһөн эрэллэр. Хайыы-үйэ 3000-тан тахса…
Дьиэни эбэтэр кыбартыыраны өрөмүөн кэнниттэн дьиҥнээх оранжереяҕа кубулутан, хойуу сибэккилээх үүнээйинэн киэргэтэр кыах идэтийбит флористарга…