Биисинэс-инкубаторга дьарыктанан бэйэтэ дохуот киллэринэр оскуола оҕото

Share

Чурапчы улууһун Дириҥ орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Снежанна Решетникова бэйэ дьарыктаах быһыытынан учуокка туран, тыҥырах оҥоруутунан дьарыктанар.

Бу туһунан истээт даҕаны тута өрөспүүбүлүкэҕэ оҕолорго аналлаах биисинэс-инкубатордаах, агро хайысханан дьарыктанар тарбахха баттанар Дириҥ оскуолатын үлэһиттэрин кытта сибээстэһэ сырыттым.

Оскуолабытыгар биисинэс-инкубатордаахпыт. Дьарыктаныан баҕалаах оҕолорго миэстэ көрөбүт. Снежанна онно кэлэн бириэмэтин аттарынан үлэлиир. Тохсунньуттан бэйэ дьарыктаах быһыытынан регистрацияланан, дохуот киллэринэр.

Снежанна былырыын “Профессионалы” идэ маастарыстыбатын чөмпүйэнээтин улуустааҕы түһүмэҕэр холонон көрдө. Модуль үс түһүмэхтэн турар: тыҥыраҕы, сирэйи оҥоруу, массаж. Сатабылын өссө чочуйан салгыы кыттар былааннаах.

Маһынан араас декоративнай оҥоһуктары уһанар, 8-с кылааска үөрэнэр Эрсан Петров диэн үөрэнээччилээхпит. Былырыын урбаан эйгэтигэр “Мин биисинэһим” киин тэрийэр “Поколоение биZнес” өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадатыгар кытынна. Манна оҕолор бэйэлэрин биисинэс былааннарын көмүскүүллэр. Эрсан бэйэтин сиэксийэтигэр бастакы миэстэни ылан, 50 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээтинэн наҕараадаламмыта. Салгыы бэйэ дьарыктаах быһыытынан ылсыан баҕарар.

Биһиги үөрэнээччилэрбит сатабылларын, дьоҕурдарын бэлиэтии көрөн төрөппүттэригэр этэбит, миэстэ көрөбүт, араас куонкурустарга кытыннарабыт. Биллэн турар, төрөппүттэн улахан тутулуктаах. Кинилэр оҕолорун баҕатын таба өйдөөн өйөбүл буолаллар, — диэн биисинэс-инкубатор салайааччыта Елена Луковцева этэр.

Снежанна Решетникова тыҥырах оҥорууну өссө икки сыллааҕыта сэҥээрбит. Ол туһунан бэйэтэ бу курдук кэпсиир:

Улахан эдьийим тыҥырах оҥорор этэ. Олус интэриэһиргээбитим, биир күн кинини үтүктэн холонон көрбүтүм. Урут оскуола оҕолоро мин курдук тыҥырах оҥороллор диэни истибэтэҕим. Интэриниэт маҕаһыынтан ирдэнэр тэрилин сакаастаан, чугас дьүөгэлэрбэр тыҥырахтарын кырааскалыыр буолбутум.

Тыҥырах оҥорорбун учууталларым билбиттэрэ уонна инкубаторга хос биэрбиттэрэ. Былырыын Одьулууҥҥа кууруска үөрэнэн сэртипикээт ылбытым.  Үөрэҕим таһынан нэдиэлэҕэ биир-икки күн быыс-арыт булабын, күҥҥэ биирдии-иккилии киһи сурутар. Бэйэм ыйбыт суумалаахпын, — диир.

Снежанна ирдэнэр тэрилин барытын бэйэтэ хааччынар, киирбит дохуотун барытын бэйэтэ ылар, бэйэ дьарыктаах быһыытынан 14 саастарыттан киирбит дохуотуттан 4 бырыһыанын төлүүр. Күн бүгүн Дириҥ сэлиэнньэтигэр соҕотох маастар. Ол эрээри, оскуолатын бүтэрдэҕинэ олоҕун психологияны кытта ситимниэн баҕарарын туһунан этэр.

Хаартыска: ыстатыйа дьоруойа тиксэриитэ.
Хаартыска: ыстатыйа дьоруойа тиксэриитэ.
What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

31 минута ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?

Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…

2 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

3 часа ago