“Билайн” сэрэтэр
Түөкүттэр мобильнай тарыыбынан түөкүннүүр саҥа толкуйу булбуттар. Ол туһунан “Билайн” пресс-сулууспатыгар кэпсээтилэр диэн иһитиннэрэр @rgrunews.
Түөкүттэр сибээс эпэрээтэрин үлэһитэбин диэн эрийэн баран, публичнай буолбатах эбэтэр чэпчэтиилээх тарыыбы холбоон биэрэбит дуо дииллэр эбит.
Ол курдук биир киһиэхэ эрийэн баран, 50% чэпчэтиилээх тарыыбы холбуубут дуо диэн ыйыппыттар итиэннэ икки ый буола-буола тарыып бэйэтин бэйэтэ уһатан биэрэн иһиэ диэн эрэннэрбиттэр.
Салгыы кэпсэтии Телеграмҥа көспүт, онно сиэртибэҕэ холбоноргор мэктиэ быһыытынан икки ыйдааҕы харчыгын биирдэ ыытан кэбис диэбиттэр. Төлөбүр оҥоһуллубутун кэнниттэн били тарыып билигин да холбоно илик.
Онон хампаанньа дьону сэрэхтээх буолуҥ диэн ыҥырар. Өскөтө эрийээччи саҥа тарыыбы туһаныҥ да диэтэҕинэ, сибээс эпэрээтэрин официальнай саайтыгар киирэн бэрэбиэркэлиэххэ наада.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: