Билгэлээһин төһө сөп түбэстэ?

Share

2023 сылы түмүктүүр кэммит чугаһаата. Билгэлиир ыстатыйаларым бэчээккэ тахсыбыттара. Өрөспүүбүлүкэҕэ айылҕа харыстабылын миниистиринэн үлэлээбит Владимир Григорьев элбэхтик эрийэн, билгэни сэҥээрэрин, сүүрбэччэ сыл кэтээн көрүүтүнэн сүрүннээн сөпкө баран иһэрин бэлиэтиир.

Ааспыт суруйууларга тугу сыыстыбыт, тугу эмэ туһанныбыт дуо?

Өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыга Айсен Николаев быйыл сөптөөх дьаһалы ылан, сөҥүүнү түһэриини тэрийэн, бэс ыйын 12, 26–27 күннэригэр этиҥнээх ардах курулатан, сири нүөлсүтэн, аһыҥаны аччатан, илин эҥээр улуустарга от өлгөмнүк үүнэн, өтөрүнэн оттоммотох от оттонон, былаан туолла.

Чурапчы Мугудайын үрдүнэн ардаҕы түһэрэр сөмөлүөт ааһарын чуолкай биллибит. Улахан ороскуоттаах да буоллар, илин эҥээрдэри кураантан быыһаатылар.

Үлэни тэрийиигэ Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовниковка махтанабыт. Орто Халыма чулуу уола өссө үүннүн-сайыннын, өрөспүүбүлүкэбит сайдарыгар дьулуурдаахтык үлэлээтин.

Улуу дьоммутун умнар табыллыбат. Илин эҥээр улуустарга 12 улахан күөлү, 25 тыһ. гектар ходуһаны, бааһынаны оҥорторбут, “Уу — олох тыына” девизтээх айылҕаны сылыктыыр Максим Сибиряков: “Күнү-дьылы билгэлиир ыччат кэнники суох, онон Андрей Алексеевич, кэтээн көрүүгүн салҕаа”,  — диэн алҕаабыта.

Биир туспа көрүүлээх Алексей Божедонов‑Сырдык 2023 сыл сайыныгар күүстээх ардахтар түһүөхтэрэ, алаас сирдэр ууга барыахтара диэбитэ. От ыйыгар Уус Маайа баһаарын умуруораары сөмөлүөт от ыйын 13, 20, 31 күннэригэр этиҥнээх ардаҕы түһэрбитэ. Ити ардах кэнниттэн буочукаҕа бороһуок олорон хаалбыта туоһулуур. Сөмөлүөттэр былыты ыппатахтара буоллар, ардах түһэрэ саарбах этэ. Бүлүү улууһун бэтэрээ өттүгэр Лөкөчөөн диэки ардах түспэккэ курааннаабыта, ытыллыбыт былыттар онно тиийбэтэхтэрэ.

Норуокка күн-дьыл туругун кэпсиир Т. Л. Тарасов‑Тускул кураан сайын диэбитэ сөп түбэстэ, быйылгы сылга нэдиэлэтээҕи билгэтэ үксэ табылынна. Баһылык курдук эппиэттээх үлэҕэ сылдьар киһи нэдиэлэҕэ иккитэ араадьыйанан кэпсиирэ үгүс үлэттэн тахсара саарбахтаммат.

Өссө Баһылай Шергин диэн Чурапчы Мугудайыттан төрүттээх, куоракка олорор эдэр киһи бассаапка таһаарбытын аахпытым. Кини эриллэн-мускуллан үгүстүк үлэлээтэҕинэ, киһи кэтэһэр билгэһитэ буолуон сөп.

Айылҕа дьиктитэ элбиир

Аар айылҕабыт улаханнык уларыйда. Сорох алаастар уулара, күөллэрэ оҥоччу уоллулар, аттынааҕы алаастар уунан туолан сорох сирдэр оттоппотулар. Чугастыы Чурапчы сэлиэнньэтин урукку аэродромун миэстэтигэр уһаайба быспыттара күөл буоллулар, бааһыналар тоһуннулар.

Сааһырбыт дьон өйдүүр инигит, оскуолаҕа үөрэнэ барарбытыгар хатыҥнар сэбирдэхтэрэ түһэн тоһуйарын. Быйыл биир ый хойутаан балаҕан ыйын 20 кэнниттэн хатыҥнар хагдарыйдылар. Күөллэрбит алтынньы 14 күнүн кэнниттэн тоҥнулар.

Айылҕа дьиктитэ элбээн иһэр. Балаҕан ыйын бүтүүтүгэр күөллэр тоҥууларыгар кэлэр кустарбыт, анды оҕото алтынньы ортотугар быстах-быстах көтөн төнүннүлэр.

Сир аһа өлгөмнүк үүнэн, мас көтөрө элбиирэ буолуо диэн санаабыппыт да, мэлийдилэр. Оннооҕор олохтоох туртастар тыаттан быкпатылар. Киин улуустарга куобах үөскээбэтэ. Хаарыан булпут симэлийбитэ отут сыл буолла. Оттон куобах кураан эҥэрдээҕин билэбит.

Маннык кэнчээрилээх, мэччирэҥнээх күһүн хаар уһуннук түспэтэҕинэ сүөһүгэ, сылгыга уулууругар олус сэрэхтээх, мустан уу көрдөөн ууга түһүөхтэрин сөп. Онон сылгылар сылдьар ыырдарыгар, сүөһү мэччийэр алаастарыгар ойбону тэһэн уулатыҥ.

Оппут быйыл элбэх, онон сүөһүнү быһа түһэрбэккэ аһатыҥ, идэһэ сүөһүгүтүн уотан баран –30 кыраадыс буоллаҕына, сэтинньи ыйга өлөрүҥ. Кыһын аһыыр аскытын сүөһү, сылгы этин эмискэ түһэр тымныыны кэтэһэн туттуҥ, оччоҕо кыһын хоргуннаах миини, сыалаах эмис эти сиэххит.

Хомуска кус мустуоҕа

Биир бэйэм куобах эстиэҕиттэн күһүҥҥү куска сааланарбын сөбүлүүбүн. Быйыл сайын суол-иис куһаҕаныттан сааскы өттүгэр булчуттар кэрийэ сылдьан тыһы куһу ыппаттарыттан күһүн кус элбээтэ. Манна биир сүбэлиирдээхпин: бэйэҕит бултуур ыыргытыгар баар күөллэргэ хомустаах күөлтэн хомус хойуу сиэмэтин хомуйан аҕалан бадарааҥҥа батары баттаан, күөл кытыытыгар олордуҥ.

Андаатар сиэбэтэҕинэ хомус үүнүөҕэ. Хомус үүннэр эрэ кус мустар уйата буолар. Бу буолуо этэ айылҕаҕа көмө, көтөрдөргө сынньанар сир. Күһүҥҥү куска дурдаланан сарсыарда 3–4 чаастан бултуур ордук. Үчүгэйдик таҥнан 2–3 чаас кус ыттаххына, эмис кус өйүөлэниэҥ, өлгөм кэһиилээх буолуоҥ.

Түмүк

Үүнээйи, от, сир аһа үүнэригэр айылҕа ардаҕа түспэт кэмигэр бэс ыйыгар үс төгүл, от ыйын саҥатыгар ардаҕы түһэриини тэрийэн ыытар сөптөөҕүн быйылгы сыл көрдөрдө.

Алаастар, үрэхтэр отторо бэс ыйыгар силигилээн үүнэллэр. Бу быыһык кэми куоттардахха — от аһыҥа аһылыга буолан, иинэр-хатар. Сир аһа хаптаҕас, моонньоҕон, отон, дөлүөһүөн сибэккилир кэмигэр ардах наада.

Саҥа анаммыт Бырабыыталыстыба үлэһиттэрэ саҥалыы үлэлииргит наада. Тыа сиригэр элбэхтик сылдьыҥ, боростуой үлэһит дьон кыһалҕатын аччатыҥ — оччотугар норуот эһигини бастакы Бэрэсидьиэммит М. Е. Николаевы ытыктыырын курдук, күүрэн туран үлэлиэхтэрэ-хамсыахтара.

Андрей Варламов, Мугудай нэһилиэгин, Чурапчы улууһун ытык кырдьаҕаһа, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх зоотехнига, М. Н. Сибиряков үөрэнээччитэ, Чурапчы улууһун айылҕа харыстабылын уопсастыбаннай иниспиэктэрэ, айылҕаны кэтээн көрөөччү.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

16 минут ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Кэлэр сыллааҕы эксээмэннэр ыытыллар күннэрин бигэргэттилэр

РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…

1 час ago
  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

1 час ago
  • Сонуннар

«Конституция — Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин 30 сыла» тэрээһин ыытылынна

Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…

2 часа ago
  • Сонуннар

Историческай паарка алмаастаах быыстапканы билиһиннэрдэ

«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…

2 часа ago