Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар. Кырдьык, сорох бит-билгэ киһиттэн-таһынан солуута суохха дылы да буолар, ол эрээри киһи итэҕэйиэн, тутуһуон эрэ баҕарар билгэтэ даҕаны быдан элбэх.
Ардыгар биккэ-билгэҕэ барытыгар итэҕэйэн, киһи бэйэтиттэн эппиэтинэһи куоттарар курдук буолааччы. “Атаҕын алҕаска үктээбит – этиһиигэ”, “ньуоска сиргэ түспүт – итирик киһи кэлиитигэр”, “наһаа күлбүт – ытаары гыммыт”, “муннута кыһыйбыт – арыгы иһээри гыммыт” уо.д.а. билгэни үгүскүт истибит, тутуһар буолуохтаах.
Норуокка киэҥник тарҕаммыт билгэлэр төрүөттэрин хаһыстыбыт. Онон киһи итэҕэйиэн сөптөөх билгэлэрин туһунан ааҕыҥ.
АРДАХ ТҮҺЭРИН БИЛГЭТЭ
“Ыт ыксыы-ыксыы оту сиэтэҕинэ, ардах түһэр чинчилээх” диэн билгэни бары даҕаны кыра эрдэххититтэн истэ улааппыккыт буолуо. Ол эрээри, бу киһи итэҕэйэригэр улахан төрүөтү биэрбэт иһитиннэрии диэххэ сөп. Ыт тугу баҕар сиэн сөп буоллаҕа.
Арай, кыыл-сүөл киһиттэн уратыта диэн, күн-дьыл туругун, тулалыыр эйгэ уларыйыытын түргэнник бэлиэтиир. Холобура, хараҥаччы аллараанан көтөр буоллаҕына, ардах түһэрин, дьэ, дьиҥнээхтии күүтүөххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ, сөҥүү түһээри гыннаҕына, атмосфера дабылыанньата түһэн, салгын сиигэ үрдээн, оҥоойулар аллараа түһэллэр. Бу үөннэринэн үссэнээри, хараҥаччылар аллараанан көтөр буолаллар. Онон бу билгэҕэ итэҕэйиэххэ сөп.
ТУУС ТОҔУННАҔЫНА
Тууһу алҕаска тохтоххутуна, дьиэҕэ баар дьон оройугар тоҕуллубут туускутун таммалатаҕыт дуу? Этиһии тахсаары гынна, ону баттатан диэн буолааччы. Бу билгэ быһаарыыта олох судургу буолан таҕыста.
1648 сыллаахха Москваҕа буолбут туус буунун ахтан ааһыахха. Норуот аһы кэнсиэрбэлииргэ туһанар туустарын сыаната үрдээбитигэр айдааран, бууннаан турбута. Тууһа суох буоллахтарына, кыһыҥҥы астарын хаһааһа эмиэ суох буолара биллэн турар. Онон тууһу алҕаска тохпут киһи дьонун аһа суох хаалларан, дьиэҕэ этиһиини, айдааны таһаарыан сөп диэнтэн бу билгэ норуокка киэҥник тарҕаммыт эбит.
ЧЫЫЧААХ БИИР АТАҔАР ТУРДАҔЫНА
Куурусса, кус-хаас, чыычаах, уопсайынан көтөр кынаттаахтар биир атахтарыгар туралларын бэлиэтии көрөн, бытарҕан тымныылар түһэллэрин билгэлэнэн, оҕуруоту, сибэккини өрүһүйэ сүүрээччи дьон баарын билэбин.
Салгынынан көтө сылдьар буоланнар, көтөрдөр салгын температурата уларыйарын ким хайан иннинэ бастакынан билэллэр. Сир салгыннааҕар бытааннык сойор. Ол иһин чыычаахтар сиргэ түһэн тоҥумаары, итии ылаары биир атахтарынан үктэнэнэллэр эбит диэн үөрэхтээхтэр дакаастаабыттар.
ХАРА КУОСКА СҮҮРДЭҔИНЭ – КУҺАҔАҤҤА
Үйэттэн үйэҕэ дьон хара куоска үчүгэйтэн ураты, туох баары барытын кистиир, куһаҕаны биттиир диэн өйдөбүллээх. Хара куоска иннигинэн сүүрэн аастаҕына, чугаһынан кэмҥэ олоххор куһаҕан бити-билгэни күүтэн барыаххын сөп. Былыр куһаҕан санаалаах дьахталлар иккис олохторугар хара куоска буолан төрүүллэр диэн өйдөбүллээхтэрэ. Онон абааһы дьахтара иккис да олоҕор дьоҥҥо куһаҕаны баҕарыан, оҥоруон сөп диэн өйдөбүлтэн маннык билгэ норуоттан норуокка тарҕаммыт. Дьиҥэ, куоска барахсан хара буолан төрөөбүтүгэр туох буруйдаах буолуой?!
АҺЫҤА СЫРДЫРГЫЫРА – ҮЧҮГЭЙ КҮҤҤЭ
Күн-дьыл туругун туһунан өссө биир билгэни быһаарсыахха. Аһыҥа сырдыргыыра күн устата чаҕылхай күннээх, куйаас күн турарын бэлиэтиир. Аһыҥа илиитэ-атаҕа кынатыгар аалыллан, сырдыргыыр тыас тахсар эбит. Салгын сииктээх буоллаҕына, аһыҥа аалынарыгар сиик мэһэйдэри үөскэтэн, тыас кыратык иһиллэр буолар. Ол иһин сайыҥҥы өҥүрүк куйааска аһыҥа сырдыргыырын чуолкайдык истэбит.
ИҺИИРИМЭ – ХАРЧЫҤ БҮТҮӨ
Улахан суолтата суохтук салгыҥҥа иһиирэр харчы суох буолуутуун, дьадайыыны бэлиэтиирин оҕо эрдэхпититтэн билэ улааппыппыт. Бэл, “харчыҥ салгыҥҥа көтө илигинэ иһиирбит салгыҥҥын түргэнник төттөрү оборо оҕус” диэн күлэн этэллэрин эмиэ истибит буолуохтааххыт.
Бу билгэ быһаарыыта эмиэ олус судургу эбит. Тугу да гынара суох, иллэҥ киһи иһиирэр, оттон үлэлиир, хас биирдии сөкүүндэтин ааҕа сылдьар киһиэхэ, иһиирэр да солото суох буолар. Онон тугу да гыммат киһи харчыта суох буолар диэн санааттан бу билгэ норуокка тарҕаммыт. Кырдьык даҕаны, толкуйдаан көрдөххө, үлэ үөһүгэр сылдьан ким даҕаны иһиирэ оонньуу сылдьарын бэлиэтээн көрө иликпин.
МУННУККА ОЛОРУМА – КЭРГЭННЭНИЭҤ СУОҔА
Муннугу кытта дьоҥҥо куруук үтүөтэ суох өйдөбүл кэлэрэ буолуо. Оҕо сылдьан муннукка туран буруйдарын боруостаабыттар үгүстэр. Аны муннукка олорбут эдэр кыргыттары-уолаттары кэргэн ылыаҥ, тахсыаҥ суоҕа диэн харыстаабыт түбэлэтэрэ даҕаны үгүс.
Бу билгэ Былыргы Русь саҕаттан кэлбит эбит. Бырааһынньык, мустуу кэмигэр остуолга бастакынан ыҥырыылаах ыалдьыттары, бас-көс, ытыктыыр дьоннорун олордоллор. Онтон ханна миэстэ баарынан дьиэлээхтэр, эдьиийдэр-убайдар олороллор. Ол эрэ кэнниттэн ханна ордубут үүт-хайаҕас, муннук баарынан дьадаҥы аймахтар, көмүскэнэр дугдата-хаххата суох, эрэ суох дьахталлар кыбыллан киирэн олороллоро үһү. Онтон ыла муннукка олорор соччо биһирэммэт эбит.
ҮРҮҤ КӨМҮС ХАРААРЫЫТА – БЫҺА САҤАРЫЫГА
Сөбүлээн кэтэр үрүҥ көмүс киэргэлиҥ эмискэ хараардаҕына, ким эрэ эйигин куһаҕаннык саҥарбыт, бэл, кыраабыт диэн этээччилэр. Ол эрээри, хата, аныгы үйэ киһитэ, үрүҥ көмүс кэм-кэрдиис аастаҕына хараарыан сөбүн, бу кини айылҕаттан бэриллибит уратыта буоларын, хара магияны кытта туох даҕаны сыһыана суоҕун билэр буолуохтаах. Ол эрээри, хараарбыт үрүҥ көмүс киһи доруобуйатыгар кыһалҕаламмытын эмиэ бэлиэтиэн сөп диэн быһаарбыттар. Холобура, киһи ыалдьан наһаа тириттэҕинэ, көлөһүн тахсан үрүҥ көмүһү кытта реакциялаан, киэргэл хараарар эбит. Быһата, химическэй реакция барар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: