Билиэн-көрүөн баҕалаахха: успуорка сыһыаннааҕы төһө сэргиигин?
20.11.2024, 10:05
Хаартыска СИА архыыбыттан
Бөлөххө киир:
Успуорка сыһыаннааҕы төһө сэргиигин? Маны билэҕин дуо?
Сахалыы оонньуу, дьарык арааһын Үөһээ Дьааҥыга 1867-1876 сс. сыылкаҕа кэлэн олорбут И.А.Худяков аан маҥнай сурукка киллэрбитэ.
Сэһэнтэн, үһүйээнтэн биллэринэн, сахалыы оонньууларга күрэхтэһии ыһыахха XV-XVII үйэҕэ киирбит эбит.
Революция кэнниттэн 1932 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ олохтоммута уон сыла туолуутугар анаан улахан спартакиада ыытыллыбыта.
1934 с. аан маҥнайгынан Ф.С.Андросов «Оонньуулар тустарынан» диэн брошюрата бэчээттэммитэ.
1945 с. сахалыы успуорт көрүҥнэрин быраабылата бигэргэтиллибитэ. Тустууну, мас тардыһыытын ыйааһынынан көрөн араарар буолбуттара.
«Бичик» («Айар») кинигэ кыһатыгар 2009 с. бэчээттэммит «Саха ыалын халандаарыттан»
Хаартыска: СИА архыыбыттан
+1
1
+1
+1
+1
+1
1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: