Билиэт суох, дьиэбэр хайдах тиийэбин
Сайын уоппуска кэмэ буолан, соҕуруу сынньана барааччы аҕыйаҕа суох. Урукку курдук тас дойдуларга барыы аччаан, киһи үксэ Хара муора эҥэрин былдьаһар. Манна кэлиҥҥи күннэргэ тимир суол билиэтин тула мөккүөр күөдьүйдэ. Атырдьах ыйын бүтүүтэ Анапаттан барыыга биир да билиэт суох, тиксиһэр (стыковочнай) эриэйистэргэ сыана ардыгар 75 тыһ. солк. тиийэ таҕыста. Новороссийскайтан Москваҕа диэри айан 100 тыһ. солк. кэриҥэ да буолуон сөп. Тоҕо маннык балаһыанньа үөскээтэ диэн суруйар, rg.ru саайт.
РЖД уонна агрегаттар саайтарыгар киирэн да туһа суох, билиэт мэлигир. Арай Анапаттан таксинан Сочига тиийэн баран, сөмөлүөтүнэн көтүөххэ сөп, ол эрээри аэропорка диэри 30-тан тахса тыһыынчаны төлүүгүн. Эбэтэр Сочи уонна Минводы нөҥүө көтүөххэ, автобуһунан эбэтэр бэйэҥ массыынаҕынан тиийиэххин сөп. Оччотугар Сочига диэри бензиҥҥэ быһа холуйан, 1,5 тыһ. солк. барыа, оттон автобус билиэтин сыаната 3 тыһ. солк. Сиринэн 9 чаас кэриҥэ айанныыгын, 330 км. Минводы куоракка диэри айан өсөс уһун. Уопуттаах айанньыттар этэллэринэн, билиэт пуойас айаннаары турдаҕына суох буолар. Атын кэмҥэ булуохха сөп, ол эрээри ити соҕотох киһиэхэ ордук. Дьиэ кэргэнинэн сылдьар дьоҥҥо ыарахан.
Өссө биир барыйаан. Анапа муоратын пордуттан “Кометаҕа” олорсон, уунан түөрт чааһынан Сочига тиийиэххэ сөп, онно сыаната 8 тыһ. солк. Оттон “Ласточка” электричка сыаната — 1,3 тыһ. солк., 8 чаас айанныыр. Ол эрээри билиэт хайатыгар да суох. Эбиитин Анапа – Сочи айанныыр “Кометаны” быстах кэмҥэ тохтотон кэбиспиттэр. “Билигин биир “Комета” Новороссийскайтан уонна Геленджиктэн Сочига сылдьар. 5 чаас айанныыр. Билиэт сыаната 5-6 тыһ. солк.”, – диэн этэр “Водоход Экспресс” хампаанньа гендириэктэрэ Михаил Антошин. — “Комета” бу маршрутунан алтынньыга диэри сылдьыа. 120 миэстэлээх.
Анапа-Москва тимир суолугар саамай үрдүк сыаналаах билиэт 208 тыһ. солк. тиийэр диэн Tutu.ru. саайт иһитиннэрэр. Волгоградка, Сызраньҥа, Ртищевоҕа, Пензаҕа, Рязаньҥа уо.д.а. куораттарга көһөрөн олордуулаах плацкарт вагоннарга 10 тыһ. солк. билиэти булуохха сөп.
Тоҕо маннык буолбута, Анапа, Геленджик, Краснодар уонна Ростов-на-Дону куораттар аэропортара сабыылаахтарынан быһаарыллар. Онон РЖД пуойаһынан көһөрөн олордуулаах айаны, автобуһу талыҥ диэн пассажирдарга сүбэлиир. Түбэстэххэ, 30 тыһ. солк. сыаналаах билиэт Адлер-Москва эриэйискэ да тахсыан сөп. Дьэ, онон, Хара муора кытыытыгар бархатнай сезоҥҥа барааччылар эрдэттэн билиэккитин көрүнэн-хааччынан айаннааҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: