Үөрэх тиэмэтин суруйарым быһыытынан, бу күннэргэ: “Билии күнэ хаһан буолар?”, “Кырдьык балаҕан ыйын 2 күнүгэр көстө дуо?”, – диэн ыйытааччылар элбэх. Чахчытын Үөрэх уонна билим министиэристибэтиттэн туоһуластым.
Үөрэх уонна билим министиэристибэтигэр: “РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтин 2024 сыл бэс ыйын 1 күнүнээҕи №01-21/906 суругар олоҕуран, 2024-2025 үөрэх дьылыгар уонна Билии күнүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһиннэри үөрэх тэрилтэлэригэр 2024 сыл балаҕан ыйын 2 күнүгэр ыытарга сүбэлииллэр (рекомендованы).
Бу сүбэ (рекомендация) эрэ буолар. Быһаарыыны оскуола бэйэтэ ылынар, линейканы балаҕан ыйын 1 күнүгэр эмиэ ыытыахтарын сөп”, – диэн эттилэр.
Быйыл Билии күнэ – балаҕан ыйын 1 күнэ өрөбүлгэ түбэһэр. Онон, судургутук быһаардахха, дойду Үөрэҕириитин министиристибэтэ үөрүүлээх тэрээһини оскуолалар өрөбүлгэ ыыталларын дуу, бэнидиэнньиккэ тэрийэллэрин дуу бэйэлэрэ быһааралларыгар көҥүл биэрбит.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…