Билии күнэ үгүс үөрэх тэрилтэлэригэр балаҕан ыйын 2 күнүгэр көстө

Share

Быйыл саас дойду Үөрэҕириитин министиэристибэтэ Билии күнэ өрөбүлгэ түбэһэринэн сибээстээн, балаҕан ыйын 2 күнүгэр – бэнидиэнньиккэ көһөрүөххүтүн сөп диэн иһитиннэрбитэ.

“РФ Үөрэҕириитин министиэристибэтин 2024 сыл бэс ыйын 1 күнүнээҕи №01-21/906 суругар олоҕуран, 2024-2025 үөрэх дьылыгар уонна Билии күнүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһиннэри үөрэх тэрилтэлэригэр 2024 сыл балаҕан ыйын 2 күнүгэр ыытарга сүбэлииллэр (рекомендованы).

Бу сүбэ (рекомендация) эрэ буолар. Быһаарыыны оскуола бэйэтэ ылынар, линейканы балаҕан ыйын 1 күнүгэр эмиэ ыытыахтарын сөп” – диэн Саха сиринээҕи Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ эрдэ иһитиннэрэн турар.

Онон быйылгы Билии күнүн Саха сирин үгүс үөрэҕин тэрилтэлэрэ бэнидиэнньиккэ – балаҕан ыйын 2 күнүгэр көһөрдүлэр. Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка үөрүүлээх линейка эмиэ балаҕан ыйын 2 күнүгэр буоларын туһунан ректор Анатолий Николаев пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр эппитэ.

Үөрэх тэрилтэлэрэ бэйэлэрэ быһаарыы ылынар буолан, холобур, Чурапчы улууһугар бирикээс таһааран, Билии күнүн үөрүүлээх линейкатын халбаҥнаппакка күнүгэр – балаҕан ыйын 1 күнүгэр тэрийэргэ быһаарбыттар.  Онон бүгүҥҥү күҥҥэ диэри оскуолаҕыт, орто, үрдүк үөрэххит кыһата тэрээһини хаһан ыытарын биллэрэ илик буоллаҕына, чопчулаһаргыт ордук.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

4 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

7 часов ago