Билии күнүгэр маҥнайгы кылааска киирэр оҕолорго күннүктэри туттарыахтара

Share

Маҥнайгы кылааска киирэр кырачаан оҕолорго саҥа үөрэх дьыла – улахан эрэл, саҥа арыйыылар, кыахтар аһыллар кэмнэрэ чугаһаата. Бу бэлиэ күнтэн билии ураты дойдутугар умсулҕаннаах айаннара саҕаланар. Билиигэ хардыылыылларыгар кинилэргэ СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэригэр анаан оҥорбут ураты күннүгэ көмөлөһүөҕэ.

Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ номнуо иккис сылын үөрэххэ ситиһиини хонтуруоллуурун таһынан, үөрэтэр уонна култуураҕа сыһыарар аналлаах сахалыы, нууччалыы икки тыллаах күннүгү таһаарар.

“Маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр аналлаах өрөспүүбүлүкэ икки судаарыстыбаннай тылынан тахсар күннүгэ төрөөбүт тылы хараанныыр, сайыннарар эрэ аналлаах буолбатах, оҕолорго биһиги эрэгийиэммит элбэх тыллаах култууратыгар ытыктабылы иҥэрэн иитэр суолталаах. Күннүк оҕолор күннээҕи олоххо икки тылы тутталларыгар үөрэтиэҕэ. Ону таһынан, бу курдук таһаарыылар оҕолор уонна төрөппүттэр бэйэлэрин өрөспүүбүлүкэлэринэн киэн туттан, араас култууралары ытыктыы үөрэнэллэригэр сирдиэҕэ. Бу икки тыллаах күннүк бастакы кылааска киирэр оҕолорбутугар билии киэҥ аартыгар аргыс буоларыгар эрэллээхпит. Күннүк хас биирдии илииһэ улахан ситиһиигэ кыра хардыынан буоллун!” – диэн миниистир Нюргуна Соколова эппит.

Күннүктэри Билии күнүн үөрүүлээх тэрээһинигэр – 2024 сыл балаҕан ыйын 2 күнүгэр туттарар былааннаахтар. Өрөспүүбүлүкэ хас биирдии маҥнайгы кылааһыгар киирэр үөрэнээччитэ тутуоҕа диэн туһааннаах министиэристибэ саайтыгар суруйаллар.

What’s your Reaction?
+1
12
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

6 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

10 часов ago