«Билиигинэн кыайыаҥ» истипиэндьийэ кыайыылаахтарын аата билиннэ

Share

СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев аатынан “Билиигинэн кыайыаҥ” истипиэндьийэ быйылгы кыайыылаахтарын аатын уопсастыбаннай хамыыһыйа мунньаҕар быһаардылар.

Истипиэндьийэни СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев өссө 2002 сыллаахха олохтообута. Күн бүгүн 54 үөрэнээччи уонна дойду, тас дойду 70 уһулуччулаах педагога, билим уонна ускуустуба диэйэтэлэ истипиэндьийэ хаһаайынынан буолар.

Истипиэндьийэ балаһыанньатыгар олоҕуран, быйылгы куонкуруска барыта 64 сайаапка киирбит, ол иһигэр 47 үөрэнээччи итиэннэ 17 педагог. Уопсастыбаннай хамыыһыйа мунньаҕа алтынньы 31 күнүгэр буолбут.

Анал истипиэндьийэ быйылгы кыайыылаахтара.

Үөрэнээччилэргэ:

  1. Бродникова Йола Александровна, Анаабыр улууһун Сааскылаах орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ, билим-чинчийэр үлэ хайысхатыгар.
  2. Быков Вадим Дмитриевич, МИСИС национальнай чинчийэр технологическай университет 1 кууруһун устудьуона, Нерюнгри куорат 24-с нүөмэрдээх Информационнай-технологическай лиссиэйин бүтэрээччитэ, билим-чинчийэр үлэ хайысхатыгар.
  3. Шахурдина Дарья Васильевна, В.А. Босиков аатынан СӨ Муусука үрдүкү оскуолатын кэнсиэрдиир струннай инструменнар (скрипка) хаапыдыратын 2-с кууруһун устудьуона, ускуусутуба хайысхатыгар.

Педагогтарга:

  1. Хоютанова Мария Иустиновна, С.К. Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия физикаҕа учуутала, билим-чинчийэр үлэ хайысхатыгар.
  2. Подвигин Леонид Владимирович, В.П. Ларионов аатынан физика-тиэхэньиичэскэй лиссиэй географияҕа учуутала (2023-2024 үөрэх дьылыгар Москва к. 1788 нүөмэрдээх оскуолатын географияҕа учуутала) олимпиада хамсааһынын хайысхатыгар.
  3. Власов Анатолий Иванович, физика-математика билимин хандьыдаата, дассыан, Пензатааҕы судаарыстыбаннай университет ситимнээх үөрэххэ институтун естественнэй-математическай үөрэххэ хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ, Пенза к., РФ олимпиада хамсааһына хайысхаҕа.
  4. Неустроева Александра Анатольевна, П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба училищетын (кэллиэс) анал дьиссиппилиинэҕэ преподавателэ, ускуустуба хайысхатыгар.

“Билиигинэн кыайыаҥ” анал истипиэндьийэни туттарыы үөрүүлээх тэрээһинэ бу сыл сэтинньи 13 күнүгэр “Саха” НКИХ устуудьуйатыгар киэһэ 17 чаастан буолуоҕа. Тэрээһини быһа эпииринэн көрдөрүөхтэрэ. Бу туһунан СӨ Билим дьоҕус академиятын тэрийэр-мэтэдиичэскэй салаата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Саҥа сылы оһуокайдаан көрүстүбүт

Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Санаторийга барарга чэпчэтиилээх путевканы хайдах ылыахха сөбүй?

Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…

13 часов ago
  • Сонуннар

Дьокуускай 39-с оскуолатын үөрэнээччилэрэ Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэҕэ ситиһиилээхтик кытыннылар

Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…

14 часов ago
  • Сонуннар

СҮБЭҺИТ: Баҕа санаа хаартата

Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон Баҕа санаа ­хаартатын оҥорорунан үлүһүйдэ. Баҕа са­нааҕын барытын толорор үһү диэн…

14 часов ago
  • Сонуннар

Орто Халымаҕа сүппүт ыал этэҥҥэ дьиэтин булла

Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, СӨ Быыһыыр сулууспата Орто Халымаҕа массыынанан айаннаан иһэр оҕолоох дьон сүппүттэрин…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээҥҥэ Дьокуускайтан хочуолунай саппаас чаастарын илдьэ сөмөлүөт көтүөҕэ

Дьокуускайтан Эдьигээҥҥэ АН-26 сөмөлүөт хочуолунай үлэтин сөргүтэргэ саппаас чаастары илдьэ көтүөҕэ. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын…

15 часов ago