Билиинчиктэн курник бөрүөк
Бүгүн Масленица нэдиэлэтин үһүс күнэ — Лакомка. Бу күннэргэ хаһаайкалар саһарчы буспут билиинчиктэри астаан, оҕолорун, кэргэттэрин күндүлүү-маанылыы сылдьар буолуохтаахтар. Бүгүн билиинчиктэн нуучча норуотун биир бастыҥ бүлүүдэтин — курнигы хайдах астыыры кэпсиэхпит.
Бастаан билиинчиктэри буһарабыт. Саамай судургу ырысыап — алаадьы тиэстэтин курдук эрээри, убаҕас.
Ыстакаан үүт, 1-2 сымыыт, туус, 2 ост.нь үүнээйи арыыта, бурдук — тиэстэ убаҕас соҕус буолар. Күүскэ ытыйан баран, уонча мүнүүтэ туруора түстэххэ, тиэстэ «тыынар», «хам ылсар». Билиинчик арыый халыҥ соҕус буолара ордук.
Фудблогер Наталья Оконешникова билиинчигин ырысыаба:
400 мл сылаас үүт, 1/2 ыстакаан оргуйбутунан итии уу, 2 сымыыт, 300 гр бурдук, 1/2 ч.нь. туус, 1/4 ч.нь суода, 100 гр ынах арыыта, 1 ост.нь. саахар.
Сымыыты саахары, тууһу кытта ытыйан баран, үүтү, суоданы кутуллар. Салгыы бурдугу кутан баран, күүскэ булкуйуллар. Онтон ууллубут арыыны уонна итии ууну кутуллар.
Курник диэн бөрүөк туспа тиэстэлээх буолар. Ол эрээри, бу сырыыга тиэстэ оннугар билиинчиктэри туһанабыт. Оччоҕо курник оҥоһуута сүрдээх судургу буолар.
Бастаан куурусса этин луугу, моркуобу кытта ыһаарылыыбыт. 4-5 сымыыты ууга буһарабыт. Тэллэйи (шампиньону) луугу кытта туспа ыһаарылыыбыт (тоҥоруллубут тэллэй буолуон сөп), буспутун кэннэ, чөчөгөй эбэн, минньитэн биэриэххэ сөп.
Дириҥ түгэхтээх иһиккэ 4-5 билиинчиктэри уурабыт. Алларааҥҥы билиинчиктэр иһит эркинин, бөрүөк ойоҕосторун сабар курдук улахан буолуохтаахтар. Билиинчиги сүөгэйинэн сотобут. Ол үрдүгэр ыһаарыламмыт кууруссаны кутан, тэҥнээн баран, билиинчигинэн саба уурабыт, эмиэ сүөгэйинэн сотобут. Иккис араҥа — тэллэй, үһүс араҥа — сымыыт (сымыыкка буспут риһи булкуйуохха эмиэ сөп, оччоҕо ордук тотоойу буолар).
Бүтэһигэр ойоҕоһун билиинчиктэринэн сабан, бөрүөк курдук быһыылыыбыт. Үрдүгэр 1-2 билиинчиги саба уурабыт, сиикэй сымыыт уоһаҕынан сотобут (эбэтэр, түөркэлэммит сыыры кутуохха сөп). Итийбит духуопкаҕа 20 мүнүүтэ буһара түһэбит.
Сорохтор сүөгэй оннугар тума (соус) оҥороллор эбит — хобордооххо кыра ынах арыытын уулларан, бурдугу кутан, саһарчы буһара түһэн баран, бульон куталлар, үчүгэйдик булкуйаллар. Бу саламаат курдук буһарыллар эрээри, «белый соус» диэн ааттаах, хойуу тума буолан тахсар. Бу туманы хас араҥа ахсын куталлар. Төһөнөн сүмэһиннээх да, соччонон амтаннаах. Көрөргүт курдук, хас хаһаайка бэйэтэ сөбүлүүрүнэн оҥоруон сөп.
Минньигэстик аһааҥ!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: