Билиҥҥи кэммит кэрэһиттэрэ

Share

Кыайыы күнэ диэн сырдык бырааһынньыкпыт аата билигин өссө долгутуулаахтык иһиллэр буолла. Тоҕо диэтэххэ, күн бүгүн хорсун уолаттарбыт эйэлээх олох иһин байыаннай дьайыыга кытта сылдьаллар. Кинилэр кыайыы көтөллөөх этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин бары күүтэбит уонна эрэнэбит…
Хорсун байыастарбыт тустарынан сэһэргиир “Время выбрало нас” диэн быыстапканы СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин эрэгийиэннээҕи салаата кыттыһан тэрийдилэр.

Хаартыскаҕа Анисия Иевлева түһэриитэ- Владимир Путин байыаннай эпэрээссийэни сырдатар экспозициялары уонна мусуойдары тэрийэр туһунан эппитэ. Ол бачыымы өйөөн, бу 50-тан тахса экспонаттаах быыстапканы туруордубут. Манна Аҕа дойду Улуу сэриитин, Афганистан, Чечня уонна Украинаҕа буола турар байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын туһунан сэһэргиир кинигэлэри көрдөрүүгэ уурдубут. Маны сэргэ «Якутия с тобой!» уопсастыбаннай түмсүү, «Волонтеры-Саха» хамсааһын, Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин Саха сиринээҕи кэмитиэтин үлэтин билиһиннэрэр истиэндэлэр ыйаннылар, “Саха” НКИХ байыаннай эпэрээссийэҕэ сырдык тыыннарын толук уурбут саллааттарбыт тустарынан устубут биэриилэрин QR-код нөҥүө көрүөххүтүн сөп. Түөрт витринаҕа маллары тиэмэлээн араардыбыт. Ол курдук, бастакыга Ил Дархан байыаннай дьайыыттан кэлбит байыастарга туттарар саха быһаҕыттан саҕалаан, В.В. Путин ыйааҕынан бэриллэр “Хорсунун иһин” мэтээлгэ тиийэ баар. Иккискэ – хантараагынан болдьохторо бүтэн кэлбит уолаттарбыт анарааттан аҕалбыт маллара: испиискэ, бэйэ оҥоһуута чүмэчи, билээгэ, табах, оннооҕор миномет үлтүркэйэ, бултаабыт туртастарын муоһа кытта баар. Үксүн Самсон диэн позывнойдаах уол биэрбитэ. Кини бэйэтэ педагог буолан, кэнчээри ыччакка кэпсиир гына, барытын илдьэ кэлбитэ кэрэхсэбиллээх. Үһүс экспозиция элбэх байыаһы  быыһаабыт, тыыннааҕар Жуков, о.д.а. мэтээллэринэн, итиэннэ өлбүтүн кэннэ “Хорсун санааланыы” уордьанынан наҕараадаламмыт Василий Даниловка ананар. Кинини Арассыыйа Дьоруойугар түһэрэргэ 48 тыһыынчаттан тахса киһи илии баттаабыт петицията бу паапкаҕа угуллан сытар. Төрдүскэ — Ийэ дойдубутун көмүскээччилэрбитигэр дьон-сэргэ өйөөн бэлэхтээбит оҥоһуктара, суруйуулара, харысхаллара, — диэн кэпсээтэ СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин үлэһитэ, бу экспозицияны сүрүннээбит Туйаара Сокорутова.

«Время выбрало нас» быыстапканы аһар долгутуулаах тэрээһини, байыаннай дьайыылар буола турар сирдэригэр Китджалыын тиийэн кэнсиэртээн, саха ыччатын санааларын бөҕөргөппүт эстрада артыыһа,  хаһыс да ыйын онно сулууспалыы сылдьар хорсун уол оҕолоох аҕа, 1989 сыллаахха оскуоланы бүтэрбит үөлээннээхтэриттэн гуманитарнай көмөнү хомуйан тиэрдибит уопсастыбанньык Эрхаан  “Алҕаа миигин, аҕаккаам” ырыатынан арыйда.
— Дойдубут Бэрэсидьиэнэ эппитин курдук, устуоруйаны дьон суруйар, онон сылааһына бу байыаннай эпэрээссийэни сурукка-бичиккэ тиһэн, оҥоһуктарга, хаартыскаҕа, киинэҕэ үйэтитэн иһиэхтээхпит. Оннук санаанан бу быыстапканы Национальнай бибилэтиэкэ үлэhиттэрин кытта тэрийдибит. Оттон, дьиҥэр, барыта биир суруктан саҕаламмыта. Окуопаҕа олорор байыаска, “Письмо солдату” аахсыйа чэрчитинэн, оҕо ойуулаабыт уруhуйдаах суругун туттарбыттар. Ону сулууспалыырын тухары сүтэрбэккэ илдьэ сылдьыбыт. Дойдутугар эргиллэн кэлээт: «Бу сурук миигин быыhаабыта, аны эн үлэҕэр көмөлөстүн», — диэн, миэхэ биэрбитэ. Бастакы экспонат итинник тиксибитэ. Онтон ыла сыыйа мунньуллан барбыта. Бэйэм саха араадьыйатыгар «Экспонаттар кэпсииллэр» биэриини ыытар этим. Онон кэми уонна устуоруйаны кэрэһилиир маллары олус суолталыыбын, — диэтэ Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин Саха Сиринээҕи салаатын салайааччыта Светлана Диодорова-Лаврентьева уонна Национальнай бибилэтиэкэҕэ ааптар Анна Ревякина илии баттааһыннаах “Восемь. Донбасских. Лет” диэн кинигэни бэлэхтээтэ.

Бу быыстапканы тэрийсибит Светлана Владимировнаҕа уонна байыаннай дьайыы кыттыылаахтара И.А. Самсоновка, А.Н. Храмовка, Василий Данилов огдообото Н.С. Даниловаҕа, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин дириэктэрэ С.В.Максимоваҕа уонна А.Н.Лыткиҥҥа Махтал суруктары култуура итиэннэ ыччат министиэристибэлэрин ааттарыттан туттардылар.

СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистир Петр Шамаев:
— Былырыын муус устар 4 күнүгэр бастакы 90 байыаһы Саха сириттэн алҕаан атаарбыппытын өйдүүбүн. Номнуо билигин байыаннай эпэрээссийэ бэтэрээннэрэ биһиги кэккэбитигэр баар буоллулар.  Урут маннык патриотическай тэрээһиннэри ыччат көннөрү кэнсиэр, ахтыы курдук ылынара, оттон билигин бэйэлэрин олорор кэмнэрин туоһута, кырдьыга буоларын өйдөөн, патриотизм туһунан дириҥ өйдөбүллэнэн эрэллэр, ийэ дойдуга бэриниилэрэ күүһүрэр.

Хаартыскаҕа Анисия Иевлева түһэриитэКултуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин солбуйааччы Афанасий Ноев:
-Бибилэтиэкэ диэн устуоруйа кэрэһиттэрин хараанньыта. Манна ыраахтааҕылаах Арассыыйа сэриилэриттэн саҕалаан, бүгүҥҥү байыаннай эпэрээссийэ туһунан кинигэлэри булуохха сөп. Владимир Путин байыаннай эпэрээссийэ туһунан норуокка сэһэргиир экспозициялары тэрийэргэ сорудахтаабыта. Онон  “Арассыыйа – мин устуоруйам” мультимедийнай паарка биир саалатын онно анаатыбыт. Саха дьоно бэйэбит буойуттарбыт ааттарын үйэтитиигэ уруккуттан утумнаахтык үлэлиир үтүө үгэспитин салгыыбыт.
«Якутия 24» телеканал байыаннай кэрэспэдьиэнэ Александр Хавренко:
-Антах инники кирбиигэ чуумпуну баҕараллар…  Дуоһуйа утуйуохтарын, биир кэм кэтэммэккэ-сэрэммэккэ холкутук сылдьыахтарын… Биир билбэт саллаатым: “Мин тыыннаахпын”, — диэн үөрбүтүн көрөн долгуйбуппун умнубаппын. Саамай үчүгэйэ, бары кыайыыга бүк эрэллээхтэр. Эһэм фашистар туһунан кэпсиирэ. Кини сиэнэ мин, ол кыһалҕаны утары охсуһууга кытта сылдьабын. Кэлин эмиэ оҕолорбор сэһэргиэм…

Хаартыскаҕа Анисия Иевлева түһэриитэЕм.Ярославскай аатынан судаарыстыбаннай түмэл дириэктэрэ, СӨ Уопсастыбаннай балаататын бэрэссэдээтэлэ Николай Бугаев:
-Билигин үс сиргэ байыаннай эпэрээссийэ быыстапката буола турар. Биһиги булгуччу кыайыахтаахпыт. Срочниктарбыт эмиэ бөҕөргөтүүгэ төһүү күүс буолан, Брянскай, Ростовскай, Воронежскай, Крым кыраныыссаларыгар сулууспалыы сылдьаллар. Бэйэбит кэммит сүгэһэрин бары үллэстэн илдьэн, кыайыыга дьулуһуохтаахпыт, буойуттарбытыгар күүс-көмө буолуохтаахпыт.
Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаhалтатын ис бэлиитикэҕэ Департаменын салайааччыта Александр Трофимов:
-Мин хаан-уруу 5 быраатым, кылааһынньыктарым билигин байыаннай дьайыыга кытта сылдьаллар. Маннык быыстапкалар соруктара – кырдьыктаах дьыала иһин сомоҕолоһорго ыҥырыы, ыытылла турар эпэрээссийэ сөптөөх быһаарыныы буоларын нэһилиэнньэҕэ өйдөтүү, ыччакка патриоттуу тыыны иҥэрии.
Түмүккэ байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара тахсан, бу истиҥ көрсүһүү иһин махтаннылар, патриоттары иитэн таһаарары кэм ирдиирин эттилэр.
«Время выбрало нас» быыстапканы СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр кэлэн көрөргүтүгэр  ыҥырабыт.

Анисия Иевлева,
Национальнай бибилэтиэкэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

6 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

7 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

7 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

8 часов ago