Бүгүн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйа М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университеты кытары Бүтүн Арассыыйатааҕы «Актуальные вопросы избирательного права и процесса: практика и перспективы» научнай-практическай төгүрүк остуолу ыытта.
Мунньахха быыбардыыр быраап, быыбары тэрийии, билиҥҥи кэмҥэ ураты суолталаах кыһалҕалар тустарынан уонна сайдыы хайысхаларын дьүүллэстилэр. Атын эрэгийиэннэр бэрэстэбиитэллэрэ бэйэлэрин уопуттарын атастастылар. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ уопсайа 100-кэ киһи, ол иһигэр видео-сибээһинэн атын эрэгийиэннэртэн быыбардыыр хамыыһыйалар салайааччылара, бэлитиичэскэй баартыйалар бэрэстэбиитэллэрэ, устудьуоннар уо.д.а. кытталлар.
Бу тэрээһин туһунан СӨ Киин хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров маннык кэпсээтэ:
«Арассыыйа быыбардыыр систиэмэтин 30 сылынан маннык тэрээһини ыытарга быһаардыбыт. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ 100-кэ киһи кыттар, уопсайа 32 киһи дакылаат оҥороро былааннанар. Москваттан, Саратовтан, Тюменьтэн, тыл этиэхтэрэ. Ону тэҥэ Ненецкэй автономнай уокуруктан быыбар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Иван Макаров кэлэн кытта сылдьар. Номнуо иккис күнүн биһиги кинини кытары үлэлиибит. Итини таһынан өрөспүүбүлүкэ 25 улууһуттан видеоконференция сибээһинэн холбонон кыттыахтара. Олус туһалаах тэрээһин буолуо диэн эрэнэбит. Билиҥҥи кэмҥэ ураты суолталаах элбэх боппуруос туһунан кэпсэтиэхпит уонна уопут атастаһыахпыт», — диэтэ Евгений Федоров.
Төгүрүк остуолга анаан-минээн Ненецкэй автономнай уокурук быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ, дойду бастыҥ юридическай сурунаалларыгар тахсар муниципальнай уонна быыбардыыр быраап билиҥҥи ордук суолталаах кыһалҕаларын туһунан научнай таһаарыылар ааптардара Иван Макаров уустук суоллаах-иистээх, ыраах сытар территорияларга болдьоҕун иннинэ куоластааһыны тэрийиигэ саҥа ньымалар уонна кыһалҕалар тустарынан кэпсээбитэ улахан интэриэһи үөскэттэ.
Эмиэ Саха сиригэр курдук Ненецкэй автономнай уокурукка табаһыттар, баахта үлэһиттэрэ, үгэс курдук, быыбар болдьоҕун иннинэ куоластыыллар. Быыбар хамыыһыйата ыраах сытар сирдэргэ эрдэ куоластааһыны ыытыы ороскуотун кыччатарга саҥа сүүрээни киллэрбит. Кини быыбар хамыыһыйатын уонна тэрээһин туһунан санаатын үллэстэр:
«Ааспыт быыбардарга биһиги дойду бэрэсидьиэнин быыбарын, ол кэннэ балаҕан ыйыгар куоластааһын биир күнүгэр муниципальнай уорганнары талыы быыбарын тэрийбиппит. Биһиги эрэгийиэммит Саха сирин кытары маарыннаһар өрүтэ элбэх, онон араас боппуруоска кэпсэтэрбит уонна уопут атастаһарбыт элбэх. Биир идэлээхтэрбит маннык эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы научнай-практическай дьүүллэһиини тэрийэн билигин ураты суолталаах боппуруоһу көтөхпүтүн интэриэһиргээтибит. Биһиги эрэгийиэннэрбит биир сүрүн кыһалҕаларынан уустук суоллаах-иистээх ыраах сытар сирдэрбитигэр куоластааһын тэрийии буолар. Саха сирин территорията олус киэҥ, онон эһиэхэ бары практиканы туһаналлар, онон биһиэхэ хайдах тэринэн үлэлииллэрэ интэриэһинэй», — диэтэ Иван Макаров.
Киэһэ хойукка диэри научнай-практическай төгүрүк остуолга быыбардыыр хамыыһыйа уонна быыбары тэрийии туһунан элбэх боппуруос турда. Төгүрүк остуол кыттыылаахтара быыбар учаастактарытан тахсыыга уопсастыбаннай санааны истиигэ ыйытыктары оҥорууну хайдах бэрээдэктиири, кыра муниципальнай тэриллиилэр аҕыйах нэһилиэнньэлээх пууннарыгар учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйаны тэрийии кыһалҕаларын, о.д.а. бииртэн биир интэриэһинэй тиэмэлэргэ кэпсэтии салҕанар.
«Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?», - диэн «Саха сирэ» саайт ааҕааччылара ыйыталлар. Бу ыйытыкка…
Дьокуускайдааҕы килиньиичэскэй балыыһаҕа сэтинньи 24 күнүгэр, Арассыыйаҕа Ийэ күнүгэр, күн сирин көрбүт оҕолору таһаарыы үөрүүлээх…
Бу күннэргэ кэккэ СМИ-нэн Омскай, Амур уобаластарын уонна Санкт-Петербург, Краснодар, Москва куораттарын олохтоохторо ииримтийбит ыттарга…
Хаҥалас улууһун олохтооҕо дьиэтин иһиттэн малын уорбуттарын туһунан полицияҕа тыллаабыт. Эмсэҕэлээччи эр киһи 30 000 солк.…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин сэтинньи 27-28 күннэригэр Казахстаҥҥа командировкаҕа баран кэллэ. Казахстан бэрэсидьиэнин Касым-Жомарт…
Өрөспүүбүлүкэ эбэҥкилэрин түмсүүтэ “Нордголд” хампаанньа көмөтүнэн “Эвэды тылын уйата” бырагырааманы олоххо киллэриитин саҕалаата. Соторутааҕыта Дьокуускайга…