Биллиилээх фольклорист Прокопий Ефремов төрөөбүтэ 90 сылын бэлиэтээтилэр

Share

Бэҕэһээ, ахсынньы 7 күнүгэр, Арассыыйа Наукаларын Академиятын Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын институтугар биллиилээх фольклорист П.Е.Ефремов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах «төгүрүк остуол» буолан ааста.

Прокопий Елисеевич бу институтка 1963-1992 сс. үлэлээн ааспыта. Тэрээһиҥҥэ Прокопий Елисеевич биир дойдулаахтара, Бүлүү улууһун Үгүлээтиттэн, улахан дэлэгээссийэ кэлэн кыттыыны ылла. Ыраахтан кэлбит ыалдьыттары тэрилтэ салайааччыта Сардаана Боякова бэлиэ сылынан эҕэрдэлээтэ.  Нэһилиэк баһылыга Октябрь Лукин харда тылыгар норуот уус уран айымньытын хомуйааччы үтүө аатын үйэтитиигэ дойдутугар туох үлэ ыытылларын кэпсээтэ. П.Е.Ефремов туһунан кинигэ тахсыытыгар көмөлөһөр баҕалааҕын биллэрдэ уонна нэһилиэк туһунан тахсыбыт кинигэлэри бэлэхтээтэ. «Төгүрүк остуолга» биллиилээх учуонайдары сэргэ, эдэр чиничийээччилэр бэйэлэрин үлэлэринэн эмиэ кытыннылар. Салгыы тэрээһин кыттыылаахтара П.Е.Ефремов аатын үйэтитиигэ туох-ханнык үлэ ыытыллар былаанын торумнаатылар. Бэлиэ түгэни учуонай биир дойдулаахтара – араас көлүөнэр айар ансаамбыллара тупсаран-ситэрэн биэрдилэр.

Борис Гоголев.

"Төгүрүк остуол" кэмигэр. Хаартыскаҕа Борис Гоголев түһэриитэ.
"Төгүрүк остуол" кэмигэр. Хаартыскаҕа Борис Гоголев түһэриитэ.
"Төгүрүк остуол" кэмигэр. Хаартыскаҕа Борис Гоголев түһэриитэ.
What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка сыл бастыҥнарын чиэстээтилэр

Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр 2024 сыл түмүгүнэн улуус култуураҕа, спортка уонна социальнай…

14 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Билиэҥҥэ түбэспит уонна сураҕа суох сүппүт дьон оҕолоругар төлөбүр көрүллүөҕэ

Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…

44 минуты ago
  • Сонуннар

Буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Маймаҕаҕа түөрт кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ

Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан 4 кыбартыыралаах дьиэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Саҥа дьыл кэлэн иһэрин һунтаардар абытайдык биллэрдибит быһыылаах…»

Сунтаарга быйылгы хаар оҥоһуктарбыт уран ууһа бэрт ураты буочардаах, дьээбэ урамньылаах буолла... Бу умсугутуулаах урамньыны…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Халымаҕа 69 саастаах киһи ахсынньы ортотуттан сибээскэ тахса илик

СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…

3 часа ago