Биллиилээх салайааччы Иван Винокуров
Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэбитигэр судаарыстыбаннас күнэ бэлиэтэннэ. Бу күн быйыл Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар түбэспитэ туспа уратылаах. Онон сиэттэрэн өрөспүүбүлүкэбит олохтонуутугар, сүһүөҕэр туруутугар улуу убайдарбыт М.Аммосовы, П.Ойуунускайы, И.Бараховы, С.Аржакову, С.Васильевы кытта биир кэккэҕэ туран үлэлээбит, турууласпыт, ол эрээри 70 сыл устата умнууга хаалбыт, Чурапчыттан төрүттээх, биллиилээх салайааччы И.Н. Винокуров туһунан аҕыйах тылы суруйарга сананным.
Иван Николаевич Винокуров 1893 сыл кулун тутар 25 күнүгэр саха дьахтара ойохтоох Винокуров Н.Н. диэн нуучча аҕабыытын дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Ол эрээри, кинини төрөөтүн кытта 1-кы Хайахсыт таҥаратын дьиэтигэр саалтыыр ааҕааччы Попов Семен Николаевич диэн оҕото суох чугас аймахтарыгар иитиигэ биэрбиттэр. Оччолорго билиҥҥи Кытаанах уонна Арыылаах нэһилиэктэрэ 1930 сыллаахха диэри Боотуруускай улуус 1-кы Хайахсыт нэһилиэгэ дэнэллэрэ. Арыылаах нэһилиэгэ сэрии иннигэр кыһыл партизан И.Белолюбскай аатын сүгэ сылдьыбыта. Сэрии уонна Хоту көһөрүллүү кэнниттэн Кытаанаҕы кытта биир нэһилиэк, Субуруускай аатынан сопхуос отделениета этилэр. Кэлин туспа арахсан, олорор алаастарын аатынан, Арыылаах нэһилиэгэ диэн буолбуттара.
Арыылаах улуус киинэ Чурапчыттан сэттэ көс, хотугулуу-илин, Таатта Туора Күөлүн кытта кыраныыссалаһар дьоҕус, уһук нэһилиэк. Манна 1804 с. чочуобуна, 1891 с. билиҥҥэ диэри сэнэхтик турар улахан таҥара дьиэтэ тутуллубут. Аҕыйах сыллааҕыта бу ытык тутууга оччотооҕу баһылык Сыромятни-ков Н.Е. сүүрэн-көтөн туруорсан, холокуонньатыгар алтан куолакаллары аҕалан туруортарбыта, тыаһаттахтарына ыраахха диэри лыҥкынаан иһиллэллэр. Арыылаахха, Чурапчыга иккиһинэн, 1900 сыллаахха икки сыллаах церковно-приходской оскуола аһыллыбыт. Бу оскуоланы Николай Винокуров 1904-1906 сылларга туйгуннук үөрэнэн бүтэрбит. Салгыы 1906-1910 сылларга Дьокуускайга духуобунай училищены, 1910-1915 сс. духуобунай сэминээрийэни эмиэ туйгуннук бүтэрэн, хааһына суотугар Казань духуобунай академиятыгар үөрэххэ ыытыллыбыт. Ол эрээри устудьуон Винокуров православнай таҥара үөрэҕин сөбүлээбэт, атеистическай көрүүлэрин иһин 3-с куурустан академияттан 1917 сыллаахха уһуллубут да, дойдутугар төннүбэтэх. Үөрэҕэр уһулуччу ситиһиилэрдээҕэ учуоттанан оннооҕу бэрэпиэссэрдэр А.А.Айлер, Н.Ф.Катанов көмөлөрүнэн Казань университетын физико-математическай факультетын 3-с кууруһугар үөрэххэ быһа киирбит.
Сатабыллаах салайааччы, гражданскай сэрии кыттыылааҕа
Ити кэмҥэ дойдуга гражданскай сэрии уота күүдэпчилэммит суоһар сыллара этилэр. Иван Николаевич онтон туора турбакка, 1918 сыллаахха 5-с аттаах аармыйа ыстаабыгар Уралга, Поволжьеҕа, Сибииргэ сулууспалаабыт. Биир кэмҥэ аатырбыт 25-с нүөмэрдээх Чапаев дивизиятыгар сэриилэспит…
1919 сылтан Самара губерниятыгар Сорочинскай оскуолаҕа учууталынан, Бузулук уеһыгар икки сыл устата үөрэх салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. Ити сылдьан 1922 сыллаахха Москваҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы “Долой неграмотность” диэн мунньахха кыттыбыт. Онно кини В.И.Ленины сирэй көрбүт, дакылаатын истибит. Мин саныахпар, биир бастакынан сахалартан Владимир Ильиһи сирэй көрбүт, дакылаатын истибит киһи кини буолуо. Иван Николаевич 1915 сылтан сэттэ сыл устата Казань куоракка үөрэнэн, гражданскай сэриигэ кыттан, Самара губерниятыгар үөрэх салаатын салайбыт.
1923 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр Дьокуускайдааҕы обком пленума Саха сиригэр үлэҕэ ыҥырбыт. Онно кинини бастаан үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын наркомунан (билиҥҥинэн миниистиринэн) анаабыттар. 1924 сыл олунньу 9 күнүттэн Саха АССР Совнаркомун солбуйар бэрэссэдээтэлинэн олорбут. 1924 сыл ахсынньыттан 1925 сыл бэс ыйыгар диэри (билиҥҥинэн бырабыыталыстыба) сирэй бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит.
Онтон 1925-1928 сылларга кини Москваҕа Саха АССР бэрэстэбиитэлинэн ананан өрөспүүбүлүкэ үгүс кыһалҕаларын үрдүкү былаастарга туруорсан элбэх үлэни ыыппыт. Онно кини Саха сиригэр сыылкаҕа сылдьыбыт Серго Орджоникидзены, Емельян Ярославскайы, Георгий Петровскайы кытта ыкса билсэрэ улахан төһүү буолбут. 1929 сыллаахха төттөрү ыҥырыллан кэлэн Якутторг дириэктэринэн, 1930 с. эмиэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччунан, 1932 сыллаахха Саха АССР хааччыйыы наркомунан, 1933 сыллаахха хаттаан Москваҕа Саха АССР бэрэстэбиитэлинэн үлэлээбит. Ити сылларга кэтэхтэн үөрэнэн Москватааҕы эргиэн үнүстүүтүн бүтэрбит.
Көмүс уҥуоҕар сүгүрүйэн
Иван Николаевич 1935 сыллаахха тохсунньу 15 күнүгэр мэйиитигэр тымыр быстан олохтон эмискэ барбыт. Кинини кытта бырастыылаһан Саха сирин салайааччылара, Москваҕа баар сахалар, атын да үгүс дьон куорат уулуссаларынан арыаллаан Новодевичэй кылабыыһатыгар көмүс уҥуоҕун кистээбиттэр. Ити кылабыыһаҕа урут да, билигин да адьас улахан өҥөлөөх, биллиилээх дьону көмөллөрө биллэр. Саха сирин дьонуттан итиннэ көмүллүбүт киһи баарын билбэппин. Итинтэн да сылыктаатахха, Чурапчы улууһун хоту уһугар Арыылаах диэн кыра алааска 13 сааһыгар диэри олорбут Иван Николаевич Винокуров чахчы даҕаны киэҥ билиилээх, салайар дьоҕурдаах, элбэҕи оҥорбут, чаҕылхай салайааччы, үтүө киһи буолан итинник улуу дьоннор сытар сирдэригэр кистэннэҕэ дии саныыбын. Дэлэҕэ даҕаны кини, аныгы өйдөбүлүнэн, икки төгүл бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлинэн, үөрэх, доруобуйа, эргиэн уонна хааччыйыы миниистирдэринэн, икки төгүл Саха Өрөспүүбүлүкэтин Москваҕа бэрэстэбиитэлинэн үлэлиэ дуо? Ол тухары биирдэ даҕаны үлэтин кыайбакка сэмэлэнэн уларыйбыт түбэлтэтэ суох. Кэмэ оннук буоллаҕа. Оччотооҕу салайааччылары барыларын даҕаны каадыр тиийбэтинэн үлэттэн үлэҕэ көһөрөн иһэллэрэ баар чахчы эбит.
Саха омуга, тыла сайдарыгар
Таарыччы аҕыннахха, мин Винокуров туһунан маҥнай истэн баран нуучча аҕалаах, соҕуруу уһуннук сылдьыбыт киһи сахалыы да соччо билбэтэ буолуо дии саныырым. Сыыспыт эбиппин. Онтукам чахчы сахалыы куттаах-сүрдээх, сиэрдээх-туомнаах, саха омуга, тыла сайдарын туһугар аҕыйаҕа суох үлэни ыыппыт эбит.
Ол туһунан 2021 сыллаахха кини үлэтин туһунан 383 сирэйдээх, архыып докумуоннарыгар олоҕуран “Иван Николаевич Винокуров” диэн кинигэҕэ сырдатыллар. Бу кинигэҕэ Иван Николаевич араас кэмнэргэ оҥорбут дакылааттара, отчуоттара, ылыныллыбыт уураахтар, араас суруктар киирбиттэр. Ону барытын бу кылгас ыстатыйаҕа кэпсиир кыаллыбата өйдөнөр.
Арай, кини Аржакову кытта туруорсан, этии киллэрэн “Кыым” хаһыаты бастаан таһаартарбыттар эбит. Үөрэх хамыһаарынан олорон, оччолорго, нэһилиэнньэ икки эрэ бырыһыана ааҕар-суруйар кэмигэр, өрөспүүбүлүкэҕэ биир кэлим ЕТШ (единая трудовая школа) ситимин олохтообут. Ол оскуолалар икки концентрга арахсаллара. Маҥнайгы концентрга түөрт, иккискэ үс сыл үөрэнэн үрдүк үөрэххэ киирэр быраабы ылаллар эбит. Бу оскуолаларга уол-кыыс тэҥҥэ үөрэнэр, үлэһит дьон оҕолоро ордуктаах балаһыанньанан туһаналлара, үөрэтии үксэ сахалыы тылынан барара олохтоммут.
Иван Николаевич саха тылын сайыннарыыга улахан болҕомтотун уурбут. Оннооҕор сахалыы билбэт салайааччылары, каадыр баар буоллаҕына, үлэлэриттэн ууратар, Лена пароходствотыгар, бырамыысыланнаска үгүстүк сахалары үлэлэтэр курдук дьаһаллар ылыллыбыттар.
Кини биир кыайыытынан Алдан көмүсчүттэрин дохуоттарыттан төһө эрэ бырыһыанын өрөспүүбүлүкэ хааһынатыгар киллэриини ситиспитэ буолар. Аны, ити сылларга Алдан, Төмтөөн (Тимптон), соҕуруу Саха сирин сирин-уотун Саха сириттэн арааран ылан Иркутскай, Хабаровскай кыраайдарга холбуур туһунан улахан туруорсуу, мөккүөр буола сылдьыбыт. Онуоха Иван Николаевич, СНК (Совет Народных Комиссаров) бэрэссэдээтэлэ буолан олорон бэйэтин үөлээннээхтэрин М.Аммосовы, П.Ойуунускайы, И.Бараховы кытта күүскэ туруорсан ити киэҥ сирдэри былдьаппатахтар.
И.Н. Винокуров оччотооҕу өйдөбүлүнэн былааһы утарбыт дьоҥҥо, сорохтор курдук наар хаайарга, өлөрөргө диэн буолбакка, олус киһилии, сымнаҕастык сыһыаннаспыт. Ол курдук, бандьыыттарга сылдьыбыт, тунгустар бастаанньаларын, “ксенофонтовщина” хамсааһынын кыттыылаахтарыгар өйдөтөр үлэни ыытан, көмүскэһэр, улахан миэрэҕэ тардыбат туһугар турууласпыт. Ол даҕаны иһин кини норуот өйөбүлүн, дьон билиниитин, убаастабылын ыллаҕа.
Биир тылынан, кини орто дойдуга баара-суоҕа 42 сыл олорон ааһарыгар Сахатын сирин, омугун туһугар олус элбэҕи оҥорбут, М.Аммосовы, П.Ойууунускайы, И.Бараховы, С.Аржакову, С.Васильевы кытта биир кэккэҕэ турар чулуу салайааччы, үтүөкэн киһи эбит диэн сыаналаатым. Иван Винокуровы өлбүтэ үс сыл буолбутун кэнниттэн, 1938 сыллаахха, Аммосов, Ойуунускай дьыалаларыгар кыттыгастаах буолуо диэн “буруйдаан” эрэпириэссийэ хааннаах көлүөһэтэ үлтү мэлийбитэ, аатын-суолун умнууга хаалларбыта.
Дьоһун аатын чөлүгэр түһэрэн
Иван Николаевич Винокуров дьоһун аатын чөлүгэр түһэриигэ кини дойдута Арыылаахтан төрүттээх, өрөспүүбүлүкэҕэ успуорт сайдыытын биир энтузиаһа, уопсастыбанньык М.Е.Друзьянов улахан үтүөлээҕэр махтаныах тустаахпыт. Михаил Егорович Москванан, Самаранан сылдьан, Дьокуускайга элбэх архыыптары хасыһан, Иван Николаевич сыдьааннарын булан, элбэх үлэни ыытта. Кини көҕүлээһининэн олохтоох архыып, бибилэтиэкэ үлэһиттэрин күүстэринэн Иван Николаевич туһунан икки кинигэ таҕыста.
Онно көрдөххө, кини үлэлиир кэмигэр элбэхтик хаартыскаҕа түспүт эбит. Олорго үксүгэр маҥнайгы эрээккэ ортоку олорорунан сыаналаатахха, салалта ортотугар улаханнык убаастанар салайааччы буолуон сөп. Өссө 1927 сыллаахха кини Киин Ситэриилээх кэмитиэт 3-с сиэссийэтин кэмигэр И.В.Сталин уонна М.И.Калинин кэннилэригэр ортоку турара эмиэ улаханы этэр.
Иван Николаевич Винокуров бассабыык баартыйа 13-с сийиэһигэр Самараттан, 14-с, 15-с сийиэстэргэ Саха сириттэн дэлэгээтинэн талыллыбыт. 1923-1935 сылларга ЯЦИК (Якутский центральный исполнительный комитет) чилиэнэ. 1927 сыллаахха 4-с Бүтүн Сойуустааҕы Сэбиэттэр сийиэстэригэр ССРС-ка ЦИК (Киин Ситэриилээх Кэмитиэт) чилиэнинэн талыллыбыт. Аахпыккыт курдук, олус улахан дуоһунастар. Мин саныахпар, Саха сириттэн партия 3-с сийиэһин дэлэгээтинэн талыллыбыт, 13 сыл Саха сирин ЯЦИК-гар, бүтүн ССРС ЦИК-гын чилиэнинэн талыллыбыт киһи суох да курдук. Итинтэн көстөрүнэн, Иван Николаевич чахчы кыахтаах улахан салайааччы, Сахатын сирин сайдарыгар олус элбэҕи оҥорбут, Чурапчы Арыылааҕыттан тахсыбыт чулуу киһи буолара саарбахтаммат.
Ол эрээри, кырдьыгынан эттэххэ, кини аата, үлэтэ киэҥ маасса, дьон-сэргэ ортотугар киэҥник биллибэт, сырдатыллыбат диэххэ сөп. Ол иһин Иван Николаевич Винокуров эһиил, 2023 сыллаахха, төрөөбүтэ 130 үбүлүөйдээх сыла туоларынан кини туһунан өссө киэҥник кэпсэниэ, сырдатыллыа, араас дьаһаллар ылыллыахтара диэн киһи эрэнэр.
Уйбаан Пономарев.
Чурапчы.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: