Биллиилээх спортсменнар Саҥа дьыллааҕы испэктээккэ сүрүн оруоллары толоруохтара
“Сүллүкүүн таптала” музыкальнай испэктээк аан бастаан 2019 сыллаахха көстүбүтэ.
Бу Саҥа дьыллааҕы шоуну көрөөччү ис сүрэҕиттэн ылыммыта, сөбүлээбитэ. Эһиил тохсунньуга испэктээк иккис чааһа “Сүллүкүүн уонна Чучунаа“ диэн мюзикл буолан, дьон дьүүлүгэр тахсыаҕа.
Мин сонун испэктээх эрэпэтиисэйэтигэр бара сырыттым уонна… сулус олус элбэҕиттэн соһуйдум.
Ол курдук, саха тыйаатырын талааннаах артыыстара, эстрада чаҕылхай сулустара, “Дыгын” оонньууларын ааттаах-суоллаах спортсменнара “буһа-хата” аҕай сылдьаллар эбит.
Кинилэр кимнээҕий? Испэктээккэ сүрүн оруоллары ааттаах-суоллаах, аатырбыт “Дыгын” оонньууларыгар 7 төгүл чөмпүйүөннээбит Иван Белолюбскай уонна эмиэ Дыгын уонна Манчаары оонньууларыгар тэҥнээҕин булбатах Николай Матаннанов толоруохтара. Айгылаан, Олимпия, Ника, Игорь Егоров, Виталий Очиров, Кэрэчээнэ уонна Кэскилээнэ Туприналар, Эрчим, Петр Кулаковскай, Кирилл Матвеев, Айса кыттыылаах, кырдьык да, көрөөччүнү тардар ааттардаах саха эстрадатын чаҕылхай сулустара оруолларыгар номнуо киирэн сылдьаллар.
— Урут испэктээккэ олох оонньооботох киһибин. Чучунаа — эппиэтинэстээх оруол. Люба Готовцева биир паартаҕа олорон үөрэммит кылааһынньыгым эрэ буолан, сөбүлэспитим. Ырыа да, үҥкүү да миэхэ олус ыараханнык кэлэр. Көрөөччүбүн үөрдээри, бу күннэргэ массыынабар олордум эрэ, ырыа аргыстаах сылдьар буоллум. Олус биллэр ырыа, онон эрдэ эппэппин, мин толоруубун истэ испэктээххэ кэлээриҥ, — диэн Сүллүүкүнү кытта охсуһан бүтэн баран, Чучунаа оруолуттан өссө да тахса илик Уйбаан Белолюбскай санаатын үллэһиннэ.
Испэктээх 1-кы чааһа “Сүллүкүүн таптала” ахсынньы 25, 27, 28, 29 уонна тохсунньу 1-гы күнүгэр түүн 2 чаастан саҕаланыаҕа. Маны таһынан, бу испэктээх тохсунньу 3 күнүгэр бүтэһигин буолуоҕа. Испэктээх 2-с чааһа “Сүллүкүүн уонна Чучунаа” – тохсунньу 4, 5, 6, 7 күннэригэр буолуоҕа.
“Сүллүкүүн таптала” музыкальнай испэктээк уонна “Сүллүкүүн уонна Чучунаа“ Саҥа дьыллааҕы шоу-мюзикллар ааптардара, сценарист, продюсер Любовь Готовцева тоҕо чуолаан спортсменнары бу испэктээккэ оонньоппутун, испэктээк тэрээһинигэр сүүрэ-көтө сылдьар Варя Максима тоҕо «гарааска эрэпитииссийэлээбиттэрин», Олимпия тоҕо «Таптаа» диэн ырыатын ыллыырын туһунан кэпсээбиттэрин, Айгылаан хас испэктээккэ кыттаары бэлэмнэнэ сылдьарын «Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: