Үгүс оҕуруотчуттар үүнээйилэрин олортулар. Манан сибээстээн АГАТУ ойуур комплексын уонна сири оҥорууга факультетын агрономия уонна химия кафедратын старшай преподавателэ Мария Лукина ханнык биологическай активнай препараттары уонна аһылык минеральнай уоҕурдууларын туһанары билиһиннэрэр.
Фитоспорин – М. Грибковай уонна бактериальнай ыарыылары утары туһаныллар. Ордук хара атахха, мучнистай росаҕа, парша, альтернариоз уо.д.а. ыарыылары утары туһаныллар. Бу препараты пааста эбэтэр бороһуок, суурадаһын көрүҥнэринэн таһаараллар.
Сиэмэлэри илитэргэ 1-2 чаас устата сытыарабыт, 2-4 хааппыланы 1 ыстакаан ууга, арассааданы көрөргө силиһин суурайан ылҕаан ылабыт, буорбутугар ыстарабыт. Суурадаһын оҥорорго кураанах бороһуогу 1-2 чаас иннинэ эрдэттэн бэлэмнииллэр. Сибэккилэргэ 1 лиитирэ ууга 3 кыраамы суоттаныллар, помидорга 30 кыраамы (3 ост.нь.) 10 лиитирэ ууга. 200 кыраам паастаны 400 мл. ууга суурайабыт. Буорга кутарга ыарыылартан ыраастаан 1 ост. ньуосканы 1 лиитирэ ууга буккуйаҕыт, ити суурадаһын 50 кыраам буорга тиийиэхтээх.
Холобура, буоргут түүнүгүрдэҕинэ кураанах бороһуок фитоспорины 1/1 өрүс кумаҕын кытта булкуйан үрдүгэр кутабыт.
Циркон. Арассаада силистэрин бөҕөргөтөр, сэбирдэхтэрин, үнүгэстэрин үүнүүтүн элбэтэр, түргэтэтэр. Салгын температуратын хамсааһыныгар, истириэстэн (куйаас күннэргэ, олорор миэстэтин уларытыыга) тахсарыгар улахан туһалаах. Силиһи бөҕөргөтүүгэ улахан оруоллаах. Хаһыҥҥа хаарыйтарбыт, саҥа эчэйбит үүнээйилэри түргэнник оһордор, чөлүгэр түһэрэр, салгыы үүнэр, силиһин модьуратар. Үүнээйи саамай итии кэмнэри тулуйарыгар туттуллар. Арассааданы көһөрүүгэ эбирдээн ыстарыллар. Сибэккилэнэр кэмигэр ыстардахха сибэккитэ уһуннук үүнэр, туллан түспэт. Аһын ылааһына икки бүк үрдүүр. Ампулалаах хааппыланан туһанабыт, 1 ыстакаан ууга 1 хааппыланы кутаҕыт. 2 хааппыланы 50 мл ууга. Эбэһээт үүнээйини ыстарыллар, 5 лиитирэ ууга 0,5 гр. (1 ч. нь.) суурайабыт. 10-нуу хонук буола-буола ыстарыллар. Үүнээйигэ силистэринэн, сэбирдэхтэринэн ыстарыллар.
Эпин. Үүнээйи уоҕун күүһүрдэр, үүнэрин түргэтэтэр суолталаах препарат. Олохтоох миэстэтин булан олордорго, сааскы салгын хамсааһыныттан үүнээйини көмүскүүр. Итии, тымныы салгын хамнааһынын тулуйумтуо буолар.
Хаһыҥы тулуйарга, аһарарга олус туһалаах. Олохтоох миэстэтигэр көһөрүөх 3-5 хонук иннинэ ыстарыллар. Үүнээйи бастакы аҥарын кэмигэр улаханнык туттуллар. Күһүҥҥү кэмҥэ аһын ылыыга, кыстыырга ыстарыллыахтаах. Арассаадаҕа туһанылларыгар 2 хааппыланы 500 мл. ууга суурайыллар. Үүнээйигэ сэбирдэҕэр ыстарыллар.
НВ — 101. Арассаада үүнэригэр наһаа туһалаах, буорун быйаҥын тупсарар, үүнүүтүн, модьурааһынын түргэтэтэр, иммунитетын бөҕөргөтөр, ыарыыга бэриммэт буолар. 1 лиитирэ ууга 2 хааппыла туттуллар. Көһөрүү кэнниттэн түргэнник ылсарыгар улахан көмөлөөх. Температура халбаҥнааһыннарыгар бэриммэккэ истириэстэн тахсарыгар, тулуйарыгар туһалыыр. Сиэмэни 2-4 чаас сытыаран ылаҕыт. Оҥоһуллубут буорга 1 мл. 10 лиитирэ ууга суурайыллар, ыстарыллар. Арассаадалаан турар кэмигэр эбэтэр таһырдьа олордон баран 1 мл. 10 л. ууга булкуйан 3 нэдиэлэ устата ыстарыллар.
Корневин. Эдэр үүнээйи силиһин тэнитэр, модьу-таҕа буолар. Үксүн икки-үс дьиҥнээх сэбирдэҕэ таҕыстаҕына арассааданы көһөрүү кэмигэр үүнээйи үнүгэһин, силиһин умньаан эбэтэр ыстаран биэрэн олордуллар. Силис арассаадаҕа төһөнөн түргэнник тэнийэр, ылсар, соччонон үүнээйи аһыыр, модьуруур, салгын температуратын тулуйар буолар. Биир пакеты (5 гр.) 5 лиитирэ ууга суурайыллар. Үүнээйигэ аллараанан силиһигэр кутуллар.
Биоклон. Үүнээйи силистэнэригэр, үүнэригэр ылсыһарын күүһүрдэр, түргэтэтэр көмөлөөх. Арассааданы элбэтэргэ, умнаһынан, үнүгэһинэн тарҕатарга олус туһалаах. Ону таһынан түргэнник тулалыыр эйгэҕэ оннун булунарыгар, олохсуйарыгар оруоллаах. Холобура: петунияҕа черенкование диэн оҥоһуллар үнүгэһин сыбаан биэрдэххэ, ыарыыга ылларбакка, силистэниитэ түргэтиир. Силиһин умньаан ылаллар. Бу үксүн гель курдук буолар, кини элбэх битэмииннээх, иҥэмтэлээх астаах, олус туһалаах препарат. Биоклону үүнээйи силиһин гельгэ умньаан ылан баран 5 мүнүүтэ тутабыт, ол кэннэ олордуллар. Биир гель 20-25 умнаска тиийэр.
Радигрин. Бу эмиэ үнүгэһинэн (черенкованиеҕа) үүннэриигэ, түргэнник оннун буларыгар, силистэнэригэр туһалаах көҕүлээччи. 30 мл. 100 үнүгэскэ тиийэр. Үүнээйини силиһин умньаан ылан тута түһэн баран буорга анньыллар. Петунияҕа, бугенвиллияҕа, дьиэ сибэккилэригэр, хризантемаҕа, биир сыллаах сибэккилэргэ туһаныллар.
Идеал. Сүрүн органическай уоҕурдуу быһыытынан үүнээйигэ барытыгар туттуллар. Ордук сибэккилэргэ уонна дьэдьэҥҥэ туһаныллар. Оҕурсуга, помидорга сэбирдэҕин угун ыстаран аһатыллар. Дьиэҕэ үүнэр кыһыҥҥы үүнээйилэргэ эмиэ кутуллар. 10 л. ууга 2 ост. нь. суурайыллар. Оҕуруот астанар кэмигэр кутуллар. 1 лиитирэ биир укка барар.
Фертика Люкс. Үүнээйи куоппаһырыытын үрдэтэр, сибэккитин хойуннарар, аһын элбэтэргэ, үнүгэстэрэ модьу-таҕа, хойуу буоларыгар көмөлөһөр, аһын тиийбэтин ситэрэр, үүнэрин тухары толору аһын биэрэригэр туһаныллар. Туттуллар кээмэйэ 1 ост. нь. 10 лиитирэ ууга суурайыллар. 10 хонук буола-буола аһатыллар.
«Здоровый урожай». Бу маны Гумат калия диэн эмиэ ааттыыбыт. Үүнээйи түргэнник ылсарыгар, модьурууругар туһаныллар. Минеральнай уоҕурдуулаах, элбэх микро-макро эттиктэрдээх (цинк, бор, марганец, магний, фосфор, калий). Ол курдук бу препарат 100% тарҕанар, иҥэмтиэлээх органическай препарат. Үүнээйини сиэмэнэн олорпут кэннэ быгарыгар, сүрүн үүнүүтүгэр, аһын тэҥник тарҕатарыгар көмөлөһөр. Ол курдук сааскы-сайыҥҥы салгын хамсааһыныгар, айылҕа араас эмискэ уларыйыыларыгар тулуһарыгар көмө буолар. Бары үүнээйилэргэ барсар. Маны туттар буоллахха минеральнай уоҕурдуу кутуллубат. Олордуох иннинэ сиэмэни илитэргэ 14-24 чаас сытыарыллар, 15 мл. 1 лиитирэ ууга суурайыллар. Эбии аһатыыга 10-14 хонуктарынан, 20 мл. 10 лиитирэ ууга куталлар. Биир укка 1 ыстакаан суурадаһын кутуллар. Хортуоппуйу олордуох иннинэ 2 лиитирэ суурадаһыҥҥа уган ылабыт.
ЭМ-препарат. Ардыгар Эмбиота диэнинэн билэллэр. Ыарыыны утары эмтииргэ туһанабыт. Сибэккитин хойуннарар, аһын элбээтиннэрэргэ, үнүгэстэрэ модьу-таҕа, хойуу буоларыгар көмөлөһөр, аһын тиийбэтин ситэрэр, үүнэрин тухары толору аһын биэрэригэр туһаныллар. Буору, үүнээйини үрдүнэн, алларанан ыһыллар. Хлордаах ууга суураллыбат. Сиэмэни суураллыбыт раствордаах иһиккэ 10 чаас устата сытыаран ылабыт, 10 мл. 1 лиитирэ ууга. Үүнэр кэмигэр (1-кы уонна 2-с дьиҥнээх сэбирдэхтэрэ таҕыстахтарына) сарсыарда эрдэ эбэтэр киэһэ 30 мл. 1 кв. миэтэрэҕэ сэбирдэхтэригэр ыһабыт.
Гумат калия, Эм-препараты Россельхозцентртан (Каландаришвили уулусса, 3) ылыаххытын сөп.
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…