Биометриянан төлөбүрү ылаллара сэрэхтээх дуу…
Чернышевскай уулуссатыгар баар «Хозмаркет» маҕаһыыҥҥа бүгүн эдьиийим сылдьан атыы атыыласпыт. Онуоха кассаҕа олорор кыыс билигин биометрия нөҥүө ылабыт төлөбүрү диэн баран хаартыскаҕа түһэрэр курдук гыммыт. Эдьиийим атыылаһан дьиэлээбит. Арай бүгүн, соһуччу миигиттэн, маҕаһыыҥҥа сылдьыбатах киһиттэн каартабыттан түөрт тыһыынча курдук суума уһуллубутун дьиктиргии санаатым. Маҕаһыҥҥа сылдьан атыыласпытым курдук баан сыһыарыытын историятыгар көстөр. Дьиктиргээн, тута эдьиийбэр сонун быһыытынан кэпсээччи буоллум, онуоха эдьиийим: «Уай, ити мин мааҕыан атыыласпытым дии, аны биометриянан ылар буолбуттара, харчыгын төттөрү ыытыам «, — диэтэ. Дьэ, буолар да эбит. Эмиэ да сайдыы биир көрүҥэ эрээри, арай чахчы миэхэ майгынныыр киһи тугу эмит атыыластаҕына каартаттан биллибэтинэн харчы уһуллара иэдээн буолбатах дуо?
Мин тута Чернышевскай уулуссаҕа баар «Хозмаркет» маҕаһыыҥҥа эрийэн дириэктэр нүөмэрин көрдөөтүм. Онуоха миигин кытта администратор дуу, атыыһыт дуу кэпсэттэ. «Биһиги тугу да билбэппит, бары ыйытыылары сбербаантан ыйытыҥ», — диэтэ.
Бу кэриэтин каартаттан кумааҕы харчыны устан атыыласпыт көнө дии санаатым. Хаһан даҕаны сылдьыбатах маҕаһыыным ыраахтан биометрия нөҥүө харчы устубута соһутта.
Бу түгэн биометрическай дааннайы атыы-эргиэн эйгэтигэр туттарга итэҕэстэр баалларын көрдөрөр курдук.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: