Бит-билгэ туһунан
Бит-билгэ диэн тыл үксүгэр бииргэ туттуллар. Сахалар хаһааҥҥыттан биттэнэллэрэ, билгэлииллэрэ чопчу ыйыллыбат. Түҥ былыргыттан уһун кэм устата кэтээн көрүү, анаарыы түмүгэр үөскээбит сылыктааһын.
Бит
Тэрис тылдьытыгар “Бит. Айыы 46-с өйдөбүлэ. Туох эмэ буолуон, буолбутун эбэтэр буола турарын атын көстүү нөҥүө билии. Аһаҕас эттээх киһи биттээх буолар” диэн быһаарар. Анаан дьарыктанар дьон инникини өтө көрүөхтэрин сөп. Сахаларга биттэнии араас көрүҥэ баара биллэр.
Эккэ-сииҥҥэ сыһыаннаах бит
Аныгы кэмҥэ диэри туттуллан кэлбит, киэҥник тарҕаммыт, киһи этигэр-сиинигэр сыһыаннаах биттэртэн, холобур, манныктар бааллар:
Уҥа хааһыҥ кыһыйар – үөрэҕин,
Хаҥас хааһыҥ кыһыйар – кыыһыраҕын,
Үөһээ халтаһаҥ тардыалыыр – туох эмэ саҥаны көрөҕүн,
Алын халтаһаҥ тардыалыыр – ытыыгын,
Атаҕыҥ уллуҥаҕа кыһыйар – эһиэхэ ыраахтан киһи кэлэр эбэтэр бэйэҥ айанныыгын,
Тылгар кэлтэһэ тахсар – кэһии кэлэр,
Силгэр чачайаҕын – сонун аһы аһыыгын,
Кулгааҕыҥ чуҥкунуур – туох эрэ үчүгэйи истэҕин,
Окумалыҥ аллараа диэкинэн тас тириитэ тардыалыыр (ол аата, өлбүттээхтэр киһилэрин көмөн баран, буору тэбэнэр сүрдэрэ) – билэр киһиҥ өлбүт сураҕын истээри гыннаххына,
Сэҥийэҥ кыһыйар – саҥараҕын,
Кулгааҕыҥ кытарар, итийэр – кимнээх эрэ эн тускунан кэпсэтэллэр.
Бу туһунан “Саха төрүт культурата” кинигэҕэ суруллар.
Кыра оҕо битэ
Сахалар үксүгэр хаама, тыллана илик уонна үһүгэр диэри саастаах оҕо биттэниитигэр улаханнык итэҕэйэбит. Итини оҕо улахан киһи курдук өй, толкуй дьоҕуругар бас бэринэ, тугу эрэ бэйэтин туһатыгар оҥостор туһунан толкуйдуу илигинэ, аанньал курдук ыраас киһи айылҕата тугу биэрбитинэн сылдьар, ону биттэнэр диэн быһаарыахха сөп буолуо. Холобур, “Саха төрүт культурата. Итэҕэл” кинигэҕэ суруллубут маннык киэҥник тарҕаммыт биттэри билэн эрдэххит:
Хаампыт оҕо муостаҕа икки илиитинэн тайанан баран атаҕын икки ардынан көрөр (“кэннинэн харахтанар”) – ыраахтан киһи иһэр,
Олорор оҕо силин бырдьыгыната оонньуур (“ас таһаарар”) – бултуу барбыт дьонноох буоллаххына, бултуйан кэлэллэр эбэтэр хантан эрэ кэһии кэлэр,
Үс-түөрт ыйдаах оҕо илиитинэн атаҕын төбөтүн тардыһа сылдьар буоллаҕына – эбии оҕолоноҕут. Бу бити “балыс тардыһар” диэн ааттанара,
Кыһыл оҕо атаҕыргаан түүнү быһа ытыыра – соччото суох ыалдьыт кэлэригэр,
Оҕо ытаа да ытаа буоллаҕына – ыраахтан сылдьыбатах ыалдьыт кэлэрин биллэрэр.
Билгэ
Эмиэ Тэрис кинигэтигэр сигэниэххэ, “Билгэ. Айыы 45-с өйдөбүлэ. Бэлиэлэргэ олоҕуран туох эмэ түмүгү толкуйдаан таһаарыы. Билии дьиҥнээҕэ көстөн тахсыыта. Билгэ өй хаамыытыгар (логикаҕа) олоҕурар” диэн суруйар. Эбэтэр атыннык айылҕа көстүүтүгэр олоҕуран туох буоларын эрдэттэн сэрэйии буолар. Ол эрээри, бит-билгэ барыта туолбат. Билгэлээһин көрүҥэ элбэх, холобур, күнү-дьылы билгэлээһин, төрүөхтээх оҕо уол дуу, кыыс дуу буоларын, төһө булчут ыт, үүттээх ынах, сүүрүк ат тахсыан билгэлииллэр… Хамсыыр харамай 600-тэн тахса, үүнээйи 400-чэ көрүҥэ билгэлээһиҥҥэ туһаныллар диэн ыйаллар.
Кэлин сахалыы үгэһи, сиэри-туому сэҥээрии олус күүһүрдэ. Аныгы курдук атыйахтаах уулуу дьалкыҥныыр олохпутугар дьон үксэ сааһыланаары, бэйэтин тирэҕин булаары,
кэтэҕэр сылдьар өбүгэлэриттэн көмө көрдүүр биир ньымата быһыылаах…
Аныгы кэмҥэ айылҕа көстүүтүнэн, тулалыыр эйгэнэн – отунан-маһынан, кыылынан-сүөлүнэн, көтөрүнэн-сүүрэринэн күнү-дьылы билгэлээһин киэҥник тарҕанан сылдьар. Ити саха киһитэ айылҕаны кытта ыкса ситимнээҕин, быһаччы тутулуктааҕын туоһулуур. Былыр хас улуус, нэһилиэк ахсын анаан дьарыгырар дьылдьыттар бааллара.
Айылҕа көстүүтүнэн
И.А.Худяков “Краткое описание Верхоянского округа” кинигэтигэр бит-билгэ, бэлиэ туһунан балачча киэҥник суруйар. “Для ученых, интересующихся народной метеорологией, приводим здесь следующие приметы здешних якутов о погоде” диир итиэннэ букатын испииһэгинэн алта уоҥҥа тиийэ субурутар. Бу барыта айылҕаҕа, көтөргө, кыылга, киһиэхэ сыһыаннаах. Олортон аҕыйах холобуру аҕалыахха:
– Если весной, когда уже тает снег, долго будет дуть холодный ветер, то будущая зима будет хорошая. Если же ветер будет дуть с юга, снег скоро сведет и настанет тепло, то, значит, будет худая, неблагоприятная зима.
– Если выйдут отрывистые отдельные облака (босхо былыттар) – к грому.
– Если утром во время инея сырость будет такая, как будто она вспрыснута молоком, то, значит, трава и деревья с медом (от мүөттээх, мас мүөттээх) и год будет хороший, если же белого (меда) не будет, то год – худой”.
Кыылынан-сүөлүнэн, үөнүнэн-көйүүрүнэн
Кыылынан-сүөлүнэн, үөнүнэн-көйүүрүнэн билгэлээһини аныгы тыа сирин дьоно билигин даҕаны балачча туһаналлар. Холобур:
– Кымырдаҕас оргулун үрдүктүк чөмчөппүт буоллаҕына, тымныы кыһын буолар,
– Ооҕуй оҕус илимин уһуннук, киэҥник туттаҕына, үчүгэй күн-дьыл турар, оттон кылгастык, кыараҕастык туттаҕына, соторунан уһун соҕус ардах кэлиэҕэ,
– Тииҥ уйатын мас аллараа өттүгэр туттубут буоллаҕына, тымныы кыһын, үөһэ өттүгэр туттуннаҕына – ичигэс кыһын буолар,
– Угут дьыл кэлэригэр чооруостар үөрдэрэ күһүҥҥүттэн халыҥ буолар.
– Дьиэ кыыла эмиэ улахан билгэһит дииллэр:
– Сылгы кыһын сотору-сотору хахсайар, тыбыырар буоллаҕына, сааскыта хатааһыннаах буолар,
– Сүөһүлэр хайа диэки көхсүлэринэн сыталлар да, ол диэкиттэн тыалырыаҕа,
– Сибиинньэ маска аалынар буоллаҕына, кураан, сылаас күннэри күүтүллэр,
– Ыт атаҕын чиккэччи тэбинэн ойоҕоһунан сыттаҕына, соторунан ардах дуу, хаар дуу кэлэрин бэлиэтэ.
Оҕо эмиэ билгэһит
Хат дьахталлар “оҕобут кыыс буолар дуу, уол буолар дуу” диэн билгэлээн бөҕө биэрэллэр. Аны хайдах оҕо улаатыан эмиэ билгэлииллэр. Манна аҕыйах холобуру аҕалабыт:
– Оҕо маҥнайгы хамсааһына иһиҥ түгэҕин хаҥас өттүгэр билиннэҕинэ, ол аата уол буолар,
– Оҕо искэр күүскэ мөхсөр буоллаҕына – уол,
– Талыыгар иһиҥ түгэҕэ ыалдьар буоллаҕына – кыыс,
– Кыыстанар буоллаххына талыыҥ күүстээх – чыпчаххайдаан олорор,
– Толору чабырҕайдаах, үрдүк сүүстээх, төкүнүк улахан бастаах оҕо улааттаҕына, өйдөөх киһи буолар,
– Оҥхоҕор чабырҕайдаах, намыһах чумчугур сүүстээх оҕо улааттаҕына өйүнэн мөлтөх буолар дииллэр.
Түмүк оннугар
Бу кылгас түмүүлэри түмүктүү тутан эттэххэ, бит-билгэ, иччилээх түүл омугуттан тутулуга суох киһиэхэ барытыгар бэриллэн эрдэҕэ. “Киһи барыта билгэһит, көрбүөччү буола сатыыр” дииллэрин дэҥ кэриэтэ да буоллар истибит буолуохтааххыт. Кырдьык, ити баар суол, сороҕор, харчы өлөрөр да соруктаах буолуохтарын сөп буолуо. Олох, кэм-кэрдии ону бэйэтэ син биир сиидэлээн, сыыйан биэрэр, оннун булларар. Кэлин сахалыы үгэһи, сиэри-туому сэҥээрии олус күүһүрдэ. Аныгы курдук атыйахтаах уулуу дьалкыҥныыр олохпутугар дьон үксэ сааһыланаары, бэйэтин тирэҕин булаары, кэтэҕэр сылдьар өбүгэлэриттэн көмө көрдүүр биир ньымата быһыылаах… Итэҕэлгэ хардыы биир үктэлэ.
ХААРТЫСКА: PXHERE.COM/RU/PHOTO СААЙТАН
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: