Битэмиин туһунан дойҕохтор уонна чахчылар
“Күөххэ үктэннибит” диир өссө даҕаны ыраах. Бу кэм биһиги өбүгэлэрбитигэр саамай уустук, аччык кэм этэ. Оннооҕор билиҥҥи тот олоххо үгүс дьон күүс-күдэх эстиитин, эт-сиин мөлтөөһүнүн бэлиэтииллэр. Бу туругу бэрт элбэх киһи “сааскы авитаминоз” диэн ааттыыр, араас ньыманан битэмиин эбинэн өрүттэ сатыыр. Ол эрэн, “авитаминоз” диэн тиэрмин бу турукка барсыбат, сыыһа туттуллар. Уопсайынан, кэнники кэм чинчийиилэрэ битэмиин туһунан арыый атын чахчылары этэллэр. Быһаарсан көрүөҕүҥ.
Авитаминоз – былыргы кэм ыарыылара
Бастатан туран, туттар тылбытын чопчулуох тустаахпыт. “Авитаминоз” диэн тылынан быраастар ханнык эрэ битэмиин суоҕуттан ыарыы үөскээһинин ааттыыллар. Цинга, бери-бери, пеллагра, рахит курдук ыарахан ыарыылар биир битэмиин тиийбэтиттэн үөскүүр ыарыылар. Былыр бу туруктар сэдэҕэ суох этилэр. Холобур, цинганан муора нөҥүө сытар ыраах сирдэргэ айанныыр дьон ыалдьаллара, өлөллөрө. Билигин бары бэркэ билэбит – аһыыр аска хайаан даҕаны сибиэһэй үүнээйи ас баар буолуохтаах – фрукта, оҕуруот аһыгар С битэмиин баар. Оччолорго дьон ону билбэт этилэр, хараабылга үксүн хатарыллыбыт этинэн уонна килиэбинэн эрэ аһыыллара. Ыйы ыйдаан айан кэмигэр хараабыл хамаандатын аҥаарыгар тиийэ цингаттан өлүөхтэрин сөп этэ. Аччык, муор-туор кэмнэргэ үгүс дьон пеллагра ыарыыттан өлөр этилэр, бу никотиновай кислота (РР битэмиин) тиийбэтиттэн тахсар. Азия дойдуларыгар баай дьону сордуур бери-бери ыарыы сылтаҕын өр кэм таайа сатыыр этилэр. Кэнники көстүбүтүнэн, оччолорго кыахтаах дьон аһыыр астара олоччу кэриэтэ ыраастаммыт үрүҥ рис куруппаттан турар эбит. Онтон сылтаан В1 битэмиин тиийбэккэ, авитаминоз үөскүүр эбит.
Билиҥҥи кэмҥэ битэмиин олоччу тиийбэт туруга бэрт сэдэх көстүү, биирдиилээн дьон ханнык эрэ ыарыыттан эттэрэ-сииннэрэ сыыһа үлэлиир буолааҕына, авитаминоз үөскүөн сөп.
Оттон битэмиин нуормаҕа тиийбэтин гиповитаминоз диэн ааттыыллар. Маннык туругу сэдэх диир сатаммат эрээри, аныгы олоххо эмиэ дэҥ кэриэтэ үөскүүр турук.
Битэмииннээх ас дэлэй!
Саха сиригэр өрөбөлүүссүйэ саҕана уонна Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кэнниттэн нэһилиэнньэни сөптөөх аһынан хааччыйыы, битэмииннээһин үлэтэ күүскэ барбыта. Оччотооҕу кэм биир улахан кыһалҕатынан оҕо рахита уонна анемия этэ. Күн тиийбэт, сыалаах ас кэмчи кэмигэр үүнэр оҕоҕо В битэмиин сөптөөх ахсаана тиийбэтэ чаастатык бу ыарыыны көбүтэрэ. Аптекаларга гематоген, балык сыата, сакалаат ырысыабынан бэриллэрэ, сөптөөх аһылык туһунан аҕытаассыйа ыытыллара. Ол кэмтэн хаалбыт өйдөбүл билигин даҕаны баар, аҕа көлүөнэ билигин даҕаны “битэмииннээх ас” туһунан куруутун өйдүү сылдьар.
Дьиҥэр, билигин сөптөөх ас төгүрүк сыл тухары дэлэй, битэмиин киириитэ туспа кыһаллыыта суох кыаллар. Оннооҕор оҕуруот аһын соччо сөбүлээбэт да киһи маҕаһыыҥҥа баар астан бэйэтэ билбэтинэн толору битэмиининэн хааччынар. “Куһаҕан”, “туһата суох” диэн ааттанар аһынан эрэ үссэнэр дьон сороҕор ханнык эрэ битэмииннэр тиийимиэн сөп эрээри, бу эмиэ сэдэх түгэннэргэ киирэр көстүү. Аныгы үйэҕэ авитаминоз туругар ким даҕаны тиийбэтэ чахчы. Билигин фрукта, оҕуруот аһа өлгөмнүк атыыланар. Соҕуруу дойдуттан кэлэр сибиэһэй үүнээйи ас, Саха сиригэр оҥоһуллар үүт аһылык, эт, арыы, балык, сымыыт ирдэнэр битэмиининэн толору хааччыйар. Кыһыннары ас биэрэр “Саюри” туһунан умнумуоҕуҥ – аныгы диетология этэринэн, бэйэ дойдутугар үүммүт ас ордук иҥэмтиэлээх.
Чөл олоҕу тутуһуу саамай көдьүүстээх көмө буолар. Үчүгэй аһы сөптөөхтүк аһыы, ууну ханар гына утуйа, сибиэһэй салгыҥҥа дуоһуйа дьаарбайа, кыраттан тырыттыбакка сырыттахха, эт-сиин сөптөөх турукка киирэр, доруобуйа тупсар.
Аптека битэмиинин атыылаһар оруннаах дуо?
Сорох дьон битэмиин итэҕэһин толороору аптекаттан поливитамин (элбэх битэмиини бииргэ холбуур эмп) атыылаһан иһэллэр. Бастатан туран, маннык поливитаминнар эмп көрүҥэ буолалларын өйдүөх тустаахпыт. Ол аата, быраас сүбэтинэн иһэр оруннаах. Иккиһинэн, ити курдук эт-сиин туругар кыһамньыларын уурар дьон сөптөөх аһы аһыыллара өйдөнөр. Ол аата, битэмиининэн сөптөөхтүк хааччына сылдьалларын сабаҕалыахха сөп. Уопсайынан, астан киирэр битэмиин ордук туһалааҕа кырдьык.
Оччоҕуна тоҕо аптекаҕа битэмиин атыыланарый? Сорох бөлөх дьоҥҥо эбии битэмииннээһин хайаан даҕаны ирдэниэн сөп. Бастатан туран, ыалдьар дьон. Туох эрэ сылтахтан киһи этэ-сиинэ киирэр битэмиини сөптөөхтүк иҥэриммэт буоллаҕына, аналлаах битэмиини эмп курдук иһэн өрүттэллэр. Иккиһинэн, төрөөрү сылдьар дьахталлар туспа битэмиин иһэллэрэ чаастатык ирдэнэр. Саҥа олох үөскүүрэ улахан күүһү-күдэҕи, эбии аһылыгы ирдиир. Эбии күүс-күдэх күүстээх эрчиллиини көрсөр дьоҥҥо эмиэ ирдэнэр. Онон идэтийбит спортсменнарга, байыаннай сулууспаҕа сылдьар эр дьоҥҥо эмиэ эбии битэмиин ирдэнэр. Бу түгэннэргэ фармацевтика көмөҕө кэлэр.
БАД көмөлөһөр дуо?
Битэмиини кытта “тиийбэт иҥэмтэлээх эттиктэри тиксэриигэ” анаан БАД диэн ааттанар эбии аһылык өлгөмнүк атыыланар. Төһө туһалаах буоларый, маннык эмтэнии? “Биологически активная добавка” – БАД диэн өйдөбүл биир ирдэбилэ – эмп курдук дьайыыта суоҕа дакаастаныахтаах. Күүстээх дьайыылаах буоллаҕына, БАД быһыытынан атыыга тахсара көҥүллэммэт, эмп быһыытынан регистрацияланыахтаах. Онон, БАД туһата кырата дакаастаммыт, бигэргэммит эбии аһылык буолар. Туһалыан сөп дуо? Туһалыан сөп. Ол эрэн, сыанатын уонна көмөлөһөр кыаҕын тэҥнээн көрдөххө, маннык көмөнү атыылаһан ылар бэрт саарбах дьаһаныы буолар.
Түмүккэ
Саас турук мөлтөөһүнэ баар суол. Битэмиин итэҕэһэ буолбатах буоллаҕына, бу тугуй? Саас тыынар тыыннаах барыта уһуктар кэмэ. Үүнээйилэр улугурууттан уһукталлар, кыыл-көтөр ууһуур турукка киирэр, киһи эмиэ атын турукка көһөр. Ханнык баҕарар уларыйыы эбии күүс-күдэх ирдиир, ону ааһыныы бэрт уустук буолуон сөп. Бу кэмҥэ хайдах бэйэни харыстаныахха сөбүй? Бу туһунан, дьиҥэр, бары бэркэ билэҕит – чөл олоҕу тутуһуу саамай көдьүүстээх көмө буолар. Үчүгэй аһы сөптөөхтүк аһыы, ууну ханар гына утуйа, сибиэһэй салгыҥҥа дуоһуйа дьаарбайа, кыраттан тырыттыбакка сырыттахха, эт-сиин сөптөөх турукка киирэр, доруобуйа тупсар. Доруобай буолуҥ!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: