Бизон 2035 сылга диэри 1000 ахсааҥҥа тиийэ элбиэн сөп

Share

Саха сиригэр ойуур бизонун үөскэтэр бырайыак саҕаланыаҕыттан кинилэр ахсааннара 320-чэ төбөҕө тиийдэ.

Бу өссө быйылгы төрүөҕү аахсыбакка туран: саҥа төрүөҕү кыһыҥҥы аһатыы кэмигэр ааҕыахтара. Маннык бэйэтин дьаалатынан үөскүү турдаҕына, 2035 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ бизон ахсаана 1000-ҕа тиийэр туруктаах. Бу туһунан биологическай ресурсалар, ураты харыстанар айылҕалаах сирдэр, айылҕа пааркаларын дириэксийэтигэр эттилэр.

Саха сиригэр бизону хаттаан ууһатыы 2006 сылтан саҕаламмыта. Бырайыак дьиикэй кыыллары хаттаан ууһатыыга Арассыыйаҕа аан дойдутааҕы таһымнаах саамай бөдөҥ тэрээһининэн буолбута. Бу кыыл урут Саха сиригэр үөскүү сылдьыбыт итиэннэ палеонтологтар этэллэринэн 2000 сыл анараа өттүгэр киһи кыдыйан мэлиппит. Билигин IUCN кыһыл испииһэгэр уонна Саха сирин Кыһыл кинигэтигэр киирэн турар.

Учуонайдар бизону истиэп уонна ойуур бизоннара диэҥҥэ араараллар. Былыр плейстоцен кэмигэр Саха сиригэр ууһуу сылдьыбыт кыылы билиҥҥи ойуур бизонун курдук дииллэр, олор элбэҕэ суох популяциялара Канадаҕа эрэ ордубут. Өскөтө Хотугу Америкаҕа кини үөскүүр сиригэр туох эрэ катастрофа буолар түгэнигэр, ойуур бизона Саха сиригэр эрэ ордон хаалар. 2017-2018 сс. Сиинэ өрүс орто сүүрүгэр айылҕаҕа көҥүл сырытыннараары ыыппыттара. Олор ахсааннара 130 төбөҕө тиийбит.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар

Бэрт-Ууһугар «Байанай» күрэхтэһиитэ ыытылынна

Уус Алдан улууһун Бэрт-Ууһун нэһилиэгэр сэтинньи 23 күнүгэр "Байанай" күнүгэр анаан булчут уолаттар көҕүлээһиннэринэн быыстапкалаах,…

5 минут ago
  • Сонуннар

Өлөөҥҥө сэтинньи 23 күнүттэн тымныйда

Ааспыттааҕы күнү-дьылы билгэлииригэр Тускул Өлөөн улууһун күнэ-дьыла Саха сирин күнүн-дьылын оҥорор диэбитэ. Ол иһин, Өлөөн…

20 минут ago
  • Култуура

Бүгүн буойун-суруйааччы, бэйиэт Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сыла буолла

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, буойун-суруйааччы, бэйиэт Тимофей Егорович Сметанин төрөөбүтэ 105 сыла буолла.  2019 сыллаахха…

35 минут ago
  • Сонуннар

Көнөрө буоллар

Аҕыйах хонуктан ыла Дьокуускай уулуссаларынан оптуобустар сырыылара уларыйан, айанньыттар бары саҥа маршруппутугар үөрэнэбит. Сыыһа-халты олорсуу,…

42 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бурматов саҥа сокуону бэлэмнии сылдьар

Госдуумаҕа кыылларга кырыктаах сыһыан иһин ыстарааптыыр туһунан сокуон барылын оҥоро сылдьаллар. Сокуон барылын көҕүлээччитэ --…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сирин оскуолаларыгар саҥа үөрэх дьылыгар үүнээйини олордуу саҕаланна

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымах нэһилиэгин Баатара оскуолатыгар тохсунньу ыйтан оҕолор салаат уонна оҕурсу үүннэрэр тэпилииссэлэрэ…

1 час ago