БКЭ-ни тохтотор туһунан сокуон бырайыага көрүллээри турар
02.07.2024, 16:00
Хаартыска: социальнай ситимнэртэн
Бөлөххө киир:
Алтынньыга Биир кэлим эксээмэни тохтотор туһунан сокуон бырайыага көрүллээри турар. Ол туһунан Госдума Үөрэххэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Яна Лантратова иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, бэс ыйын саҥатыгар үс фракция – ЛДПР, КПРФ уонна СРЗП – Госдумаҕа БКЭ-ни тохтотор туһунан сокуон бырайыагын киллэрбиттэрэ. Кинилэр БКЭ-ни классическай эксээмэнинэн солбуйары наадалааҕынан ааҕаллар.
Өскөтө сокуон ылыллар түгэнигэр, 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр. Оччотугар сокуон ылылла илигинэ туттарыллыбыт БКЭ түмүктэрэ түөрт сылы быһа дьиҥнээҕинэн ааҕыллыахтара.
+1
8
+1
1
+1
+1
+1
1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: