Блогер оҕолор кэмнэрэ
Аныгы үйэ буолан, кэлиҥҥи кэмҥэ социальнай ситимнэри аны блогер оҕолор “ылан” кэбистилэр.
Ол эрэ буолуо дуо, кырачааннар аны киинэҕэ, сэрийээллэргэ уһуллан, бэйэлэрин ааттарын улахан дьону кытта сэргэ дорҕонноохтук ааттаттылар.
Бүгүн икки оннук блогер оҕолору кытта билиһиннэрэбит – Дьокуускай куорат 39 №-дээх орто оскуолатын 4-с кылааһын үөрэнээччитэ Айыына Кожурова уонна Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын алын сүһүөх 1-кы кылааһын үөрэнээччитэ Сандаара Ботуева.
Сүрүн тиэмэ – тыа сирин олоҕо
Быйыл сайын төрөөбүт Амматын Болугуругар тиийэн, Айыына Кожурова күннээтэ.
– Кыра эрдэҕиттэн актыбыыс оҕо. Ютубка араас сюжеттары устубута ыраатта. Билигин блогер быһыытынан бэйэтэ туспа “страницалаах”. Сүрүн тиэмэтэ – тыа сирин күннээҕи олоҕо. Бастаан утаа күннээҕинэн тугу устарын социальнай ситиммитигэр уган испиппит. Билигин эмискэ аатыран, тугу устарын хонтуруоллуубун. Ол эрээри боппоппун, идиэйэ биэрэбин. Сүрүннээн бэйэтэ толкуйдаан устар. Дэриэбинэ олоҕо – олус кэрэхсэбиллээх тиэмэ эбит. Онон сайыҥҥы Болугур күннээҕи олоҕун устан, оҕом дойдутун эмиэ аатырта, – диэн кэпсэтиибитин саҕалыыр Айыына ийэтэ Майя Кожурова.
Кыысчаан билигин 9 саастаах. Кини саастыылаахтара нууччалыы эрэ “тыбыыра” сылдьар буоллахтарына, Айыына уу сахалыы саҥарар буолан, устуулара, кини тугу кэпсиирэ ордук “минньигэс”, киһини бэйэтигэр тардар.
– Уопсайынан, оҕолор блогердыыр кэмнэрэ кэллэ быһыылаах. Буолумуна, аныгы көлүөнэ ыччат – төлөпүөн, гаджет оҕолоро. Онон олох ирдэбилэ да оннук буолуо. Оҕом олох “гуманитарий”, тылга күүстээх. Бу дьарыга кини улахан тэрээһиннэри ыытааччы, араатар, артыыс буоларыгар туһалыаҕа диэн эрэллээхпин. Урут биир эмэ оҕо ыытааччы оруолугар сылдьарын киин Арассыыйа тэлэбиидэнньэтигэр эрэ көрөр этибит дии. Саха оҕото төрөөбүт тылынан араас тиэмэлэргэ бэйэтэ устан кэпсиирэ билигин эрэ сонун курдук. Сотору кэминэн оҕо үксэ блогер буолара буолуо, – диэн салгыы санаатын үллэстэр Майя Кожурова.
Биллэн турар, Кожуровтар Айыыналара соһуччу болҕомто киинэ буолбутугар соһуйдулар.
– Кэрэхсэбиллээҕэ баар, социальнай ситимҥэ баар “страницабытын” саха дьоно эрэ буолбакка, араас дойдулартан, Арассыыйа киин куораттарыттан Москваттан, Санкт-Петербургтан тиийэ көрөллөр, кэмэнтээрийдииллэр. Түүр омуктар тылларын аймаҕыргаан кэрэхсииллэр, санааларын үллэстэллэр. Айыына оҕо саас тиэмэтинэн дьон болҕомтотун ылла быһыылаах. Онон Дьиэ кэргэн уонна оҕо саас сыллара биһиги халыҥ аймахха үтүө өйдөбүллээх буолла. Кэлин аны киинэҕэ уһулларга этии киирэн эрэр. Быйыл сайын “Төрүт тыл” диэн киинэни “Сахафильм” хампаанньа Болугурга кэлэн устубута. Онно биһиги аймахтан үс оҕону устубуттара, – диэн кэпсиир Майя Кожурова. Кини бэйэтэ нуучча тылын учуутала, фотограф буолан, оҕотун бу айымньылаах дьарыгын бэркэ сэргиир уонна өйүүр эбит.
Айыынаны бэйэтин кытта кэпсэтии бэрт интэриэһинэй буолла. Күн солото суох кыысчаан киэһэ бириэмэ булан бэйэтэ эрийдэ. “Ити видеоларыҥ ис хоһоонун бэйэҥ толкуйдуугун дуо? Хайдах устаҕын?” диэн ыйыппыппар, Айыына бэркэ билэр дьыалатын кэпсээн барда:
“Интэриниэккэ атын блогердар устууларын үөрэтэн көрөбүн. Холобура, “АСМР “диэн бэртээхэй устуу баар – сибигинэйэн саҥарар видео. Килиэппин устарбар ону үтүктэн боруобалаан көрбүтүм. Табыллыбытыттан наһаа үөрбүтүм. Ити сюжетым элбэх “лайк” ылбыта. Кэриэйдэр устууларын сэргиибин. Туох туһунан устуохпун баҕарарбын ийэбэр этэбин. Кини ардыгар сүбэлиир, үксүгэр “итини уһул” диир. Төлөпүөммэр устар судургу. Штативка иҥиннэрэн баран, бастаан устан көрөбүн, онтон туох да эрэпэтииссийэтэ эҥинэ суох хайдах баарынан устан кэбиһэбин. Арай эрэкэлээмэҕэ кыратык бэлэмнэнэ түһэбин. Үөрэх дьылын көрсө оскуола таҥаһын, канцелярскай табаардары эрэкэлээмэлээтим. Бэйэтэ туспа уратылаах үлэ эбит. Кэлин олоҕум интэриэһинэй баҕайы буолла. Дьон кэмэнтээрийин ааҕан санаам олус көтөҕүлүннэ. Сэргиир киһи элбэх эбит. Өссө араас тиэмэни сырдатыахпын баҕардым”.
Сытыыкан кыыс Сандаара
Сэттэ саастаах Сандаара Ботуева номнуо сэрийээлгэ, килиипкэ уһуллан, араас сюжеттары бэйэтэ уһулан, “Тэтим” араадьыйаҕа, тэлэбиисэргэ ыытааччы быһыытынан тахсан, уопуттаах блогерга тиийэ үүннэ.
– Мин өссө “Биирдэ мэник туохтаабыт” биллэр ырыалаах, килииптээх 6-с кылаас үөрэнээччитэ Руслан Буртаховтан интервью ылбытым. Кини ити ырыатын килиибигэр үҥкүүһүт кыыс оруолун толорбутум. “Омоон суоллар” сэрийээлгэ биэс саастаах оҕону оонньообутум. Онно биир түөтэ оҕо сааһын саныыр дии. Ол оҕо мин этим. Наһаа да өр устубуттара, сылайбытым аҕай. “Ытаа…” дии сатыыллар. Араастаан ытаабыта буолбутум да, “барбат, саҥаттан” диэн иһэллэр. Онтон ийэм миигин мөхпүтүгэр эмискэ дьиҥнээхтик ытаабытым. Ньиэрбинэйдээн, наһаа күүскэ ытаабытым ээ. Сотору буолаат, “уһулуллубут, маладьыас!” диэбиттэрэ. Соторутааҕыта оскуолаҕа киириэм иннинэ”Тэтим” араадьыйаҕа, тэлэбиисэргэ уһуллубутум. Камераҕа уһулларбын наһаа сөбүлүүбүн. Бэйэм эмиэ устан, ийэм “страницатыгар” уктарабын. Оскуоланы наһаа сөбүлээтим. Кылааспытыгар 10 уол, 15 кыыс үөрэнэбит. Оскуолабыттан кэлээт, хаһан сарсын буоларын тэһийбэккэ кэтэһэбин, – диэн кэпсээннээх буолла Сандаара.
Кыысчаан ийэтэ Ньургуйаана Ботуева – “Саха” НКИХ теле-араадьыйа биллэр суруналыыһа. Сандаара балаҕан ыйын 2 күнүгэр тахсыбыт “Саҥа күн” биэриигэ ийэтин кытта ыытааччынан үлэлээтэ. Онон суруналыыс идэтин эмиэ билистэ.
– Сытыыкан кыыс. Оҕо көҥүллүк иитиллиэхтээх. Төрөөбүт тылынан санаатын кыбыстыбакка, сайа этэр буолуохтаах. Биллэн турар, кэтии сылдьан, хонтуруоллуубун. Билигин сүрүн сорукпут – үөрэх. Онон туохха да аралдьыйбаппыт. Өйбүтүн-төйбүтүн сааһыланан баран, салгыы дьарыктаныахпыт. Баҕар, биэриилэри ыытыахпыт, килииптэри устуохпут. Интервью ыларын наһаа сөбүлүүр. Үөрэх тээбириннэрин ыла сылдьан, “интервью ыларбар” диэн лиис туттарардаах анал паапка ылыммыта, – диэн кэпсээтэ Ньургуйаана Ботуева.
… Ити курдук, кырачаан блогер кыргыттар Оҕо саас сылыгар бэртээхэй ситиһиилэннилэр. Кинилэргэ “саҥа үөрэх дьылыгар толкуйдаабыккыт санаа хоту табыллан истин, эһигини кытта өрүү табыллыы, үөрүү-көтүү аргыстастын!” диэн алгыс тылларын аныыбыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: