Блогердары көҕүлүүр CONTENT-марафон “PROдвижение” куонкурус саҕаланна
Атырдьах ыйын 27 күнүттэн Туризмы уонна территориальнай маркетины сайыннарар ааҕыныстыба уонна “Сахавизион” ХЭТ “Обращайся” платформа былаһааккатыгар CONTENT-марафон “PROдвижение” куонкуруһу саҕалаатылар.
Петр Бурцев, “Сахавизион” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ, “Обращайся” саҥа социальнай ситими олохтооччу:
-Биирдэ өйдөөн көрбүппүт, Арассыыйа олохтоохторугар аналлаах социальнай ситим суоҕун кэриэтэ эбит. Бу биһиги айбыт “Обращайся” сыһыарыыбытыгар сокуон иһинэн тугу барытын гынарыҥ көҥүл. Арассыыйаҕа 200 айти-хампаанньаттан 19 финалист иһигэр киирбиппит. Биһиэхэ араас корпорациялартан, инвестордар эрийэллэр, күһүҥҥүттэн күүскэ үлэлэһэр былааннаахпыт. Биһиги сыһыарыыбытын туһанар дьон Хабаровскайга, Новосибирскайга, Бурятияҕа, Москваҕа, Санкт-Петербурга, Казахстаҥҥа бааллар. Биһиги блогердарга, биисинэскэ, муниципальнай уорганнарга барыларыгар сөптөөх саҥа медиаплатформалары, былаһааккалары тэрийэн, араас эрэгийиэннэргэ кытта үлэлэтэр соруктаахпыт. Билиҥҥитэ 31 000 киһи хачайдаабыт, күн ахсын тыһыынчаттан тахса киһи киирэн көрөр, бу 25-50 саастаах үлэлиир, дьиэ кэргэннээх дьоннор. Биһиэхэ саарбах көрүүлээх контент суох, бары сэргэх көхтөөх дьон олороллор. Систиэмэтэ ютуб курдук үлэлиир, төһө киһи көрбүтэ көстө сылдьар.
CONTENT-марафон “PROдвижение” куонкурус туох соруктаах тэриллэр?
Тэрийээччилэр бу куонкуруһу оҥорон, саҥа талааннарын көрдүөхтэрин, блогердар түмсүүлэрин мунньуохтарын, Саха сирин аан дойду, Арассыыйа таһымыгар араас көрүҥүнэн таһаарыахтарын баҕараллар. Манна саҥа саҕалааччылары сэргэ хас эмэ тыһыынчанан сурутааччылаах блогердар бары тэҥҥэ киирсэллэр. Тугу баҕарар устан кэпсиигин, көрдөрөҕүн: хоббигын, бэйэ дьарыккын, оҕолоргун, үлэҕин, кэрэ-бэлиэ сирдэри, ураты устуоруйалары, бэйэҥ бреҥҥин, дьоҥҥо оҥорор өҥөҕүн, табааргын, быһата атын социальнай ситимнэргэ баар наадалаах инструмент барыта манна баар. 18 саастаах киһи кыттар.
Куонкурус уопсай бирииһин пуондата — 1 мөл. солк. Саамай элбэх сурутааччылаах, лайктаах, “посещаемостаах” блогер кыайыылааҕынан ааҕыллар, “Туймаада-нефть” хампаанньа туруорбут 150 тыһ. солк. наҕараадаланар. Маны таһынан араас атын бириис элбэх. Кыттаҥҥын контеҥҥын монетизациялыыгын, ол эбэтэр харчы оҥороҕун. Биир куолас — 3 солкуобай. Өскөтө 30 сурутааччыҥ эйиэхэ куоластаатаҕына, 90 солк. ылаҕын. Оттон 3 тыһ. сурутааччы куоластаатаҕына, 9 тыһ солк. ылаҕын. Монетизация дуогабар быһыытынан барар.
Сайаапкалары балаҕан ыйын 27 күнүгэр диэри ылаллар, Туризмы уонна территориальнай маркетингы сайыннарар агентство саайтыгар эбэтэр “Обращайся” сыһыарыыга киирэн билсэҕит. Бу күҥҥэ диэри тус бэйэҥ страницаҕын арыйаҕын, подписчиктаргын хомуйаҕын, марафоҥҥа бэлэмнэнэҕин. Балаҕан ыйын 27 күнүн кэнниттэн сыһыарыыга платформа баар буолуоҕа, онно кыттааччыларга биирдэ эрэ куоластыыллар. Марафон икки ый устата барар, ол кэнниттэн салгыы эмиэ баран иһиэҕэ. Куонкуруска Бурятияттан кыттар баҕалаахтарын биллэрбиттэр.
Аркадий Ксенофонтов, Туризмы уонна территориальнай маркетины сайыннарар ааҕыныстыба генеральнай дириэктэрин э.т.:
-Туризмы сайыннарыыга информационнай хонуу наһаа наада, ол иһин бу куонкуруска ылыстыбыт. Саха сиригэр турист атаҕа үктэммэтэх сирэ элбэх, онон саҥа саҕалыыр блогер маннык сирдэри кэпсиирэ олус туһалаах буолуо этэ.
Кыайыылаах 150 тыһ. солк. ыларын таһынан биһиги партнердарбытын кытта 3 хантараак түһэрсэр, урбаанньыт быһыытынан биир сыл устата бу сыһыарыылыын хантараактаһар. “Саха сирэ – эн санааҥ күүһэ” туристическай бренд билиһиннэрээччитэ буолар
Масаха Мэхээс, блогер:
-“Обращайся” ситим влог оҥорорго олус сөптөөх эбит. ВКонтакте ыйга 120 киһи көрөр, ютубка биир ыйга 500 киһи көрүөн сөп, оттон “Обращайся” сыһыарыыга биир ый иһигэр биир килииби 20-тэн тахса тыһ. киһи көрөр. Онон бу сыһыарыыны сайыннаран иһиэххэ наада.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: