Бочуоттаах дириэктэр аатын — бибилэтиэкэ бэриниилээх үлэһитигэр

Share

Уус Алдан улууһун киинигэр Бороҕоҥҥо В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан култуура дыбарыаһыгар тэрээһин буолла.

Бу СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, РФ култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэ хаһаайына, СӨ култууратын уонна искусствотын Бочуоттаах үлэһитэ, Уус Алдан улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, өр сыллар усталарыгар улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин сатабыллаахтык салайбыт В.Н.Окоемованы бочуоттаах сынньалаҥҥа атаарар долгутуулаах тэрээһиҥҥэ сааланы толору киһи муһунна.

Уус Алдан улууһун салайааччылара, Варвара Николаевна үлэ үөһүгэр бииргэ алтыспыт дьоно, улуус бибилэтиэкэлэрэ олох сайдыытын чэрчитинэн инники хардыылыылларыгар, материальнай баазалара күнтэн күн тупсан иһэригэр, пуондалара хаҥыырыгар, кэлэктиип биир сомоҕо буолан үрдүк ситиһиилэнэригэр сүҥкэн кылааты киллэрбит, улууска бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар, өрөспүүбүлүкэ библиотечнай эйгэтэ билинэр улахан салайааччыта буоларын киэн туттан бэлиэтээтилэр. Ону сэргэ, Варвара Николаевна улуус социальнай-экэнэмиичэскэй, кутуурунай сайдыытыгар, уопсастыбаннай олоҕор киллэрбит кылаатын, үтүө-мааны майгытын, үлэһиттэригэр, бар дьонугар истиҥ сыһыанын үрдүктүк сыаналаан махталларын эттилэр,

Уус Алданнааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин Бочуоттаах дириэктэрэ диэн ааты В.Н.Окоемоваҕа аныыр туһунан Уус Алдан улууһун баһылыга В.И.Аммосов үөрүүлээх быһыыга-майгыга  туттарда.

Раиса Черкашина,

Суотту, Уус Алдан.

Евдокия Окоемова хаартыскаларга түһэриитэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«ICL Техно» хампаанньа көмпүүтэрэ пуорум быыстапкатын киэргэттэ

Бүгүн "Үлэ кыбартаала" креативнай кластерга ыытыллыбыт “Цифровой алмаз” III федеральнай пуорум бастакы күнүгэр дойду араас…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Алдан» киинэ — саха уолаттарын хорсун быһыыларын туоһута

 “Цифровой алмаз” III федеральнай пуорум бастакы күнэ Саха сирэ уонна Запорожье уобалаһын айар кэлэктииптэрин холбоһуктаах…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Ион Цыпандин Төҥүлүтээҕи госплемстанцияны салайбыта

Мин 1965 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Госплемстанция Төҥүлүтээҕи филиалыгар Мэҥэ Ханалас оройуонугар селекционер-зоотехнигынан үлэлии киирбитим.…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сиригэр 240 киһи коронавирустаабыт

Коронавируһу утары охсуһар федеральнай суһал ыстаап чахчытынан, ааспыт нэдиэлэҕэ Арассыыйаҕа 22 398 киһи ыалдьыбыт. Оттон…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоммутугар, дойдубутугар туһаны аҕалар санаа биһигини түмэр

Пригород сэлиэнньэтин дьахталларын түмсүүтэ 2022 сыллаахха дьаһалта исписэлииһин  Лена Флегонтова көҕүлээһинэн тэриллибитэ. Салайааччынан Чэмэлиинэ Скрябина…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Идэһэ» дьаарбаҥкатыгар ыҥыраллар

Дьокуускайга Хомсомуол болуоссатыгар сэтинньи 15-17 күннэригэр сылын ахсын ыытыллар "Идэhэ" дьаарбаҥка буолуоҕа. Тэрийээччилэр иһитиннэрбиттэринэн, атыылаһааччыларга…

10 часов ago