Бодойбоҕо айан

Бодойбоҕо айан

16.01.2025, 17:17
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Тохсунньу 3 күнүгэр -56 кыраадыстаах аам-даам тымныы турар кэмигэр Дьокуускай-Бодойбо хайысханан “Пути великих свершений” эспэдииссийэ айаҥҥа туруммута.

Хаарыска: ааптар түһэриитэ.

Эспэдииссийэ састаабыгар  Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Афанасий Владимиров, бырайыак салайааччытынан Ил Дархан сүбэһитэ Георгий Никонов, Култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин харыстыыр управление салайааччыта Николай Макаров, Өлүөхүмэ улууһун  дьаһалтатыттан Евгений Березин, оператор Дмитрий Никонов уонна икки суоппар Владимир Доргонов, Александр Иларов киирбиттэрэ. Эспэдииссийэ сыала-соруга киэҥ: Улуу Кыайыыга Саха сирин уонна Иркутскай уобалас олохтоохторун киллэрбит кылааттарын үөрэтии-чинчийии; Уһук Илини баһылааһын 400 сылыгар матырыйааллары хомуйуу; Иркутскай-Дьокуускай тыраагын устуоруйатын үөрэтии; Өлүөхүмэҕэ, Бодойбоҕо көмүс хостооһун устуоруйатын чинчийии; Өксөкүлээх Өлөксөй Бодойбоҕо олоро сылдьыбыт кэмин үөрэтии, чахчыларын көрдөөһүн. Бодойбоҕо олорбут сахалар дьылҕаларын чинчийии, о.д.а.

Бодойбо былыргыта Саха сирин састаабыгар киирэрэ, “тайҕаҕа” үлэлии бардыбыт диэн үгүс киһи көмүс бириискэлэригэр тиийэн үлэлээбитэ, таһаҕас таспыта биллэр. Онон уруккута сырыы бөҕө сылдьыллыбыт суола, хомойуох иһин, билигин сабыллан турар. Интэриниэт Дьокуускайтан Бодойбоҕо диэри трассанан 3,5 тыһ. км  диэн көрдөрөр. Дьиҥнээҕинэн 1402, 20 км айаннаабыттар, кэлэ-бара 3 тыһ. км. кэриҥэ буолбут.

Эспэдииссийэ кыттыылаахтара “УАЗ-патриот” уонна “Прадо” массыыналарынан Өлүөхүмэҕэ тиийбиттэр, кинилэргэ аара “Газель” массыыналаах өлүөхүмэлэр холбоспуттар. Маачаттан Перевозка диэн нэһилиэнньэлээх пууҥҥа диэри суол суох буолан биэрбит. Ахсынньы саҕаланыыта  көмүс хостооччулар сылдьыбыт буоланнар, кинилэр суолларын батыспыттар. Хата массыыналара алдьаммакка этэҥҥэ тиэрдибит. Бу Саха сирин уонна Иркутскай уобалас быыстарыгар турар 500 нэһилиэнньэлээх Перевоз диэн сэлиэнньэҕэ саха дьонун сыдьааннара олороллор, “Сардаана” диэн түмсүүлээхтэр. Олус үөрэ көрсүбүттэр. Итинник хас биирдии сылдьыбыт сирдэригэр Аҕа дойду сэриитигэр охтубут буойуттар өйдөбүнньүктэригэр веноктары ууран кэриэстээбиттэр. Бодойбоҕо кэлэн оройуон дьаһалтатын, култуура управлениетын кытта ыкса тутуһан үлэлээбиттэр. Верещагин аатынан түмэлгэ үлэлээбиттэр, онно саха мала элбэх эбит. Хомойуох иһин, Өксөкүлээх Өлөксөй сылдьыбытын туһунан чахчылар көстүбэтэхтэр. Ону кытта көмүскэ үлэлээбит сахалар тустарынан көрдөөн көрбүттэр да, архыып умайан хаалбыт. Бодойбоҕо саха бастакы дьахтар суруйааччыта Вера Давыдова аатынан оҕо бибилэтиэкэтэ үлэлиир, түмэлгэ кини дьылҕатын туһунан матырыйааллар, артефактар эмиэ элбэхтэр. Бу барыта кэлин тиһиктээх үлэ барыахтааҕын эрэйэр.

“Бодойбо оройуона уонна Өлүөхүмэ оройуона бырааттыы бииргэ үлэлиир дуогабардара оҥоһуллуохтаах, оччотугар култуура, экэниэмикэ өттүгэр бииргэ үлэлээһин сайдыаҕа. Уруккута уопсай биир устуоруйалаах Өлүөхүмэ улууһа уонна Иркутскай уобалас икки ардыгар суол баар буолуохтаах. Билигин Саҕынньахтаахха эрэ заправка баар, онтон салгыы сибээс да, аһыыр сир да  суох. Маача нөҥүө федеральнай суолга тахсыыга диэри 150 км суолу оҥоруохха наада”, — диэтэ Георгий Никонов.

Итинник биир устуоруйалаах ыаллыы сытар эрэгийиэннэрбитин кытта ыкса алтыһар, тырааныспарынан сылдьыһыыны сайыннарар кэм кэллэ.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
16 января
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 74% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: