Салгыы
Бойцов — дьиэ кэргэн эрэллээх эркинэ

Бойцов — дьиэ кэргэн эрэллээх эркинэ

15.09.2024, 14:00
Хаартысканы Николай Баишев тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Аҕа уонна ийэ ууһунан иллээхтик “эн-мин” дэһэн, биир хаһаайыстыбаны тутан, бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн олорор ыал ахсааннаах диэххэ сөп. Билиҥҥи олох көрдөрөрүнэн, маннык дьаһанан олоруу кэм ирдэбилинэн буолла. Николай Баишевы мин быйыл муус устарга өрөспүүбүлүкэтээҕи Ытык сүбэ салалтата Төҥүлүгэ уопсастыбанньыктары кытта көрсүһүүтүгэр сылдьан көрбүтүм уонна кини тылын-өһүн, санаатын сайа этэрин биһирии ылыммытым. Тоҕо эрэ кинини онно дьон бары “Бойцов” диэн ыҥыраллара. Дьиэ кэргэн сылыгар Баишевтар дьиэ кэргэн аҕа баһылыгын кытта кэпсэтээри гыммыппар, “манна кэпсэтэн туһа суох, эн мин олорор алааспар анаан тиийэ сырыттаххына, онно барытын кэпсиэм, көрдөрүөм — илэ хараххынан көрөн суруйуоххун наада” диэн быһаччы этэн кэбиспитэ.

Быйыл сайыны быһа бара сатаатым да, кыаллыбакка, аҕыйах хонуктааҕыта, дьэ, Төҥүлүгэ тиийэн, Бойцову кытта анаан кэпсэттим, хаһаайыстыбатын көрдүм-иһиттим.

Үһүс кылаастан — Бойцов

— Николай Михайлович, кэпсэтиибитин эн хос ааккыттан саҕалыахха. Тоҕо эйигин бэрт бойобуойдук “Бойцов” диэн ааттыылларый, өһүргэммэккин дуо?

— Миигин Төҥүлү олохтоохторуттан “Николай Баишевы хантан булуохха сөбүй?” диэн ыйыттаххына, ким да билиэ суоҕа. Оттон “Бойцов” диэҥ эрэ кэрэх, бары ханна баарбын тута ыйан биэриэхтэрэ. Үһүс кылаастан ыла итинник ааттаахпын. Бастаан “Солдатов” диэн испиттэрэ. Кэлин “Бойцов” хос аакка “көспүтүм”. Ньиэмэстээх оонньуур этибит. Мэнигим, хорсунум сыттаҕа дии. Ким да ньиэмэс саллаата буолуон баҕарбат, бары сэбиэскэй байыастарбыт. Саамай сытыылара, хорсуннара буолан, байыас бэрдэ этим. Онтон ыла ити хос аат сүппэттии иҥмит. Билигин Бойцовунан эрэ биллэбин.

Нөмүгү — өбүгэ сирэ

— Дьиэ кэргэнинэн биир сутурук курдук тутуһан олорор эбиккит. Бу кыракый алаас сайын аайы оҕолуун-улаханныын 80‑тан тахса киһинэн туолар диэтиҥ дии.

— Баайыһаптар аймах бииргэ төрөөбүттэр ахсыабыт. Ол дьон оҕолоро, сиэннэрэ — бары бу Нөмүгү алааһыттан төрүттээх, өбүгэбит олоҕун сөргүтэн олоробут. Балаҕаммын эбэн үс дьиэлээхпин. 35 кв м иэннээх балаҕаммар сүүрбэччэ бытырыыс оҕо сайылаан тахсар этэ. Билигин ол оҕолор борбуйдарын көтөҕөн, иккис дьиэҕэ көспүттэрэ. Кинилэр оннуларыгар — атын бытырыыстар. Онтон 60‑ча кв м иэннээх дьиэбитигэр улахан дьон олоробут. Оҕо-уруу улаатан, сайылыкпытыгар мантан инньэ 15 дьиэни утуу-субуу тутаары сылдьабыт. Бары манна кэлэн сайылаан, сыыйа олохсуйан иһиэхтэрэ буоллаҕа. Туһугар, бэйэтэ учаастак буола түһэбит. Бу биһиги өбүгэлэрбит олорбут сирдэрэ. Сэбиэскэй кэмҥэ улахан холкуос учаастага турбут пиэрмэтэ этэ.

Үлэ таабыла

— Эн дьоҥҥун бэйэҕэр тардар — хамнас төлүүр ураты уопуккуттан үллэстиэҥ буолаарай?

— Биллэн турар, киһи бэйэтин үлэтэ сыаналарын сөбүлүүр. Оччотугар көхтөөх буолар, бары дьыалаҕа үөрэ-көтө ылсар. Үлэ таабылын кэргэним Мария Михайловна оҥорор. Кыра саастаах киһиттэн 80 саастаах көмө буола сылдьар кырдьаҕас аймахха тиийэ үлэлэрин хайысхата таабылланан, бары хамнастаналлар.

Анал тэтэрээккэ “Айта 10 күн — 20 тыһ. солк., Настя 3 күн — 5 тыһ. 152 солк., Валя 2 күн — 3 тыһ. 438 солк.” диэн ыанньыксыттар үлэлэрэ тиһиллэн иһэр. Онон үлэлээбит киһи күҥҥэ чопчу төһөнү аахсыбытын билэ сылдьар. Итинник ааҕыллан, күннээҕи үүтү туттарыыттан төһө киилэ ыаммыта, ол харчыга аахтахха, төһө буолбутун түмүгэ тахсан иһэр. Ол курдук, от ыйыгар 8 туонна курдук үүтү ыабыппытыгар 509 тыһыынча солкуобайтан тахса буолбут, атырдьах ыйыгар 8 тн үүт ыаныллан, эмиэ 508 тыһыынча солкуобай хамнастанан, үүт харчыта кэллэ да, тута ылан иһэллэр.

Хомуостаах уу — бастыҥ үөрэх

— Оттооһуҥҥа обургу оҕолор хамнастаналлара эмиэ үлэҕэ интэриэһи үөскэтэр буоллаҕа.

— Бэйи, онтуҥ өссө бириэмийэлээх ээ. Сүрэҕэлдьээбэккэ, күннээҕи былааннарын аһара толорбуттарга, 5–7 тыһыынча солкуобайы эбэбин. Уолаттарбар хаһан да “бириэмэ ыраатта, утуйуҥ” диэбэппин. Миигиттэн сарсыарда биир эрэ хамаанда баар: ”Подъем!” Ардахтаах буоллаҕына, эбиэккэ да диэри утутуохпун сөп. Оттон ыраас күн сарсыарда 6 чааска бары үлэҕэ бэлэм буолаллар. Биирдэ эрэ “подъеммун” хаһыытыыбын. Иккис киириибэр биэдэрэлээх уубун уонна хомуоспун туппутунан киирэбин. Утуйа сытааччыга биир хомуос тымныы уу тиийэн түһэр. Онон “подъем” хамаанда чаһы курдук үлэлиир.

Суотабайдарын боппоппун. Кинилэр олохторо, туһанныннар. Сонуну-нуомаһы биллиннэр, оонньоотуннар. Ол эрээри, бэрээдэги тутустуннар.

Үлэ былдьаһык

— Окко уонча обургу уол сылдьар буоллаҕына, атын “бытырыыстар” тугу оҥорон хамнастаналларый?

— Оо, тыа сирин үлэтэ элбэх буоллаҕа. Ким мас суорар, ким буор хаһар, ким уу баһар, ким ас астаһар, ким оҕуруокка уу кутар, сыыс ыраастыыр, ньирэйдэри аһатар. Ол барыта таабылга тиһиллэн иһэр. Онон хамнастанар буолан, ким туох кыахтааҕынан, төһөнү кыайарынан — үлэ былдьаһык. Аны уолаттарым бары тиэхиньэни кыраларыттан баһылыыллар. Тыраахтары собуоттуох иннинэ “по технике безопасности” анал “зачет” тутабын. Онтум олох боростуой. “Чэ, уолаттар, бардыбыт” диэн баран, тыраах-

тарбар олорунан кэбиһэбин. Ким миигин кытта тэҥҥэ тута саппай уопсан киирсибит, тыраахтар ыытар бырааба быһыллар. Тиэхиньикэҕэ олоруох иннинэ арыытын, уутун хайаан да бэрэбиэркэлиэхтээхтэр. Ол суруллубатах быраабыланы кэһээччи үс күн кыһалаҥ үлэҕэ ыстарааптанар (сиэрдийэ тутуута, буор хаһыыта уо. д.а.) Оҕо үксэ тиэхиньикэ ыытыытын былдьаһар. Оттон ким эрэ атын үлэни толоруохтаах буоллаҕа дии.

…Ити курдук, биир дойдулаахтарыгар Бойцовунан биллэр Николай Баишев бииргэ төрөөбүттэрин барыларын бииргэ түмэн, Нөмүгү сайылыгар уонтан тахса сыл олорон кэллэ. Сэһэргэһээччим “иккис тыынын ылла” диэн бэрт элбэҕи көрдөрдө, кэпсээтэ. Ол ону хаһыат миэстэтэ кырыымчыгынан ”Саха сирэ“ хаһыат саайтыгар сиһилии сырдатыаҕым.

Бойцов өссө биир дьикти хартыынаны көрдөрөн кэпсээтэ: “Ол көҕөрөн турар тиити көрөҕүн дуо? Ити бастаан кэлэрбэр хатан турар этэ. Кэлиҥҥи сылларга көҕөрөн кэлэн соһутта. Көр, иччитэхсийэн турбут төрүт өбүгэм сирэ барахсан иккис тыынын ылан, дьон-сэргэ олохсуйан, хата куурбут

бэйэтэ көҕөрө үүнэрэ айылҕаҕа дьикти түбэлтэ дии. Кимиэхэ эмэ кэпсээтэххэ, итэҕэйиэхтэрэ суоҕа…”

Дьэ, кырдьык, Ийэ айылҕа барахсан хаппыт тиитэ мээнэҕэ иккистээн көҕөрө үүммэтэҕэ чахчы. Нөмүгү сирэ уһуктан, оҕо-аймах күлүүтүнэн, ыанньыксыт сайдыырынан, ынах маҕырыырынан туоларын билгэтэ буоллаҕа.

+1
14
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 59% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: