Бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ Арассыыйа Соцпуондатын чөлүгэр түһэрэр кииннэригэр эмтэниэхтэрэ

Share

2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн байыаннай дьайыыга кыттыбыт уонна Сэбилэниилээх күүстэр биэдэмистибэлэригэр  үлэлээн бүппүттэр (уурайбыттар, демобилизацияламмыттар) Арассыыйа Социальнай пуондатын Чөлүгэр түһэрэр кииннэригэр өҥөнү ылыахтара. Ол туһунан Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

“Чөлүгэр түһэрэр кииннэргэ эмтэнэ барыыга уонна төннүүгэ  бырайыас төлөбүрэ Арассыыйа Социальнай пуондатын бүддьүөтүн суотугар оҥоһуллар.  Өҥөнү ылыыга Арассыыйа Социальнай пуондатын Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр отделениетын оройуоннардааҕы салаатытан ыйытыҥ”, — диэтэ Георгий Степанов.

Бэрэссэдээтэли солбуйааччы Саха сиригэр байыаннай сулууспалаахтарга – байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр аадырыстаах көмөлөһүү салҕанарын эттэ. Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан, 163 ыалга олорор дьиэлэрин гаастааһыҥҥа харчы бэриллибит, байыаннай сулууспалаахтар 537 төрөппүтүгэр санаторийга-куруорка эмтэниилэригэр көмөлөстүлэр, 391 киһи байыаннай сулууспалаах эмтэнэр сиригэр тиийиигэ материальнай көмөнү ылла. Байыаннай дьайыы 925 кыттыылааҕа уонна дьиэ кэргэн 1738 чилиэнэ доруобуйа харыстабылын уонна социальнай хааччыйыы тэрилтэлэригэр чөлүгэр түстүлэр. 345 киһини дьиэҕэ социальнай уонна стационар көрүҥнээх хааччыйдылар.

Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииннэригэр үлэҕэ киирээри 638 киһи сырытта, ол иһигэр байыаннай дьайыы 217 кыттыылааҕа уонна дьиэ кэргэн 421 чилиэнэ. Кинилэртэн 154 киһини үөрэттэрэ ыыттылар, 388 киһи үлэҕэ киирдэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан быйыл киллэриллэр эбийиэктэргэ үлэни күүһүрдэргэ сорудахтаата

Бэнидиэнньиккэ, ахсынньы 16 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын салайааччыларын, дьаһалтатын кытта былааннаах мунньаҕы…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ төлөбүрдэри сыл бүтүөр диэри ыытыахтара

Саха сирин олохтоохторугар сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ хоромньуларын толуйарга 1 миллиард солкуобайы ыытыахтара. Төлөбүрдэри сыл…

21 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Күммүт төһө кылгыырый?

Бу нэдиэлэҕэ саамай кылгас күннэр, саамай уһун түүннэр туруохтара. Күн муҥутаан кылгыыр кэмэ быйыл ахсынньы…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга — Үйэн бэлиэлээх үөдэйдэр күннэрэ

Дьокуускай куоракка Ньурба күннэрин чэрчитинэн, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Марха улууһа төрүттэммитэ 200 сылларыгар аналлаах Үйэн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сирэ национальнай бырайыактары үбүлээһиҥҥэ Арассыыйа ТОП-5 эрэгийиэнин иһигэр киирдэ

Саха сирэ Бэрэсидьиэн национальнай бырайыактарын үбүлээһин таһымынан ТОП-5 эрэгийиэн иһигэр киирдэ. Бу туһунан Ил Дархан…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Рекомендуем
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Киин куоракка чыыр балыгы хатырыктаан атыылыыллар

Дьокуускайга “Сайсары” бааһынай ырыынагар Саҥа дьыл чугаһаан, тоҥ аһы-үөлү атыылаһыы элбээтэ. Сыана кыралаан ыараан иһэр…

2 часа ago