Салгыы
“Бойобуой доҕотторбун санаатахпына, суобаһым оонньуура…”

“Бойобуой доҕотторбун санаатахпына, суобаһым оонньуура…”

22.09.2024, 11:00
Бөлөххө киир:

Назар Иннокентьевич Петров — Өлөөн улууһун киин балыыһатын кылаабынай бырааһа, хирург-быраас, анестезиолог-реаниматолог, РФ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ кавалера, 2024 с. В. В. Путин Ыйааҕынан “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта, биэс бойобуой командировкаҕа сылдьыбыт байыаннай дьайыы бэтэрээнэ.

Александр Колесов хамаандатынан

— Назар Иннокентьевич, эн байыаннай дьайыыга аан бастаан ханна сылдьыбыккыный?

— Мин биир идэлээҕим, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа-М. Николаев аатынан Мэдиссиинэ национальнай киинин оҕо травматологиятыгар отделениетын сэбиэдиссэйэ Сергей Васильевтыын Саха сириттэн байыаннай дьайыыга барбыт бастакы гражданскай быраастарынан буолабыт. 2022 сыл бэс ыйыгар Саха сиригэр бастакы “Боотур” батальоҥҥа баҕа өттүнэн барааччылар испииһэктэригэр “1”, “2” нүөмэринэн киирбиппит.

Биһиги, сүүс байыас, бастакы командировкабытыгар Саха сириттэн Арассыыйа бастакы Дьоруойа Александр Колесов хамаандатынан Харьков уобалаһын сиригэр-уотугар байыаннай сорудахтары толорбуппут. Сергей Петровиһы санитар-ытааччынан, оттон миигин биэлсэринэн анаабыттара. Төһө да эмчит дуоһунастаахпыт иһин, атын байыастары кытары чопчу сорудахтары толорбуппут: окуопалары хаспыппыт, пулеметтарынан позицияларбытын көмүскээбиппит уо. д.а. Онно Сергей бааһырбыттарга мэдиссиинэ көмөтүн оҥоро сылдьан, бэйэтэ улаханнык эчэйбитэ. Кинини Воронеж госпиталыгар илдьибиттэрэ. Онтон мин аны “суоппар-мэхээнньик” диэн эбии дуоһунастанан хаалбытым. Мобилизация иннинээҕи балаҕан ыйын саҥата буолан, биһиги олус аҕыйах этибит.

Патриоттуу санааттан

— Бэйэҥ талан ылбыт идэҕинэн үлэлии сылдьан, байыаннай дьайыыга бараргар туох төрүөт баар этэй?

 Сергейдиин патриоттуу санаабытын киллэрэн, байыаннай дьайыыга кыттарга быһаарыммыппыт. Дьиҥэр, биһиги идэбитинэн үлэлээхпит, ортону үрдүнэн хамнастаахпыт уонна аптарытыаттаахпыт, биир тылынан эттэххэ, харчы өлөрүү биһиги сыалбытынан-сорукпутунан буолбатах этэ. Мин бэйэм оҕо эрдэхпиттэн экстремальнай успуорду, ханнык баҕарар усулуобуйаҕа тыыннаах хааларга үөрэтэр сатыы сылдьан бултааһыны уо. д.а. сөбүлүүбүн. Дууһам туругунан уонна майгым-сигилим уратытынан бэйэбин пассионарийдарга (үрдүк сыалын-соругун толорор туһугар олоҕун толук уурарын да кэрэйбэт) киллэринэбин. Бу барыта түмүллэн, бастакы командировкабар барар туһунан быһаарынарбар төрүөт буолбута. Онтон салгыы бойобуой доҕордоһуу диэн эбиллибитэ. Холобур, уочараттаах командировкаттан Саха сиригэр кэлэн баран, дойдубут фашизмы утары охсуһарыгар көмөлөспүккүн, бэйэҥ кылааккын киллэрбиккин билинэҕин уонна салгыы бэйэҥ үлэҕэр үлэлээбитинэн бараҕын. Биир ый ааһар… саҥа доҕотторуҥ: ким эрэ окуопаттан, ким эрэ госпиталтан бойобуой доҕотторгун кытары дойду көмүскэлигэр ытык иэскин толорбут күннэргин санатан бараллар. Байыаннай дьайыыга сырыыгын ахта-саныы олорон, курутуйан уонна: “Мин онно барар уонна улахан туһаны аҕалар кыахтаах эрээри, тоҕо манна тыылга баарбыный?” — диэн суобаһыҥ оонньоон барар. Мин санаабар, чуолаан бойобуой доҕордоһуу уонна дойдуну көмүскүүр иэспит биһигини, бэтэрээннэри, байыаннай дьайыыга  төнүннэрэ турар.

Уратылара

 Кэлиҥҥи командировкаларыҥ бастакыттан төһө уратылаахтарый?

— Эрдэ эппитим курдук, бастакы командировкам Харьков уобалаһыгар окуопаларга ааспыта. Саха сирин “Боотурун” позициятын иннигэр кылабыыһа, онтон 800‑чэ миэтэрэ курдукка националистар позициялара бааллара. Артиллерия уонна танкистар “двухсотай” биригээдэлэрэ диэн ааттанар Арассыыйа аармыйата кэннибитигэр ыраах турбута. Ол эбэтэр, сахалар окуопаларга бастакы лииньийэлэр этибит.

Иккис, үһүс уонна төрдүс командировкаларым өстөөхтөн 5–7 килэмиэтиргэ баар госпиталларга ааспыта. Төрдүс командировкам — биһиги байыастарбыт Запорожье уобалаһын Работино с. анныгар кыһыҥҥы актыыбынай кимэн киириилэрин кэмэ этэ. Бааһырбыттар, ордук уллуҥахтарын уонна атахтарын миинэҕэ дэлби тэптэрбит байыастар элбэхтэрэ. Мин, уллуҥаҕы быыһыыр хайыы үйэ кыаллыбатын, онон быһарга күһэллэрбин хаста да быһаара-быһаара салгыы атахтарын быһаттыырга тиийбитим… Бу уйулҕа өттүнэн олус-олус ыарахан. Ол иһин, бэһис уочараттаах командировкабын быһаарар кэм кэлбитигэр, 58‑с аармыйаттан хирург быһыытынан хантараакка ыҥырбыттарыгар аккаастаммытым уонна чуҥнуур-кимэн киирэр биригээдэҕэ баҕа өттүбүнэн киирбитим. Кимэн киириигэ сөбүлэһэргэ өлбүт байыаннай доҕотторбун иэстэһэр уонна байыаннай дьайыыга кыттыыбын окуопаҕа (Харьковка саҕалаабытым курдук) түмүктүүр баҕа санаам көҕүлээбитэ.

Үөрэтэр полигоҥҥа 150 биир дойдулаахтарым ортолоругар мин соҕотох саха этим¸ сыал ытыытыгар бастыырым. Ордук снайперга орто көрдөрүү — 300–500 миэтэрэттэн ытыы табыллара. Инструктордар уонна хамандыырдар этэллэринэн, “туйгун түмүгү” Арассыыйа аармыйатын “АК‑12” саҥа аптамаатынан көрдөрбүтүм. Ытар сиргэ көрдөрүүм кэнниттэн хамандыырым идэбин уларытарбар — эмчиттэн снайперга көһөрбөр сорудахтаабыта (күлэр). Кэлин миэхэ өссө пулеметчик дуоһунаһын эбэн биэрбиттэрэ.

(салгыыта бэчээттэниэ).

+1
23
+1
3
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: