Болҕомтоҕо – Уһук Илин устун мүччүргэннээх сырыы
Бу күннэргэ дойду социальнай ситимнэригэр “Уһук Илин – мүччүргэннээх сырыы дойдута” (“Дальний Восток – Земля приключений”) Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус иккис сезонугар дьүүллүүр сүбэҕэ 37 киинэ киирбитин туһунан иһитиннэрдилэр.
Куонкуруска Саха сириттэн Өймөкөөн сылгыһыта кыттан миэстэлэспитэ
Дойду үрдүнэн ыытыллар Уһук Илин устун айан куонкурус РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – РФ Бэрэсидьиэнигэр Уһук Илин уокуругун боломуочунайа Юрий Трутнев көҕүлээһининэн ыытыллар. Суолталаах тэрээһини РФ Илиҥҥи сайдыытын министиэристибэтэ, “Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын корпорацията”, “Социальнай көҕүлээһин сайдыытын пуондата” кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ өйүүллэр. Информационнай партнер быһыытынан ТАСС, РИА Новости, «Комсомольская правда», «Аргументы и Факты», ВКонтакте уо.д.а. кытталлар.
Дугуйдан Магадааҥҥа сырыытынан кыттыбыта
Куонкуруска кыттыыларынан көрдөххө, Сахалин уобалаһын, Хабаровскай кыраай, Амурскай уобалас, Магадаан олохтоохторо ордук элбэхтик айаҥҥа сылдьаллар, айылҕаҕа сынньаналлар эбит. Москва уонна Московскай уобалас, Иркутскай, Калужскай, Киров уонна Рязань уобаластарын олохтоохторо Уһук Илиҥҥэ эмиэ элбэхтик айанныылларын кинилэр куонкуруска ыыппыт үлэлэрэ туоһулууллар.
Былырыын бу суолталаах куонкуруска Саха сириттэн Дугуйдан Винокуров кыттан, үһүс бириистээх миэстэҕэ тиксибитэ. Уопсайа 200 кыттааччы араас ис хоһоонноох айаны устубуттарын ыыппыттарыттан, Өймөкөөн улууһун Үчүгэй нэһилиэгин сылгыһыта олунньуга тымныы саамай сатыылаан турдаҕына, тоҥуу хаар устун Магадаан уобалаһыгар атынан айаннаабытын ыыппыта. «Бу олус кэрэхсэбиллээх куонкурус. Биһиги дойдубут кэрэ көстүүлэрин, айанньыкка араас кэрэ хартыына аһылларын көстүүтэ. Саамай үчүгэйэ диэн, манна ким баҕалаах кыттыан сөп. Саас эмиэ хааччахтаммат”, – диэн Дугуйдан Винокуров бириистээх миэстэҕэ тиксэн баран, санаатын үллэстибитэ.
Куонкурус ирдэбилэ
Куонкуруска Арассыыйа уонна Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторо кытталлар. Ирдэбил быһыытынан 10 саастан ыла кыттыахха сөп. 18 сааһын туола илик ыччат төрөппүтүттэн эбэтэр сокуоннай бэрэстэбиитэлиттэн көҥүл сурук ылар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ 2022 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн 2024 сыл ахсынньы 30 күнүгэр диэри сылдьыбыт айаны устан ыытыахтаахтар. Биир сүрүн ирдэбил – куонкурус кыттааччыта айанын саҕалыан иннинэ 10 күн иһигэр төлөпүөнүнэн, суругунан, почтанан РФ Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтигэр айанныырын туһунан иһитиннэриитин хайаан да ыйыахтаах. Айаҥҥа мотуордаах тиэхиньикэ туттуллуо суохтаах. Киинэ 8 мүнүүтэттэн уһаабат. Кыттааччы хас биирдии номинацияҕа биир эрэ киинэнэн кыттар уонна биир эрэ номинацияҕа кыайар кыахтаах.
Күрэхтэһии үс хайысханан ыытыллар – сиринэн (сатыы хаамыы, бэлисипиэтинэн айан), уунан уонна кыһыҥҥы айан. Уһук Илиҥҥэ айан туһунан бастыҥ видеоролик сүрүн бирииһэ 3 мөлүйүөн солкуобай, номинациялартан биирдэстэригэр кыайыы иһин 1 мөлүйүөн солкуобайы ылыахха сөп, 2-с миэстэҕэ – 300 000 солкуобайы; 3 миэстэ – 100.000 солк. Маны таһынан, Чукотка автономнай уокуругун губернатора Владислав Кузнецов эбии 1 мөлүйүөн солкуобайы анаата.
Дьүүллүүр сүбэ
Бастыҥ видео-матырыйааллары дьүүллүүр сүбэҕэ телесуруналыыс, “Непутевые заметки” телешоу ааптара уонна ыытааччыта Дмитрий Крылов, Арктика айанньыта, видеоблогер Богдан Булычев, тэлэбиидэнньэ ыытааччыта Вальдис Пельш, “Больше, чем путешествие” бырайыак ааптара Олеся Тетерина, РФ Судаарыстыбаннай Думатын дьокутаата, “Как устроен мир” биэрии ааптара уонна ыытааччыта Тимофей Баженов, VK Places бырайыак продюсера Никита Афиногенов уонна да атын уопуттаах айанньыттар бааллар. Маны таһынан, үлэлэри сыаналааһыҥҥа куонкурус бастакы сезонун кыайыылаахтара Елена Поддубная, Эрнест Леонидов, Алиса Слыщенко кыттыахтара.
Дьон куонкурус туһунан билбэт
Хомойуох иһин, Саха сирин устун сиринэн (сатыы хаамыы, бэлисипиэтинэн айан), уунан уонна кыһын айанныыр дьон маннык улахан суолталаах тэрээһин туһунан билбэттэр эбит. Ол туохтан көһүннэ? Холобура, бу күннэргэ маннык конкурус баарын саҥа биллилэр. Сиһилии кэпсээбиппэр, кэрэхсээтилэр аҕай уонна айаннарын сиһилии устан иһиэх буоллулар уонна “куонкурус балаһыанньатын үчүгэйдик үөрэтэн көрүөхпүт уонна кыттыахха баар эбит” диэтилэр.
Туризм уутуйан туран сайдан эрэр түөлбэтин быһыытынан биллэр Хаҥалас улууһугар бу салааҕа олохтоохтук ылсан үлэлэһэр Булгунньахтаах нэһилиэгин баһылыга Айталина Васильева “Булгунньахтаахтан айылҕа кэрэ көстүүлэригэр, Элэһиҥҥэ, Буотумаҕа, Бизонарийга, Суруктаах аартыкка, Дириҥ үрэххэ, Өлүөнэ очуостарыгар айаннаан тиийэллэр. Онон ити суолталаах куонкуруска биһиги да дьоммут кыттыахтарын сөп эбит. Мантан инньэ үлэ ыытыахпыт”, – диэн санаатын тиэртэ.
Оттон Өймөкөөн улууһугар туристары илдьэн, араас айаны тэрийэр Түмэн Кырыарба бу тэрээһин туһунан эмиэ саҥа иһиттэ. “2015 сылтан туризмынан дьарыктанабын. Оттон саамай араас айаны тэрийэр мин буоллаҕым. Сэргии иһиттим. Ити куонкурус балаһыанньатын үөрэтиэм” диэн бэлиэтээтэ. Онон бу матырыйаалбын аахпыт дьон эмиэ интэриэһиргээн, бу куонкуруска кыттыахтара диэн эрэнэбин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: