Больничнай илиис төлөбүрүн ааҕыллыыта уларыйар
10.01.2025, 17:20
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:
2025 сылга больничнай илиис босуобуйатын кээмэйэ улаатар.
Больничнай илиис төлөбүрэ күҥҥэ 5 673,97 солк. диэри ананыаҕа, диэн Социальнай пуондаҕа иһитиннэрдилэр. Больничнай илиис ааҕыллыытыгар икки инники сыллааҕы орто хамнас төлөбүрүн кээмэйэ ылыллар.
Босуобуйа кээмэйэ страховой ыстаастан уонна хамнас кээмэйиттэн тутулуктаах:
- 8 сылтан ордук ыстаастаахтарга — 100%;
- 5-тэн 8 сылга диэри ыстаастаахтарга — 80%;
- 5-тэн кыра ыстаастаахтарга -60%.
8 сыл ыстаастаахтарга ыйдааҕы босуобуйа муҥутуур кээмэйэ -172 488,69 солк. буолар. Хамнас төлөбүрэ хамнас алын кээмэйиттэн (МРОТ) кыра эбэтэр үлэ ыстааһа алта ыйтан намыһах буоллаҕына, орто хамнаһы МРОТ кээмэйинэн учуоттанан ааҕыллар. Бу сылга МРОТ кээмэйэ — 22 240 солк. тэҥнэһэр.
+1
9
+1
+1
+1
2
+1
1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: