Больничнай илиис төлөбүрүн ааҕыллыытын уларытыахтарын баҕараллар

Share

Судаарыстыбаннай Дуумаҕа дойду үрдүнэн больничнай илиистэри толуйуу төлөбүрдэрин бэрээдэгин уларытарга, кэнники икки сыллааҕы орто хамнас кээмэйинэн 100%-нан ааҕарга, сыл ахсын индексациялыырга уонна НДФЛ нолуоктарыттан босхолуурга этии киллэрдилэр.

Маннык этиилээх РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин аадырыһыгар «Сиэрдээх Арассыыйа — Кырдьык иһин» баартыйа фракциятын баһылыга Сергей Миронов таҕыста.

«Гражданнар доруобуйа харыстабылын уонна социальнай көмүскэлгэ бырааптарын көмүскүүр сыалтан больничнай илиис толуйуу төлөбүрдэригэр уларытыылары киллэрэр кыаҕы көрүөххэ наада. Билигин больничнай илиис толуйуутун төлөбүрэ үлэһит икки сыллааҕы орто хамнаһын сууматыттан бырыһыанынан ааҕыллар, оттон кээмэйэ үлэ ыстааһыттан көрөн  тутулуктанар. Маны таһынан больничнай илиис толуйуутун төлөбүрүттэн НДФЛ нолуоктанар», — диэн Сергей Миронов этиитин «Известия» иһитиннэрэр.

Миронов маны сэргэ, бу быраабыла гражданнар кыһалҕаларын учуоттаабат, төлөбүрэ больничнай илиис сабыллыбытын кэннэ эрэ ааҕылларын бэлиэтээтэ. Ити курдук бу балаһыанньа билигин ыарыы кэмигэр ыарыһах наадалаах эми атыылааһарыгар күчүмэҕэйдэри үөскэтэр.

 

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сылаас сыһыан, кыһамньы — кырдьаҕастарга бу дьиҥнээх үөрүү, дьол

В.П.Решетников аатынан кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-дьиэлэригэр олорооччулар күннэрэ бэйэ-бэйэтигэр маарыннаһар: биир кэм бэрээдэктээх күннэр,…

6 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

КЭПСЭЭННЭ ИСТИЭҔИҤ: Өтөх төҥүргэстээх (аудио)

sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа  Ульяна Захарова "Өтөх төҥүргэстээх"  …

16 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Суут быһаарыытынан үлэһиккэ биэс мөлүйүөнтэн тахса солкуобай хамнас төлөннө

Нерюнгри оройуонун салаатын суут бириистэптэрэ биир тэрилтэттэн рекорднай суумалаах хамнаска иэһи ирдээтилэр. Нерюнгри олохтооҕо таҥастыыр…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Былыргылыы баататтан оонньуур

Хаар курдук маҥан, сымнаҕас баататтан саамай дьикти, ураты оонньуурдар былыр харыйаны киэргэтэллэрэ. Ол курдук, 30-с…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Улуустарынан Саҥа дьыллааҕы ас-үөл сыаната төһөнүй?

Cаҥа дьылга хас биирдии дьиэ кэргэн үгэс быһыытынан баай, дэлэгэй астаах-үөллээх остуолун тула олорон, ааһан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«РИК» бөлөх хампаанньалар 2025 сыллааҕы былааны бары хайысхаларынан толордулар

«РИК» бөлөх хампаанньалар көмүс уонна хорҕолдьун хостооһунугар, суол уонна хапытаалынай тутууга үтүө көрдөрүүлэри ситистилэр. 2025…

2 часа ago