Больничнай илиискэ саҥа бэрээдэги киллэрэн эрэллэр
Кэлэр 2025 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн РФ Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин бирикээһинэн бигэргэтиллибит больничнай илииһи толоруу саҥа быраабылата киириэҕэ. Туох уларыйыы?
Уларыйыы элбэхтик больничнайга барар дьоҥҥо сыһыаннаах. Өскөтүн үлэһит сыл аҥаарыгар быстах кэмҥэ үлэлээбэтин туһунан түөртэн элбэхтик больничнай толортобут буоллаҕына, үс күн эрэ больничнай бэриллиэҕэ, салгыы уһатыыны быраас хамыыһыйата быһаарыаҕа. Бу туһунан РГ саайтыгар суруйаллар.
Маныаха больничнай уопсай ахсааныгар ыалдьан олорор оҕону эбэтэр кырдьаҕас аймаҕы көрүүнү, ону тэҥэ, доруобуйаны чөлүгэр түһэриини киллэриэхтэрэ суоҕа диэн ыйаллар. Саҥа быраабылаҕа ыарахан ыарыылаахтар (холобур, искэн, күннэтэ диализ ирдэнэр бүөр ыарыһахтар) хапсыбаттарын суруйаллар.
Бирикээс бырайыага нуорма-быраап аакталарын порталыгар тахсыбыт. Билиҥҥитэ уопсастыбаннай ырытыы түһүмэҕэ түмүктэннэ, бары этиилэри учуоттаан министиэристибэ салгыы докумуону оҥоруоҕа. Бу туһунан сиһилии РГ саайтыгар ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: