Больничнай илиискэ саҥа бэрээдэги киллэрэн эрэллэр

Share

Кэлэр 2025 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн РФ Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин бирикээһинэн бигэргэтиллибит больничнай илииһи толоруу саҥа быраабылата киириэҕэ. Туох уларыйыы?

Уларыйыы элбэхтик больничнайга барар дьоҥҥо сыһыаннаах. Өскөтүн үлэһит сыл аҥаарыгар быстах кэмҥэ үлэлээбэтин туһунан түөртэн элбэхтик больничнай толортобут буоллаҕына, үс күн эрэ больничнай бэриллиэҕэ, салгыы уһатыыны быраас хамыыһыйата быһаарыаҕа. Бу туһунан РГ саайтыгар суруйаллар.

Маныаха больничнай уопсай ахсааныгар ыалдьан олорор оҕону эбэтэр кырдьаҕас аймаҕы көрүүнү, ону тэҥэ, доруобуйаны чөлүгэр түһэриини  киллэриэхтэрэ суоҕа диэн ыйаллар. Саҥа быраабылаҕа ыарахан ыарыылаахтар (холобур, искэн, күннэтэ диализ ирдэнэр бүөр ыарыһахтар) хапсыбаттарын суруйаллар.

Бирикээс бырайыага нуорма-быраап аакталарын порталыгар тахсыбыт. Билиҥҥитэ уопсастыбаннай ырытыы түһүмэҕэ түмүктэннэ, бары этиилэри учуоттаан министиэристибэ салгыы докумуону оҥоруоҕа.  Бу туһунан сиһилии РГ саайтыгар ааҕыҥ.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: матасыыкылынан массыынаҕа кэтиллибит

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу алта түбэлтэтэ бэлиэтэммит. Борокуратуура буруйу оҥорууларынан процессуальнай бэрэбиэркэлэри уонна холуобунай…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

66 чаас устата тохтоло суох барбыт магнитнай буурҕа түмүктэннэ

«Магнитнай буурҕа бүттэ, геомагнитнай индекстэр күөх зонаҕа төнүннүлэр», — диэн РНА Космическай билим-чинчийэр институтун Күн…

25 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Александра Турантаева: «Саха сирэ — дьоруойдар дойдулара» бырагыраама туһунан

СӨ Ил Дархан иһинэн үлэлиир Инновационнай менеджмент үрдүкү оскуолатын үлэһитэ Александра Турантаева "Саха сирэ --…

50 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Урут бииргэ үлэлээбит киһитигэр көмөлөһөөрү

Дьокуускайга олорор биэнсийэлээх дьахтар урут бииргэ үлэлээбит кэллиэгэтигэр көмөлөһөөрү түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбит. Ол түмүгэр,…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыастарга 1200 тахса баһыылканы тиэртилэр

Саха сириттэн сылдьар байыастарга тирэх пууннарынан 1248 баһыылка тиэрдилиннэ. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үс эһэчээни Владивостокка ыытыахтара

Бэҕэһээ, бэс ыйын 3 күнүгэр, Мииринэйтэн Дьокуускай аэропордугар АЛРОСА авиахампаанньа үс эһэни аҕалла. Ийэтэ суох…

2 часа ago