Салгыы
«Больничнай» муҥутуур кээмэйэ үрдээтэ

«Больничнай» муҥутуур кээмэйэ үрдээтэ

16.01.2023, 18:28
Бөлөххө киир:

Тохсунньу 1 күнүттэн “больничнай” лиис суумата үрдээтэ. Ону тэҥэ, быйылгыттан ыла “больничнайы” электроннай көрүҥүнэн эрэ оҥорор буолуохтара.

2022 сыллаахха “больничнай” лиис муҥутуур кээмэйэ, НДФЛ нолуогун учуоттаабакка туран, күҥҥэ 2572,6 солкуобайга тэҥнэһэр этэ (ол аата үлэһит илиитигэр күҥҥэ 2238 солкуобайы, икки нэдиэлэ устата муҥутаан 31 340 солкуобайы ылара).

Онтон быйыл муҥутуур кээмэйэ күҥҥэ 2736,99 солкуобайга тэҥнэстэ. Босуобуйа кээмэйэ үлэһит ыстааһыттан уонна орто хамнаһыттан тутулуктаах.  Аҕыс сылтан кыра ыстаастаах киһи «больничнайын» суумата намыһах буолар. Холобур, ыстааһа 5 сылга тиийбэт буоллаҕына, дохуотун 60%-на, 5-8 сыл — дохуотун 80%-на төлөнөр. 8 сыл ыстаастаахтарга дохуотун 100%-на төлөнөр. 10 күн ыалдьыбытын кэннэ, суумата мантан өссө намтыыр. Үлэһит икки кэнники сылга төһө хамнастааҕа, социальнай страховкаҕа төһө усунуоһу төлөөбүтэ учуоттанан, ааҕыллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 апреля
  • -3°C
  • Ощущается: -10°Влажность: 50% Скорость ветра: 8 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: